Үөрэх дьыла саҕаланара чугаһаан үгүс оскуолалар өрөмүөн үлэтин түмүктээн, үөрэнээччилэри күүтэ, бэлэмнэнэ сылдьаллар. М.Е. Николаев аатынан Өктөмнөөҕү наука-үөрэхтээһин киинигэр 2022 сыллаахтан Үөрэхтээһин уонна наука министиэристибэтин федеральнай бырагыраамматынан, икки түһүмэхтээх хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ барбыта. Сүрүн үлэ былырыын муус устар 21 күнүттэн бэдэрээччиттэри кытта үлэ дуогабарыгар илии баттаһыыттан саҕаламмыта.
Бу күннэргэ оскуола бэлэм буолан, сырдык, саҥардыллыбыт хосторо оҕолору күүтэр. Икки сыллаах үлэ туһунан дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Дмитрий Большаков сырдатар:
— Оскуола дьиэтэ 1996 сыллаах тутуу. Бары билэргит курдук, бу оскуола биһиги ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев нэһилиэгэр бэлэҕэ. Билигин манна үлэлиир сорох үлэһиттэр урут бэйэлэрэ үөрэнэ сылдьыбыттара. Ол саҕана маннык таас, толору хааччыллыылаах үөрэх кыһата Сахабыт сиригэр ахсааннаах этэ. Онтон ыла, оннооҕор саҥа үйэҕэ үктэннибит, туох баар элэйэр, эргэрэр. Санатан этэр буоллахха, өрөспүүблүкэбит араас муннуктарыттан манна оҕолор кэлэн үөрэнэн, олоххо кынаттан барбыттара.
Хапытаалынай өрөмүөн былаана улахан этэ. Бастатан туран, туох-баар ис-тас ититиитэ, кырыыһата, муостата, ааннара, түннүктэрэ, уот-күөс уларытылыннылар. Өрөмүөн уопсай суммата 72 мөл. 800 тыһ.солкуобай. Үлэни барытын «Стройэнерго» ХЭТ оҥордо.
Маны таһынан 10 мөл.солкуобайга саҥа интеративнай дуоскалары, лабораторнай тэрили, миэбэли, остолобуой тэриллэрин, иһит-хомуос уо.д.а.атыыласпыппыт.
Билигиҥҥи испииһэгинэн саҥа үөрэх дьылыгар 261 оҕо үөрэҕи саҕалыа. Маны таһынан 8-9 кылааска атын улуустартан эбии оҕолору күүтэбит. Кинилэргэ анаан үрдүттэн олорорго дьиэ-уот баар.
Бары учууталлары, үөрэнээччилэри, туох баар үөрэх кыһатын үлэһиттэрин кэлэн иһэр саҥа үөрэх дьылынан эҕэрдэлиибин. Ситиһиилэри, үрдүк көрдөрүүлэри баҕарабын.
Татьяна Владимирова.