«Иһит» кээпэрэтиип бурдугун быста, хортуоппуйун хомуйда, сылгыта кыстыыр оттонно

Быйыл сайын бу Хаҥалас саамай уһук, Өлүөхүмэни кытары быысаһа сытар, Иһит дэриэбинэтин дьоно-сэргэтэ үгэһинэн үлэ үөһүгэр сырытта. Манна сүүрбэччэ сыл үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын аҕыйах  киһилээх «Иһит» диэн ааттаах кээпэрэтиибэ окко былаанын  толордо — 200 рулону хаһаанна, 47 туонна эбиэс бурдугу, 60 туонна хортуоппуйу үүннэрдэ.

Бурдуга ыскылаакка харалла сытар, оттон хортуоппуйу бу күннэргэ Өлүөхүмэттэн кэлэр баарса Дьокуускайга тиэйэн илдьиэхтээх.

— Бурдукпут үүнүүтэ үчүгэй этэ, күн туран биэрэн кэмигэр хомуллубута, онтон хортуоппуйбут быйыл мөлтөһүөр, ардахтар харгыстаан бэрт эрэйинэн хостоон баазаҕа ыытан эрэбит. Баарсаҕа үлүйбэккэ тиийдэр,  ас буолан туһаҕа таҕыстар, көлөһүммүт тилиннэр диэн баҕалаахпыт,- диэн үлэ түмүгүн билиһиннэрдэ салайааччы Татьяна Петрова.

Бу үлэһит кэлэктиип туһунан биһиги сырдатан турабыт. Мин бурдугун бааһынатын сайынын күн аайы кэрийэн кэлэр механизатор Валерий Соловьевтуун билсэн, кэпсэтэн, санаатын истэн турабын. Дьоммут үлэҕэ туруммута үчүгэй этэ. Тиэхиньикэтин үгэһинэн эрдэттэн көрүнэн, өрөмүөннэнэн, отугар көмөҕө киһи көстүбэккэ кыһарыттара даҕаны  сырыттар, бэркэ дьаһанан чөкөтөн, кураан күнү баттаһа бурдугун быстаран хортуоппуйугар туруммута эрээри, барыта үчүгэй буолбатынан, ардахтарга баттатан эрэйи көрүстэ эрээри, син бааһынаттан таһаарда.

— Дьиҥинэн, хортуоппуйбут үүнүүтэ мөлтөһүөр буолла. Быыстатан курааннарга түбэһэн уу куттарар кыахпыт суоҕунан уонна кэккэ сылларга уоҕурдуубутунан татым буоламмыт, сирбит дьүдьэйэн үүнүүбүтүн ситэ ылбатыбыт, — диир салайааччы.

Иһиттэр хортуоппуйу  хото үүннэрэллэр. Батарар кыахтаах, үчүгэй тиэхиньикэлээх  өттүлэрэ 200-300 куулу бааһыналарыттан ылаллар. Ардахтар мэһэйдиир түгэннэригэр кинилэр эмиэ кыһалҕаланаллар, ол хаһаайыстыба хортуоппуйун хостоһо барар сололоро суох буолар. Иһит аҕыйах нэһилиэнньэлээх дэриэбинэ буоллаҕа, тэрилтэлэр, ол иһигэр син элбэх үлэһиттээх  оскуола эмиэ, бэйэтэ хортуоппуйу үүннэринэр. Онон, кээпэрэтиипкэ хомуур үлэтэ бытаара сырытта. Ол да буоллар син хаһыҥҥа ылларбатылар. Быйыл саппаас чаастара эрдэ тириэрдиллэн копалкалара бэркэ үлэлээтэ.

Субсидияны биэриигэ дьоҕус хаһаайыстыбаларга болҕомто наада

Татьяна Петрова дьонун хайгыыр. Чиэски сытар нэһилиэктэн тиэхиньикэ алдьаннаҕына бу Эркээни эҥэрдэргэ курдук саппаас чаас ыла куоракка күнүнэн  киирэн тахсыбаккын буоллаҕа. Эрэнэриҥ эрэ бэйэҥ сатабылгар, билиигэр. Онтон хаһаайыстыба  механизатордара ханнык баҕарар үөрэхтээх инженертэн ордук тиэхиньикэни кытары эриспит уопуттаах дьон буоланнар, кыра алдьаныыны бэйэлэрэ да  туоратар үгэстээхтэр. Уонна биир түмүк туһугар түмсэн үлэлиири сатыыллар. Холобур, «Урал» массыыналаах Егор Соловьев быһаас Улахан Ааҥҥа аҕалыллыбыт 5 туонна  сиэмэ бурдугу, Сиинэттэн таарыйа сэлээркэни сааскы суолу баттаһа  илдьэн абыраабыта. Бурдук 35 гектарга ыһыллыбыта, хортуоппуй -10 гектарга.

Бу Соловьевтар урут уруккуттан хаһаайыстыба туллар тутаахтара буоллаҕа, өссө сопхуос кэмигэр аҕалара кытары үлэлии сылдьыбыта. «Оо, хаарыаны, саҥа тиэхиньикэлээх киһи!»  дэһэллэр механизатордар, аныгы тыраахтардары ымсыыра көрөллөр. Онтон кинилэр сэбиэскэй кэминээҕи «Енисей» комбайннаахтарын харахтарын харатын курдук бүөбэйдииллэр, тыаһын-ууһун иһиллииллэр. Барахсан сэбиэскэй буолан бөҕө  диэн туруу үлэһиттэр Валерий, Юрий, Егор Соловьевтар, Федот Прохоров, Валерий Тетерин уонна кинилэр көмөлөһөөччүлэрэ күлүктэригэр имнэнэллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениета бу кырыы нэһилиэк хаһаайыстыбатыгар болҕомтотун күүһүрдүөхтээх дии санаатым, туораттан да буолларбын. Маннык кыра дэриэбинэлэргэ дьон дьарыктаах буолан олохсуйалларыгар усулуобуйа хайаан да тэриллиэхтээх. Маалтааны, Үрүҥ Бас, илин  эҥэргэ Хачыкааты  холоотоххо, ити бурдуктаах Өлүөхүмэни быысаһа сытар өҥ буордаах, сымнаҕас килиимэттээх Иһит нэһилиэгин  сириттэн үүнүү кэлиэхтээх. Бары өттүнэн көмө наада. Тоҕо сатамматый маннык дьоҕус хаһаайыстыбаларга улуустан граннары биэриини өйүүр (бөдөҥнөр өссө  өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ  кыттар кыахтаахтар  дии).

Бородууксуйаны батарыы хаһан кыаллар боппуруоһуй?

Маннык хаһаайыстыбаларга бородууксуйаны батарыы боппуруоһа сытыытык турар.Ааспыкка мин былырыыҥҥы  80 куул бурдук өссө да харалла сытарын  суруйан ааспытым, быйылгы даҕаны ханна барара чуолкайдана илик.  Бу боппуруоска тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ көмөлөһүөн, ону туруорсарга улуустааҕы салаабыт олох ылсан үлэлэһиэн наада.Тоҕо сатамматый кииннээн тутан баран батарар, эбиэскэ, холобур, элбэх сылгылаах,бурдук үүммэт килиимэттээх хотугу улуустар наадыйаллара буолуо дии, Амуртан тиэйэр кинилэргэ чэпчэкитэ дуу… Үнүрүүн оннооҕор Хачыкаат бурдук үүннэрээччитэ Роман Куприянов телевидениеҕа биэриигэ батарыы боппуруоһугар төбөтүн сынньарын истибитим. Ханна баалларый бурдугу мэлийэр  собуоттарбыт, тигинэччи үлэлээн испит саатар Бастакы Президеммит Михаил Николаев  кэскиллээҕи санаан тэрийтэрбит Покровскайдааҕы собуоппут (дьиэтэ-уота кыра сыанаҕа батарыллан  хайысхата уларыйан эрэрин истэн хомойбутум)? Хаптаҕайдааҕы бурдугу мэлийэр собуот… Бурдук тэпилииссэҕэ үүммэт ээ, өҥ буордаах, сымнаҕас килиимэттээх улуустарбыт аҕыйахтар эбээт.

Удьуор харалы үлэһит Иһит дьоно соҕуруу дойдуттан түөрт үйэ тухары  иитиэхтэнэн кэлбит сир үлэтигэр  үөрүйэхтэрин сүтэримиэхтэрин олохпут ирдиир. Бу билигин үлэлии сылдьар дьоммут ыччаттара дойдуларыгар кэлин хаалан  удуордарын салҕаан  үчүгэйкээн дэриэбинэ олоҕун салгыахтарыгар эрэнэбит. Уонна быйылгы былдьаһыктаах сайыҥҥа үлэһит илии тиийбэккэ эрэйдээбитэ аны хатыламматар ханнык уонна Иһит аатын ааттатар суос-соҕотох хаһаайыстыбата сайдарыгар көмө кэллин. Иһитбыйаҥ бааһыналара эрбэһининэн саба үүммэтиннэр.

Валерий Соловьевтан видео – ролигы төлөпүөн көмөтүнэн көрүҥ:


Людмила М
ОРДОВСКАЯ.