Быйылгы сайын Дьокуускай куоракка олорор «Сөргүтүү» айар түмсүүгэ дьарыктанар Хаҥалас улууһуттан сыдьааннаах норуот маастардардарыгар уонна иистэнньэҥнэригэр үгүс ситиһиилэри бэлэхтээн ааста.
Түмсүүнү үһүс сылын Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Азияна Харлампьева тэрийэн, салайан үлэлэтэр. Сүрүн сыалынан XVII-с үйэттэн саҕалаан саха таҥаһын үөрэтии, сөргүтүү, тилиннэрии буолар. Билигин түмсүүгэ Төхтүр нэһилиэгиттэн кэргэннии Иван уонна Александра Ефремовтар, 1-кы Дьөппөнтөн төрүттээх Анна Куличкина, эдьийдии балыстыы Лидия Иванова уонна Валентина Попова, Нөмүгүттэн Марфа Заборовская, Покровскайтан Мотрена Ильина дьарыктаналлар.
Бэс ыйыттан саҕалаан түмсүү кыттыылаахтара айан таһаарбыт үлэлэринэн араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, фестивалларга, быыстапкаларга кыттыннылар. Олоҥхо туһунан паннолара Санкт-Петербурга тэриллибит «Душа России» Аан дойдутааҕы фестивальга, сахалыы таҥастара Иркутскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы «Мы разные. Мы вместе» этнофестивальга лауреат үрдүк аатын ылбыттарынан эҕэрдэлиибит уонна улууспут аатын Саха сиригэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көмүскүүллэригэр махтанабыт.
Галина Семенова.