Психолог Анна Иванова байыаннай госпиталга үлэлээн кэллэ

Покровскайтан Анна Иванова СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччат социальнай-психологическай киинин Хаҥаластааҕы салаатын педагог-психолога байыаннай госпиталга волонтер быһыытынан Ростов-на-Дону куоракка баран үлэлии сылдьарын туһунан хаһыаппыт 21-с №-гэр суруйбуппут. Аҕыйах хонуктааҕыта дойдутугар эргилиннэ, уоскуйа түспүтүн кэннэ сонунун иһитиннэрэригэр көрдөстүм:
— Психолог Туйаара Окоемовалыын Саха өрөспүүбүлүкэтин ыччат министиэристибэтин тэрийиитинэн Ростов-на-Дону куоракка байыаннай-клиническэй госпиталга баран идэбитинэн биир ый үлэлээн кэллибит. Туйаара Уус Алдан улууһуттан төрүттээх, Аммаҕа үлэлии сылдьар психолог. Биһиги бу иннинэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин көҕүлээһининэн Москваҕа баран 40-ча буолан үөрэммиппит, байыаннайдарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмөнү оҥорууга. Онон син бэлэмнээх этибит. Бу госпиталга араас эчэйиилээх саллааттары кыргыһыы толоонуттан аҕалаллар, ол иһигэр сахалар да бааллара, уҥуох тостуулаах, контузиялаах эмсэҕэлээбиттэри, сүһүрүүлээхтэри. Онно бастакы психологическай көмөнү оҥорор этибит. Бу госпиталтан эчэйиилэриттэн көрөн быраастар быһаарыыларынан сорохторун атын куораттар клиникаларыгар атаарарбыт. Уустук үлэ этэ…

— Хайдах көмөлөстүгүт? Үлэҕит түмүктээх этэ дуо?

— Биллэн турар, уоскутан, эрэли саҕан, тугу дьаһанары быһааран көмөлөһө сатаатыбыт. Саллааттар туруктара түмүгэр тупсара. Истэригэр тута сылдьалларын кэпсээн, уоскуйан уулара алдьаммыттартан син утуйар буолбуттар да бааллара. Саха уолаттара ийэ тылларынан кэпсэтэн салгыы эмтэнэргэ, олорорго санаалара бөҕөргүүрэ. Сорохторун кытары хаттаан кэпсэтэн көмө өҥө бэрээдэгин билиһиннэрдибит, элбэх консультацияны биэрдибит. Саха сириттэн сылдьааччыларбытыгар төһө кыалларынан көмөлөһөрбүт. Билигин даҕаны сорохторун кытары телефонунан салгыы сибээстэһэбит дьоннорун кытары эмиэ сибээстэһэрбит. Биир кэлим сүрүннүүр киини, чуолаан Вера Петровна Душкевиһы кытары, сүбэлэһэн үлэлээтибит. Үлэлээбит госпиталбыт улахан этэ, хас да салаалааҕа – 15 хирургическай, 15 терапевтическай, 2 реанимация о.д.а. Биһиги итини таһынан гуманитарнай көмөнү уолаттарбытыгар тириэрдэрбит, докумуоннары оҥорууга көмөлөһөрбүт. Бу барыта кинилэргэ күүстээх санааны үөскэтэрэ.

— Атын рагионнартан ити госпиталга психологтар эҥин көмөҕө бааллара дуо?

— Биһиги курдук утумнаахтык үлэлииллэр суохтарын кэриэтэ, Бурятияттан, Чечняттан кылгастык кэлэн бараллара. Ыарахан кэмҥэ саллаакка көмөлөһөр, өйүүр биир дойдулааҕыҥ аттыгар баара олус бэрт буоллаҕа!

— Маннык көмө салҕанар дуо? Өссө бараҕыт дуо?

— Кииммититтэн кыра-кыралаан солбуһуктара ыҥыраллар. Саллааттарбытыгар көмө хайаан да наада. Бары бииргэ буолуохтаахпыт. Учоратым кэллэҕинэ хос госпиталларга үлэлии барыаҕым.

Людмила Аммосова.

Читайте дальше