Дмитрий Гуляев аатынан спартакиадаҕа «Урааҥхай» бастаата

Үлэҕэ, спортка – көхтөөхтүк

Быйыл Покровскайга тэрилтэлэр икки ардыларыгар спорт араас көрүҥнэригэр РФ физическэй култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Д.Д.Гуляев аатынан үгэскэ кубулуйбут спартакиада буолан ааста. Бу маннык курэхтэһии элбэх холбоһук тэрилтэлэри хабан бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. И.М.Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын уонна «Сахатранснефтегаз» хампаанньа Хаҥаластааҕы учаастагын тэрилтэлэрэ «Урааҥхай» холбоһук хамаанданан табыллан кыттаннар 9 хамаандаттан кыайыылаах таҕыстылар.


Бу кыайыыга бэйэлэрин кылааттарын элбэх улэһит киллэрдэ. Оттон көҕүлүүр, тэрийсэр дьонунан тэрилтэлэр салайааччылара С.С.Шишигин, Д.Г. Муксунов буолбуттара саарбаҕа суох. Кинилэр бэйэлэрэ спартакиада хас да көрүҥнэригэр кыттан дьонноругар холобур, кэлэн көрөн-истэн, ыалдьан, көх-нэм буолбуттарын биһириэххэ эрэ сөп. Спартакиаданы таһынан Спиридон Спиридонович сааһын аахсыбакка улуус дириэктэрдэрин спортивнай күрэхтэһиитигэр быйыл үһүс төгүлүн кыайан турар.

Тэрилтэлэрин, хамаандаларын туһугар үлэһиттэр тус бириэмэлэрин аахсыбакка үлэ быыһыгар дьарыктаммыттарын, өрөбүллэргэ кыттыбыттарын бэлиэтиэххэ наада. Бу маннык сыһыан хас үлэһит киһиэхэ барытыгар баар буолбатах, ким эрэ обществннай олохтон туора туран хаалар, улахаҥҥа уурбат, кыраҕа кыһаллыбат. Оттон ити кыра өрүттэртэн Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, таптал, ыарахан түгэннэргэ көмүскээһин иитиллэн тахсара саарбаҕа суох.


«Урааҥхай» хамаандабытыгар саамай элбэх мэтээли ылан кыайыыга сүҥкэн сыраларын, дьулуурдарын биэрбит дьоммутун билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Владимирова Лена Виссарионовна, дьахталлартан алта мэтээллээх. Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыгар 12 сылын оҕолору минньигэс, иҥэмтэлээх бурдук аһын астыыр кондитер.
Лена үлэлиир оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн ийэтигэр Анна Николаевнаҕа урукку сылларга минньигэс бурдук ас арааһынан бэркэ аатырбыт кондитерскай сыахха ас астыырга көмөлөһө үөрэммитэ. Онон Лена этэринэн, асчыт-кондитер идэтин сатабыла оҕо эрдэҕиттэн иҥмит, бу идэ бэйэтэ кыысчааны талбыт.
«Үлэбин сөбүлүүбүн. Үлэбэр саамай ирдэнэрэ – ас хаачыстыбата буолар. Астыыр бородууктаҥ сууйуута, хараллыыта – барыта бэрээдэктээх буолуохтаах. Оччоҕо эрэ астыыр аһыҥ дьон доруобуйатыгар буортута суох, иҥэмтэлээх уонна минньигэс буолар», — диэн санаатын үллэстэр Лена. «Бу маннык спартакиада тэриллэрэ олус үчүгэй. Убаастыыр, сөбүлүүр учууталым Дмитрий Гуляев аатынан спартакиадаҕа үчүгэй көрдөрүүлээх кыттыбыппыттан олус астынабын. Дмитрий Дмитриевич киһи быһыытынан олус сымнаҕас, үтүө санаалаах этэ, кинини оҕо барыта ытыктыыра, сөбүлүүрэ, истэрэ», — диир Лена. Лена Виссарионовна үс уол оҕолоох, икки улахаттара спордунан дьарыгыраллар. Спартакиадаҕа сыһыаннаах туох итэҕэс-быһаҕас баарый диэн ыйытыыбар, ханаат тардыһыытыгар спортсменнар уопсай ыйааьыннарыгар хааччах баара буоллар диир. Билигин улахан ыытыллар күрэхтэргэ ол ирдэбили тутуһаллар эбит. Сорох ардыгар үлэ быыһыгар эрчиллэргэ бириэмэ көстүбэккэ, дьарыктара ситэтэ суоҕун бэлиэтээтэ. Дьиҥэ, үчүгэй дьарык элбэҕи быһаарар буоллаҕа. «Хата урут аҕам саахымакка үөрэппит сатабылларын умнубатах эбиппин, билигин төлөпүөммэр саахымат оонньуу сыһыарыытынан оонньуубун, аралдьыйабын»,- диир Лена.

Скрябин Ньургун Сергеевич, «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ салаатын үлэһитэ, аҕыс мэтээллээх. Күөрдэм нэһилиэгиттэн төрүттээх. 2008 сыллаахха ДьГТХ академиятын бүтэрэн инженер-механик идэтин ылбыт. 2022 сыллаахтан бу тэрилтэҕэ слесарынан (ЭРГО) үлэлиир. «Үлэбин сөбүлүүбүн. Мин үлэм сүрүн ирдэбилинэн күөх оттугунан үлэлиир тэриллэр нэһилиэнньэҕэ куттала суох буолалларын хааччыйыы. Үлэм олус эппиэтинэстээх. Биһиги тымныы сиргэ олорор буоламмыт, дьиэни ититэр тэриллэр сөпкө үлэлииллэрэ ирдэнэр, ол аата дьон олоҕо биһигиттэн эмиэ тутулуктаах.
Бу маннык спортивнай күрэхтэргэ кыттарбын сөбүлүүбүн. Быйылгы спартакиадаҕа уон көрүҥҥэ кыттаммын аҕыс мэтээллээхпин. Ордук теннис уонна волейбол көрүҥнэрин ордоробун. Покровскай куораппытыгар үгэскэ кубулуйбут спартакиада ыытыллара олус үчүгэй, наадалаах. Бэйэм түөрт оҕолоохпун. Икки улахан уол ох саанан дьарыктаналлар», — диэн санаатын үллэстэр.
Бэйэм эбэн этэр эбит буоллахпына, бу кэпсэппит дьонум Лена да, Ньургун да олоххо сүрдээх көхтөөх, үөрэ-көтө сылдьар дьон. Ньургун дьээбэ-хообо саҥатынан, үөрунньэҥ майгытынан хамаандабыт биир солбуллубат, бары билэр киһибит буолбута. Тыҥааһыннаах киирсиилэргэ кыыһырсыбакка, санааны көтөҕөр, уоскутар, сорох ардыгар дьээбэлэһэн да ылар олус туһалаах буолааччы. Биир бэйэм куораппытыгар бу маннык спартакиада тэриллэрин олус биһириибин. Дьон үлэнэн, дьиэнэн эрэ муҥурдаммакка чөл олоххо кыттыһан, эттэрин-сииннэрин эрчийэн дьарыктаналлара туһалааҕа биллэр. Дьон иллээх, сомоҕолоһуулаах, олоххо көхтөөх буолалларыгар төһүү күүс буолар.
И.М.Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх орто оскуолата быйыл спартакиада саамай үчүгэй көрдөрүүлээх спортсменнарыгар бэйэтэ анал бириистэрин олохтоон туттарда. Ол курдук анал бириистэринэн атын хамаандалар спортсменнара Иван Никитин, Анна Кельцинова наҕараадаланнылар. Спиридон Спиридонович бу маннык үтүө үгэһи кэлэр өттүгэр атын хамаандалар өйүөхтэрэ, салҕыахтара диэн эрэбилин биллэрэр.
Дьэ ити курдук үлэни уонна спорду дьүөрэлээн биһиги ытыктыыр учууталбыт, кэллиэгэбит Д.Д.Гуляев аатынан спартакиаданы ситиһиилээхтик түмүктээтибит. Кэлэр өттугэр бу маннык үтүө үгэстэрбит, спортка көхтөөх сыһыаммыт өссө да сайдыаҕа, күүһүрүөҕэ диэн эрэнэ хаалабын.

Сардаана Кириллина, Покровскай к.

Читайте дальше