Туруйалар быйыл эмиэ Уус Алдан Баатаҕай нэһилиэгин бурдук бааһыналарыгар тыһыынчанан тохтоон, сэниэ ылынан итии дойдуларга кыстыы бараары тэристэллэрин истэн, көрөн, онно сылдьыбыт саҕа сананным.
Уолум аах аҕыйах хонуктааҕыта Мухтуйа алааска сайылыктарыгар баран бу айылҕа мааны көтөрдөрүн, үгэстэринэн эрдэ туран баран, төһө кыалларынан чугастан хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэн сэргэх кэһиилээх астынан кэллилэр. Мин былырыын итиннэ барсан туруйалар күһүҥҥү сылаас халлааҥҥа ырыых-ыраах көтөн тахсалларын, саҥаларын-иҥэлэрин дуоһуйа истэн кэлбитим умнуллубат кэм этэ. Быйыл эмиэ айыы көтөрдөрө эргиллэн кэлтэрэ үтүө бэлиэ дии саныытым. Эһиги эмиэ көрүҥ, туруйа саҥатын бу баардыы истиҥ!
Людмила Аммосова, «Хаҥалас» хаһыат.
Юлия Аммосова хаартыскаҕа, видеоҕа түһэриилэрэ.