Билииннэн-көрүүннэн Аан дойду аартыгар

Михаил Ефимович сахалар Ил тэринэн бар дьоннорун, Саха сирин бүттүүнүн омуктарын биир иллээх көмүскэллээх олохтоох буолалларын түстээччилэр буолалларын бэйэтин олоҕунан, ситиһиилэринэн дакаастаабыт Ытык Киһибит буолар.

Кини Саха сирин сайыннарар соруктары туруорарыгар урукку исторяны токурутан, олох атыннык биһиги омукка, баттабыллаах өттүттэн уонна элбэх сыыһалардаах суруйалларын утарбытын билэбит. Саха сирин историятын бэйэтэ олус интэриэһиргээн үөрэтэрэ уонна биллэр да, биллибэт да дьону кытта элбэхтик кэпсэтэрэ. «Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн олоҕуттан 5 уруок» диэн Наука дьоҕус Академятын ректорыгар Василий Павловка суруйтарбыта баар. Өссө ССРС бастакы президенигэр Михаил Горбачевка Павел Васильевич Ксенофонтов конфедералистар партияларын хамсааһынын сөптөөхтүк сыаналыырга туруорсуута биһигини сөхтөрөр. Кэлин конфедералистар партияларын Манифеһа  Михаил Ефимович салайыытынан Саха өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын сүрүн тутула буолбута, биһиги ол туһунан өссө сиһилии үөрэтэрбит ирдэниллэр.

Хаҥаластар сахалары түмэргэ Или тэрийэр тыыннара былыр-былыргыттан биир ситим буоларын бастакыннан өйдөөбүт уонна дьиҥ-чахчы ону салҕаан олоххо киллэрбит Михаил Ефимович буоларын өйдүөхтээхпит.

  Михаил Ефимович биир дойдулаахтарын, ордук салайааччы дьону, куруук үөрэтэр-такайар уонна сөпкө мөҕөр-этэр этэ. Ол кини История уруоктарын билиэхтээхпитин, хаҥаластарбыт диэн киэн туттан түөс охсунар эрэ буолуо суохтаахпытын этэрэ. История уруоктарын олох тупсарыгар, оҕолорго уонна ыччакка тиэрдэн үөрэхтээх уонна ситиһиилээх  дьону иитэн таһаарыахтааххыт диэ олоххо киллэрэргэ сорук курдук ылыныахтаахпыт.

   Саха сирин сайдар суолга киллэрии олус элбэх сыраттан тахсарын, биллэн турар, олус үрдүк таһымнаах уонна билиилээх киһи ситиһэр. Өрөспүүбүлүкэни аан дойду таһымыгар таһаарыы, төрүт омуктарын чөл хаалларыы бу хас эмэ үйэлэр тухары чулуу дьоммут бүччүм санаата буолтун билэбит. Михаил Ефимович итини кытаанах, хаҥыл санаатынан олорон кэлбит олоҕун бүттүүнүн соругунан аахпыта уонна ону олоххо киллэрэргэ үлэлээбитэ.

    Ханнык да чулуу, мындыр, үлэһит киһи өйөбүлэ суох итинник баараҕай чыпчаалларга тахсыбат. Учууталлары өрө тутуу сайдыылаах суолга үктэммит судаарыстыбалар тирэхтэрэ. Онтон ол ону олоххо киллэрэн дакаастаабыт уонна биһиэхэ кэс тыл быһыытынан хаалларбыт Михаил Ефимович буолар.

Сэтинньи 13 күнүгэр Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр, 2002 сылтан «Билииннэн кыайыаҥ!» кини анал бэлиэтин туттарыы тэриллэр. Аан бастаан бу бириэмийэ Өктөм лицей-оскуолатыгар үөрэнээччилэргэ туттарыллара, онтон Эдьигээҥҥэ салгыы улуус, Өрөспүүбүлүкэ таһымнаммыта,  сайдыыга анаан тутуллубут «Өлүөнэ дойдута» физико-математическай форум саҥа дьиэтигэр туттарыллар этэ. 2010 сыллаахха тэрээһин өссө кэҥээбитэ. 2010 сыллаахха өссө претенденнары ыҥыран баран үөрэтэр хабааннаах 5 мүнүүтэлээх лекция аахтарар үгэһи киллэрбитэ. Олус интэриэһинэй этэ. Учуутал чулуу лектор буолуохтааҕа ирдэниллэрэ. Кэлин саҥа таһымҥа тахсан аны Россия уонна оҕолору, ыччаты кытары үлэлиир Аан дойду сайдыылаах учуонайдарыгар уонна учууталларыгар туттарыллар буолбута, үөрэхтээһиҥҥэ Нобелевскай бириэмийэҕэ кубуллуйбута.

Биһиги Михаил Николаев саҕалааһынын салгыырбыт, кэс тылын толорорбут кини иннигэр ытык иэспит буолар. «Билииннэн кыайыаҥ!» диэн тэрээһиннэри бары оскуолаларга баар оҥоруохтаахпыт, ол буолар биһиги Михаил Ефимович соруктарын толорон аан дойдуга тахсар аартыкпыт!

«Өлүөнэ дойдута» форум кэлэктиибэ кыра мас дьиэтиттэн саҕалаан сөптөөх суолу тутуспута. Билигин ол аарыма саҥа тутууланан аан дойду барыта сөҕөр Билии академията буолбута өркөн өйү өрө тутар дьону сөхтөрөр. Аны бубилии кыһатын толору оборудованиялаах лабораторияларатигинэччи үлэлииллэрэ ирдэниллэр.

Түмүгэр, Михаил Ефимович  аатын үйэтэтиигэ махталөйдөбүнньүк аан бастакыннан Өктөмнөөҕү дьоҕус Академия иннигэр туруоруллуохтаах диэн биһиги бары өйдүүбүт.

Прокопий НОГОВИЦЫН.

Читайте дальше