Хаҥалас чулуу кыыһа Зоя Решетникова аата үйэлэргэ ааттаныахтаах

Бу Чараҥтан төрүттээх Зоя Васильевна Решетникова бэйэтин дьулуурунан, билиитинэн-көрүүтүнэн, тэрийэр дьоҕурунан, дьоҥҥо сиэрдээх сыһыанынан 1974-1983 сылларга, оччолорго Орджоникидзевскай дэнэр Хаҥаласпыт оройуонун манна Компартия бастакы сэкиритээрин А.М.Ягнышевтыын өрөспүүбүлүкэҕэ аар саарга аатырдан салайан олорбуттара.

Кыахтаах, наукаҕа, ТХНЧИ курдук научнай тэрилтэҕэ тирэҕирэн үлэлиир Покровскайдааҕы ОПХ, алта сопхуос, Мохсоҕоллоохтооҕу цемент, Бэстээхтээҕи, Кыыл Бастаахтааҕы тимир-бетон оҥоһуктарын, Покровскайга кирпииччэ собуоттара, «Промстрой»ТМУ, маһы соҕотуопкалыыр Леспромхоз, улахан ойуур хаһаайыстыбата, бөдөҥ эргиэн тэрилтэлэрэ баар кэмнэрин аҕа көлүөнэ дьон үтүө тылларынан ахтабыт. Оччолорго, кырдьык, оройуоммут дьоно-сэргэтэ тигинэччи үлэлиирэ, ити кэмҥэ этэ дии Покровскайбыт, Мохсоҕоллоох, оннооҕор Бэстээх саҥа таас дьиэлэринэн киэркэйбитэ, тыа нэһилиэктэригэр оскуолалар, оҕо уһуйааннара саҥа дьиэлэммиттэрэ, суол-иис тутуллубута, канализация, уу ситимнэрэ киирбиттэрэ. Ардыгар кини хорсун быһаарыныылары ылынара. Холобур, бэйэ көҕүлээһининэн бибилэтиэкэбит дьиэтин туттарбыта, «Саргы түһүлгэтэ» баар буоларын туруорсубута о.д.а. Киниэхэ кыра дьыала диэн суох этэ. Оччолорго киһи барыта үлэлээх-хамнастаах, инникигэ эрэллээх дьикти кэмэ этэ, ама да ааспытын иһин. Билигин үксэ күүдэҥҥэ көппүтэ саныахха ыарахан…

Бу кэмҥэ үлэлии, оройуону салайа олорбута этэ дии биһиги бары ытыктыыр салайааччыбыт, Киһи Киһитэ Зоя Васильевна Решетникова. Бэйэтин харыстаммакка оройуонун туһугар үлэлээн, күннэри-түүннэри түбүгүрэн эрдэ олохтон барбатаҕа буоллар, кини бу быйыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр 90 сааһын туолуо этэ. Дьон да бөҕөбүт. Саатар, хомойуох иһин, быыбар ухханыгар аралдьыйан дуу, күннээҕи кыһалҕаҕа үтүрүттэрэн дуу, дьоһуннук ахтан-санаан ааспатыбыт…

Олорон ааспыт олохпут мындаатыттан өҥөйөн көрдөххө…

Зоя Решетникова барахсан, чахчы да дьоһун салайааччылаахпыт диэн киэн туттар киһибит этэ. Билиҥҥи салайааччылар хамаанданан үлэлиибит дииллэр даҕаны, мин көрөрбүнэн, дьикти, аны ити хамаанда дьонноро бэйэлэрин тус дуоһунастарынан эбээһинэстэрин эрэ билинэр курдуктар, уопсай дьыалаҕа ыалдьааччы биирдиилээн эмэ курдук. Ону араас тэрилтэлэринэн сылдьан, биһиги, суруналыыстар эппитинэн-хааммытынан билэр буоллубут. Онтон бу Зоя Васильевналаах партия оройуоннааҕы кэмитиэтин салайар түргэн-тарҕан туттуулаах, улахан ирдэбиллээх, түгэн тосхойдоҕуна хорсун да дьаһаллаах Александр Ягнышевы кытары биир сыалы-соругу туруорунан үлэлээбит дьоммут этилэр, кырдьык, дьиҥнээх кыахтаах хамаандалаахтара. Ол түмүгэр кыаллыбат да кыаллара, социалистическай куоталаһыыга өрөспүүбүлүкэ, оннооҕор сойуус соцкуоталаһыыларыгар Кыһыл знамяларын ылар бэлиэ күннэрдээх этибит. Итибарыта билигин историяҕа хааллаҕа. Историяҕа хааллаҕа Ягнышевпыт Покровскайга таас баанньык тутуута уһаан-кэҥээн барбытыгар биир быһаарсыылаах мунньахха тутууну ыытар салайааччыларга раскладушката аҕалан хоно сытан салайыҥ диэн кыыһырбычча эппитэ…

Киһилии үйэтитэр кэммит кэллэ….

Зоя Решетникова биһиги биир дойдулаахпыт саха чулуу кыыһа Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин салайбыт Софья Сидороваҕа тэҥнээх, үрдүк таһымнаах киһи курдук сыаналаныахтаах дии саныыбын. Кини эмиэ өрөспүүбүлүкэбит Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан икки төгүл талыллыбыта, партия уобаластааҕы кэмитиэтигэр, Миниистирдэр Сэбиэттэригэр үлэлээбитэ.

Биһиги, улуус суруналыыстара, Зоя Решетникованы кытары араас мунньахтарга, үгүс тэрээһиннэргэ, айаҥҥа сылдьарбыт. Командировкаларга эмиэ кини курдук үлэбитин хотонтон саҕалыырбыт, сайынын отчуттары көрсөөрү арыы баһыттан ходуһа түгэҕэр диэри уот куйааска сатыы хаамарбыт, араас үрдүк долгуннарга өрө көтүтэн Өлүөнэ өрүспүтүнэн устарбыт, кыһын туман, тыал быыһынан соҕуруу нэһилиэктэрбитигэр тиийэрбит. Зоя Васильевна айаҥҥа киһини сэргэхситэр элбэх кэпсээннээх буолара.Кинини дьоно-сэргэтэ үөрэ-көтө, эрэнэ көрсөрө ытыктабыл бэлиэтэ этэ. Хонтуораттан дьаһайар, миэстэтигэр сылдьыбат киһи балаһыанньаны билбэт диэн баар. Билигин даҕаны, төһө да видео-сибээс баар буоллар, сирэй көрсөн кэпсэтэртэн ордук салайааччыга туох туһалаах баар буолуой….

Зоя Решетникова туһунан мин икки кинигэни бэлэмнэспитим. Онно эбии билбитим,бу кэрэ киһи туһунан — билиитэ киэҥин, барыга бары эппиэтинэстээҕин, бииргэ үлэлиир дьонугар, эдэр исписэлиистэргэ ураты болҕомтолооҕун, харыстабыллаах сыһыаннааҕын. Ону сэргэ барыга бары талба талааннааҕыҥ. Олохтон барбытыгар оччотооҕу «Космос» киинэ тыйаатырын култуура тэрээһиннэрэ буолар фойетыгар айар быыстапката тэриллибитэ этэ. Онно көрбүппүт иистэнньэҥин, түүлээҕи кытары тигэрин, хоруомка анньарын, быысапкалыырын, куруһубаны кытары баайарын. Оннооҕор сиитэс халаат курдарын аттаран олус кэрэ ойуу-дьарҕаа түһэрбитин. Бука, маннык дьарыгар барахсаммыт дууһатынан сынньанан эрдэҕэ, эппиэтинэстээх, түбүктээх үлэҕэ сылдьан. Кэтэр этэ бэйэтэ хоруомка анньыбыт кэрэ билэлээх этэрбэһин, оччолорго ким даҕаны туттубат сахалыы ойуулаах-дьарҕалаах сукуна суумкатын…

Быйыл саас төрөөбүт Чараҥар тэрээһиҥҥэ сылдьан Зоя Васильевнам оҥоһуктарын кулууп биир муннугар истиэндэ оҥорон туруорбуттарын көрөн уйадыйан, махтал бэлиэтэ буоларын сыаналаан астынан кэлбиттээҕим. Норуотун туһугар олоҕун анаан олорбут үтүө киһи аата умнуллуо суохтаах. Оттон биһиги, аһаҕастык эттэххэ, умна быһыытыйдыбыт. Бу кини төрөөбүтэ 90 сылынан бюстаах пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран ааспыттарын хата көрдүм. Бюст анныгар аата эрэ суруллубут. Аныгылыы куар-кодтаах табличка сыһыарыллыбыт.

Ити пааматынньык туһунан мин туспа санаалаахпын

Мин эрэ буолуо дуо, атын, кинини кытары бииргэ үлэлээн алтыспыт дьон эмиэ (холобур, ыраата барбакка, куораппыт дьаһалтатыгар үлэлээбит, кэлин өр сылларга үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын кэмитиэтин салайбыт Екатерина Сидорова о.д.а.) бу пааматынньык олус табыгаһа суох сиргэ туруоруллубутун — «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинин утары Зоя Васильевнабыт киирэр-тахсар дьону өрө мыҥаан олорорун… Туох да диэҥ — бу дьон сүгүрүйэн үтүө киһини санаан ааһар сирэ буолбатах, массыына тохтуур былаһаакката эбээт. Булан талбыттарын… Дойдубут, улууспут судаарыстыбанныһын турууласпыт, Хаҥалаһын аар-саарга үлэнэн аатырдыбыт киһибит бюһун саатар улууспут дьаһалтатын олбуорун иһигэр туруорар тоҕо сатамматый, аныгы норуоттан тэйэ быһыытыйан эрэр чунуобунньуктарга холобур оҥостон? Эбэтэр саҥа бульварбыт киэҥ-куоҥ туонатыгар бүччүм миэстэни булан дьонун-сэргэтин ортотугар күөх мас-от тулалаан уоскута олордор, манна тоҕуоруһа сылдьар ыччаттарга билиһиннэрэр? Куораппыт дьокутааттара толкуйдууллара уолдьаста!

Баҕар, бу кэрэспэдьиэн Аммосова аһары барар, аны Зоя Решетникова пааматынньыгын көһөртөрө сатыыр диэн, били Бастакы Президеммит Михаил Николаев 2002 сыллаахха оҥорторбут ини-бии Ксенофонтовтарга пааматынньык оҥорторон аҕалтарбытын Спорткомплекс тэлгэһэтин иһигэр туруорбуттарын утаран дьон санаатын хаһыатынан этиттэрэн көһөртөрбүппүтүн ахтан. Үчүгэй дии, дьоһун өйдөбүнньүк билигин бар-дьонун ортотугар олохтоох миэстэтин дьоһуннук булбута! Судаарыстыбаннаспытын турууласпыт үтүө дьоммутун бэлиэ күннэрбитигэр ити аттыгар санаан-ахтан ааһарбыт.

Зоя Васильевнабытыгар эмиэ итинник сыһыан ирдэнэр. Ороскуоттаах, түбүктээх дьыала да диэтэргит, хаһааҥҥа диэри ытыктыыр киһибит Өлүөнэ Эбэтигэр, дьонугар-сэргэтигэр массыына буруотугар тумнаста көхсүнэн олоруой. Дьоһун киһибит аатын ытыктыыр буоллахпытына киһилии үйэтитиэххэ уонна, хойутаан да буоллар, бу Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар ахтыы кэрэ киэһэтин тэрийиэххэ. З.В.Решетниковакурдук олоҕун бүтүннүү дойдутун сайдыытыгар анаабыт саха чулуу кыыһа өтөрүнэн баар буолара биллибэт — Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ҮлэКыһыл Знамята, «Бочуот Знага» уордьаннардаах, оччолорго мээнэ бэриллибэт «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр иккитэ дьокутаатынан талыллыбыт Улууспут бочуоттаах гражданина. Ыччаты патриотическай иитиигэ үтүө холобур буолуо этэ.

Людмила Аммосова.