Ийэ тыл кэскилин тула киэҥ кэпсэтии Хаҥалас учууталларын мунньахтарыгар буолла

Учууталлар атырдьах ыйынааҕы мунньахтара Покровскайга 3 нүөмэрдээх оскуолаҕа тэрилиннэ. Үөрэх ситимигэр судаарыстыбаннай политиканы олоххо киллэриигэ туһуламмыт саҥа ирдэбиллэр, үөрэх хаачыстыбатын тупсарыы тула киэҥ кэпсэтии, санаа атастаһыыта, уопуту үллэстии хас даҕаны хайысханан былаһааккаларынан ыытылынна. Олортон биирдэстэрэ төрөөбүт тылбытын сайыннарыыга ананна. Бу туһунан ааҕааччыларбытыгар Покровскайга соҕотох сахалыы эйгэлээх И.М.Яковлев аатынан 1 №-дээх орто оскуола саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Людмила Горохова сонунун үллэстэн суруйан ыытта. Билсиҥ, бастыҥ педагог, санаатын.

“Ийэ тыл кэскилэ”түһүлгэ

Хаҥалас улууһугар үөрэҕирии үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар “Ийэ тыл кэскилэ” диэн түһүлгэтэ үлэлээтэ. Түһүлгэни улуустааҕы үөрэҕирии сүрүн үлэһитэ В.А.Васильева салайан ыытта, барыта 41 киһи кытынна. Ол курдук, Хаҥалас улууһун баһылыгын дьаһалтатын иһинэн үлэлиир тыл сайдарыгар уонна харыстанарыгар үлэни салайар сүбэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Устинова К.И., Дьэр нэһилиэгин баһылыга Исаков Е.В., Покровскай бастакы нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Шишигин С.С., улуустааҕы бибилэтиэкэ салайааччыта И.И.Адамова, «Ийэ тыл” түмсүү чилиэннэрэ, уһуйаан иитээччилэрэ, алын кылаас, саха тылын уонна литературатын учууталлара үлэлээбиттэрэ.

Түһүлгэ икки түһүмэҕинэн салайыллан үлэлээтэ, бастакы түһүмэх “Хаҥалас улууһугар саха тылын эйгэтэ”, иккис түһүмэх “Саха тыла саҥа үөрэх ыстандаартыгар”. Бастакы түһүмэххэ Бырабыытылыстыба иккис нүөмэрдээх дьиэтигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи атырдьах ыйынааҕы учууталлар мунньахтарын иһинэн тэриллибит төгүрүк остуол үлэтин туһунан Покровскай бастакы нүөмэрдээх саха тылын уонна литературатын учуутала Горохова Л.М. билиһиннэрдэ. Мустубут дьон ”Концепция преподавания якутского языка, литературы и культуры в РС: от замысла к реализации» саҥа тахсыбыт кинигэни сэргии көрдүлэр-иһиттилэр, бэйэрин санааларын эттилэр. Бырабыытыластыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.В.Местников этиитигэр олоҕуран Шишигин С.С. саха тылын билиини, үөрэтиини бастаан төрөппүт өйдүөхтээҕин туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Устинова К.И. тыл сүбэтэ Хаҥалас улууһугар хайдах хайысхалаахтык үлэлиирин кэпсээтэ. Саха тылын уонна литературатын учууталларын иккис сийиэһин кэнниттэн Хаҥалас улууһун баһылыгын О.В. Иринеев көҕүлээһининэн “Түмэр түһүлгэ” диэн улууска улахан мунньах ыытыллыбыта, резолюция ылыллыбыта, ол резолюция төһө туолан иһэрин, хайдах хайысхалаахтык үлэ барарын Ой орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Пермякова Л.Н. сиһилии ырытан кэпсээтэ.

Иккис түһүмэххэ ыччаты үлэҕэ иитии, ыччат бэйэтин тылын, итэҕэлин устуоруйатын билиэхтээҕин, онно туох үлэ Дьэр нэһилиэгэр барбытын бэрт сэргэхтик баһылык Исаков Е.В. иһитиннэрдэ, 2-с Дьөппөн орто оскуола, уһуйаан, култуура үлэһиттэрэ бары түмсэн биир санаанан салайтаран үлэлииллэрин, “Эркээйи эргиирэ” бырайыак тирэх оскуолата буолбутун саха тылын учуутала А.Н. Лебедева кэпсээтэ. Билигин оҕо хойутаан саҥарар буолла, дорҕооннору чуолкайдык саҥарбат, суруйуута мөлтөөтө диэн үгүстүк истэбит, биричиинэтэ туохха сытарын туһунан Дьэр уһуйаанын логопеда Аянитова Р.А. бэйэтин үлэтин, көрүүтүн билиһиннэрбитин түһүлгэ дьоно сэргээтилэр.

Түһүлгэ үлэтин түмүгүнэн мустубут дьон кэлэр сыл Хаҥалас улууһугар Ийэ тылбыт сылынан биллэриллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаах тарҕастыбыт. Бу санаа сурукка эрэ тиһиллэн, баҕа санаа буолан эрэ хаалан хаалбата буоллар, дьиҥ үлэҕэ киирэригэр бары биир сомоҕо буолан үлэлиирбит эрэйиллэр.

Людмила Горохова.