«Кыымчаан» оҕо уһуйаана Улахан Ааҥҥа 1939 сыллаах тутуу дьиэҕэ аан бастаан үлэтин саҕалаабыт. Ол кэннэ 1960 сыллаахха эбии саҥа куорпус арыллан үс бөлөххө 70 оҕоҕо тиийэ миэстэлэнэн үлэлии олорбуппут, — кэпсиир сэбиэдиссэй Юлия Петрова, — 2021 сыл ахсынньытыгар 90 миэстэлээх саҥа уһуйаан тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Үгүс саҥа үлэ миэстэтин арыйан үлэһиппит ахсаана 39 буолла, урут 28 этибит. Саҥа таас дьиэбит олус үчүгэй! Билигин анал музыкальнай уонна физкультурнай тус-туспа саалалардаахпыт үлэлииргэ сүрдээх табыгастаах. Урукку сылларга бөлөхтөр истэригэр оҕолорбутун дьарыктыырбыт, саас, күһүн халлаан сылааһыгар уһуйаантан чугас турар оҕо спортивнай оскуолатын саалатыгар баран эрчиллэрбит. Билигин үлэлииргэ бары усулуобуйа баар буолла. Олус бэрт!»
Кырдьык, улахан-ааннар оҕолоро абыраныыҺыктар. Бөлөхтөр хосторо киэҥ-куоҥ, медицинскэй, смотровой кэбиниэттэр, изолятор диэн хос баар. Куукунаҕа ас астыырга бары усулуобуйа тэриллибит. Бары хосторго саҥа миэбэл, аныгы оборудование. Дьиэ толору хааччыллыылаах, сылаас, сырдык. Билигин тэлгэһэҕэ тутуулары ситэрии ирдэнэр. Оҕо уонна спортивнай былаһааккалары тэрийиэхтээхтэр. Үлэһиттэр туох кыалларынан салгыы тэристэн сайылаатылар. Кирээдэ таһааран моркуоп, сүбүөкүлэ үүннэрдилэр, олбуор иһин сибэккинэн симээтилэр.
Аны аҕыйах күнүнэн «Кыымчаан» оҕо саҥатынан туолуо. Айымньылаах үлэ саҕаланыа. Тыа сиригэр маннык тутуулар олоххо киирэллэрэ кэскили түстүүр, дьон тохтоон олохсуйарыгар усулуобуйа тэриллэр.
Людмила Аммосова.
(Хаартыскалар — уһуйаан архыыбыттан).