Сиинэҕэ эргиэҥҥэ үлэлээн ааспыттара

Раиса Пухова, Надежда Егорова

Дьыл-хонук ааһан истэҕин аайы олохпут хаамыыта уларыйар. 90 сыллардаах кэмнэри санаатахха, киһи эмиэ да хараастар, эмиэ да сөҕөр. Араас уларыйыылары тулуйан, ааһан бу күҥҥэ кэллэхпит дии. Тэрилтэлэр олохтоммут тутуллара уурайан үлэтэ, дьиэ кэргэннэрин аһатар, иитэр кыахтара суох хаалаллара ыарахан этэ. Нэһилиэкпит эргиэҥҥэ үлэһиттэрэ үлэтэ суох хаалан, бэйэлэрэ соҕотохтуу хамсанан, тобулан, уулуссаҕа олорон атыылыырга күһэллибит кэмнэрэ баара… Бу дьон үлэлээн-хамсаан, олох хаамыытын кытары тэҥҥэ барсан, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннарын уларыппакка, оччоттон үлэ бириэмэтин тутуһан, дьон ирдэбилин толорон кэлэн, билигин номнуо эһээ, эбээ буолан олороллор. Кинилэри истиҥ тылларынан ахтарбыт, кыратык да буоллар кэпсээн ааһарбыт сөп дии саныыбын.
Ытыс үрдүгэр көрсөн, төннөрүүтэ суох араас босхо көмөлтөнү көрсүбэтэх үлэһиттэр кинилэр буолуо. Күчүмэҕэй суоллаах-иистээх, ыраах кытыы сытар нэһилиэктэргэ күннээҕи наадалаах аһы-үөлү, табаар араас көрүҥүн, тутуу матырыйаалыгар тиийэ таһан, хааччыйан кэллэхтэрэ аҕай дии. Хортуоппуйу нэһилиэнньэттэн тутан, көтөҕөн-сүгэн, атастаһан үлэ бөҕөтүн үлэлээтэхтэрэ. Дьиэ кэргэн тутулун бигэтик бүөбэйдээн, оҕолорун улаатыннаран, үөрэхтээх үлэһит оҥортоон, билигин сиэннэрин көрсөн үөрэ-көтө түбүгүрэллэр.
Баҕар ким эмэ «бэйэлэрин туһугар үлэлээминэлэр» диэҕэ. Үлэ! Оччого үлэ суолтата тугуй диэххэ сөп, дии. Үлэһит диэҥҥэ кинилэр бары өттүнэн эппиэттииллэр диибин. Түөстэригэр кылабачыгас мэтээллэри анньымматаллар да, «баһыыба», «махтал!» диэн кылгас тыллары истэн күнүн аайы үөрэллэрэ буолуо. Бу — Пухова Раиса Леонидовна, Егорова Надежда Анатольевна.
Раялаах Надя Сиинэ оскуолатын бүтэрэн, атыы-эргиэн үөрэҕэр үөрэнэн үлэлэрин саҕалаабыттара. Элбэх оҕолоох иллээх дьиэ кэргэҥҥэ улаатан дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаны, бэйэ-бэйэҕэ кыһаллар, үлэҕэ бэриниилээх буолуу диэн хаачыстыбаны ийэлээх аҕа иитиититтэн иҥэриммиттэрэ биллэр. Хайа уонна биир үөрэр өрүппүтүнэн буолара буолуо дии саныыбын — үлэһит күтүөттэри дойдубутугар хаалларан, тарбахха баттанар, үтүө мааны ыаллардаахпытынан!
Доруобай буолуҥ, үөрэ-көтө көрсүҥ олох хас биирдии күнүн, бэлэхтээҥ истиҥ мичээргитин дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр. Үлэ таһаарыылаах, өйөбүллээх буоллун, бииргэ үлэлиир кэргэттэргитинэн, дьүөгэлэргитинэн!

Лариса Леверьева.