Ыраах сытар учаастактарга быыбар болдьоҕун иннинэ ыытыллар

Биир бастакынан атырдьах ыйын 30 күнүгэр Дьэр нэһилиэгин аанньа суола-ииһэ суох учаастактарыгар үлэлии сылдьар быыбардааччылары болдьоҕун иннинэ куоластата учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатыттан бэрэссэдээтэл Виктория Михайлова, солбуйааччыта Лариса Николаева, хамыыһыйа чилиэнэ Дыгын Кондаков, Прокопий Кондаков суоппардаах массыынанан бара сырыттылар. Бу туһунан Лариса ВикторовнаНиколаева иһитиннэрдэ:

Нэһилиэктэн тэйиччи сытар Боруочай, Үрүҥ Бас, Булгунньах, Эрэдьэп,Таба Өлөрбүт, Бөгөлучаастактарыгар сылгыһыттар, сүөһү көрөөччүлэр олороллор. Манна барыта 10 быыбардааччыбыт баарын куоластатан кэллибит. Төһө да кураан күннэр турдаллар, суол-иис олус уустук этэ, уопуттаах суоппарбыт Прокопий Дмитриевич ону аахсыбакка 200 килэмиэтирэ сири айаннатан дьоммутун быыбардаттыбыт.

Хаартыскаларга көрөҕүт Дьэр нэһилиэгин быыбардааччыларын — Уулаах Аантан саамай ыраах (сэлиэнньэттэн 80 км) Бөгөлгө олорор үлэлиир Филипп Сысоевы (хонууга), Үрүҥ Бастан сылгыһыт Роман Афанасьевы (дьиэтигэр).

Людмила Аммосова.

Хаартыскалар Лариса Николаеваттан, Виктория Михайловаттан.