«Бэйэбит тэриммит дьыалабыт сайдарын туһугар…”

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Урбаанньыт күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү баттаһа мин Покровскай куорат олохтооҕо, улахан дьиэ кэргэн ийэтин Полина Дьяконованы билиһиннэрээри гынабын. Биллэ-көстө сатаабат, элбэх оҕолоох саха сэмэй ыала бэйэлэрин сатабылларын, кыахтарын таба туһанан сөбүлүүр дьарыктарын идэ оҥостон бэйэ дьыалатын тэринэн айаллар-туталлар.

Ыал ийэтэ Полина Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх, оҕо эрдэхпиттэн илиинэн иистэнэрбин, араас киэргэллэри, суумка, билэ тигэрбин, оҕуруо тиһэрбин ордоробун диэн кэпсиир. Кини идэтинэн саха тылын учуутала, кэлин Арктическай государственнай институту бүтэрбит. 2021 сыллаахха кыра уолун көрөн уоппускаҕа олорон бэйэ дьыалатын арынарга соруммут уонна социальнай хантыраак баттаспыт, сувенирнай бородууксуйа оҥорор анал тэрили сакаастаан аҕалтаран бу үлэтин саҕалаабыт. Билигин мастан, фанераттан сувенир арааһын, дьиэҕэ туттуллар малы-салы уонна аксессуардары айан-тутан атыыга таһаарар.


— Оҥоһуктарбын үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйаалтан — хатыҥ мастан, араас халыҥнаах фанераттан оҥоробун. Оҥоһук макета анал бырагыраамаҕа таҥыллар буолан бириэмэни ылар. Тупсарыы, кырааскалааһын барыта — илии үлэтэ. Иэйии ардыгар киириэн, ардыгар кииримиэн сөп. Дьиэтээҕи түбүктэн быыс булан, интернет ситимиттэн бэлэм схемалары көрдөхпүнэ, биир идэлээхтэри кытта алтыстахпына дьэ биирдэ сонун идея киирэр уонна, биллэн турар, дьон-сэргэ махтала күүскэр күүс эбэр, айарга-тутарга кынаттыыр. Билигин ханна да үлэлээбэппин, бу дьоҕус урбааммынан эрэ дьарыктанабын, бэйэ дьарыктаах (самозанятый) диэн ааттанабын. Биллэн турар, кэргэним көмөтө, өйөбүлэ эмиэ улахан.

Улууска, Дьокуускайга да ыытыллар атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларыгар куруук кытта сатыыбын. Ону таһынан оҥоһуктарбын маҕаһыыннарга туттаран батарабыр, сакаас ылан эмиэ үлэлиибин. Үксүгэр кууһунан ылааччылартан сакаас киирээччи. Покровскайга, холобура, мин үлэлэрбин «Сунтаар» Атыы кииниттэн ылыаххытын сөп. Илии үлэтин сыаналааччылар ханна да, хаһан да бааллар.

Бу күннэргэ «Мой бизнес» өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын форумугар кытынным. «Сделано в Якутии» павильон арыллыытыгар ыҥырыллан үөрүүм муҥура суох. Манна мин оҥоһуктарбар бүтүн биир витринаны анаатылар, онон форум кэмигэр атыылаатым. Бэйэм курдук урбааҥҥа холонор дьону кытта билсэн, санаа атастаһан элбэҕи биллим-көрдүм, иҥэринним.

Бэйэ дьыалатын тэринэргэ син биир араас ыарахаттары көрсөҕүн. Ол курдук, табааргын батарыы, салгыы сайыннарыы чааһыгар, бэл, оҥоһук хаатыгар (упаковкаҕа) тиийэ кэккэ кыһалҕа үөскээччи. Ону аахсыбакка, бэйэбит тэриммит дьыалабыт сайдарын туһугар быыс-хайаҕас булунан, таба тайанан дьаһанабыт. Урбаанньыт күнүнэн биир идэлээхтэрбин эҕэрдэлиибин! Таһаарыылаах, барыстаах үлэни баҕарабын!

Ольга Гермогенова.