100 харахтаах дуобакка Николай Кычкин кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир 2024 сыл  олунньу ыйын 21-25 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллар

Саха сиригэр дуобат спордун сайдыытыгар Кычкиннар дьиэ кэргэн сүҥкэн оруоллаахтар. Ийэлэрэ Мария Никитична Бырдыннырова, аҕалара Николай Кычкин Россия, СР үтүөлээх тренердэрэ, отучча сыл устата оҕолору дуобакка дьарыктаан республика, Россия, Аан дойду чемпионнарын, призердарын иитэн таһаардылар. Николай Николаевич – спорт маастарыгар кандидат, 100 харахтаах дуобакка республика үс төгүллээх чемпиона (1965, 1971, 1972 сс). Мария Никитична – спорт маастарыгар кандидат, дьахталларга 100, 64 харахтаах дуобакка республика чемпиона (1980, 1988 сс).

Төрөппүттэрин утумнаан уолаттара — спорт маастардара, дуобатынан дьарыктаналлар, оҕолору эрчийэллэр. Николай Николаевич-II – 100 харахтаах дуобакка республика чемпиона. Василий Николаевич – 64 харахтаах дуобакка оҕолорго, эдэрдэргэ Аан дойду чемпиона, Саха сирин хамаандатын састаабыгар 100 харахтаахха Россия, 64 харахтаахха Россия, Аан дойду чемпиона.

Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, Покровскай к.