РФ Госдууматын дьокутаата Сардаана Авксентьева
«Ытык сир эбитин итэҕэйдим”
— Петр Иванов сүбэтинэн Мэҥэ Хаҥаласка Ороссолуода нэһилиэгэр Куталаах диэн сиргэ кэргэмминээн сырыттыбыт. Хайдах эрэ суолбут аһыллан биэрэн, кэтэһэн биһигини айылҕа бэйэтэ арыаллаабыт курдук. Көтөрдөр да бааллар, араас дьиктини көрдүбүт. Куталаахха тиийэн 2021 сыллаахха туруоруллубут дьиктилээхэй мемориалы билистибит.
Дириҥ устуоруйалаах сир, кырдьык, Илин Хаҥалас устуоруйатын үйэтиппит Мэҥэ бэлиэ буоллаҕа. Биһиги дойдубут устуоруйата сүрдээх дириҥ, киэҥ. Ону билиэхпитин, үөрэтиэхпитин наада, ыччат дьон, үөрэх оҕолоро сылдьыахтарын, билиэхтэрин наада.
Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Лепчиков, кини кэргэнэ Марфа Даниловна олорон ааспыт, Илин Сибиир губернаторын көрсүбүт сирдэрэ эбит. Кэргэмминээн долгуйа, үөрэ көрбүппүт, сөхпүппүт диэн, мемориалга чугаһаан эрдэхпитинэ үрдүбүтүнэн түөрт туруйа ыллыы-ыллыы көтөн аастылар. Итинник соһуччу түгэннэртэн киһи сүрдээҕин долгуйар, этиҥ-сииниҥ аһыллар. Куталаах чахчы уратылаах, киһи кутун-сүрүн тутар ауралаах Ытык сир эбитин итэҕэйдим.
Филипп Иванович Лепчиков
Прокопий Филиппович Лепчиков, кини кэргэнэ Марфа Даниловна
70-ча сыл — Илин Хаҥалас улууһун килбэйэр киинэ
Гаврильев К.П. – СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.П.Романов аатынан художественнай кэллиэс дириэктэрэ, саха норуодунай худуоһунньуга.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Ороссолуода оскуолатыгарөр кэмнэргэ үлэлээбит историк—учуутал Виталий Аммосов чинчийэн бэлиэтээбитинэн, 1882 сылтан саҕалаан, 1897 сылга диэри иккитэ төхтүрүйэн Илин Хаҥалас улууһугар кулубалаабыт, Саха сирин дэлэгээссийэтин састаабыгар киирэн Николай II ыраахтааҕы коронациятыгар кыттыбыт бочуоттаах инородец Прокопий Лепчиков, дойдутун, улууһун туһугар олус кыһаллар буолан, олоҕор Куталаахха1887 сыллаахтан сыллата ыытыллар дьаарбаҥкаларга нэдиэлэни быһа арыгылаан, хаартылаан тахсалларын, уопсастыбаннай бэрээдэк кэһиллэрин уонна сүрүн төрүөтүнэн туох да барыыс киллэриллибэтинэн, үөһээ тэрилтэлэргэ туруорсан, Уобалас управлениетын 1893 сылалтынньы 21 күнүнээҕи дьаһалынан тохтотторон кэбиспит.
Устуоруйа чахчыларын кэрэһиттэрэ буолан
Ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа, кэҥии, кыаҕыра олорор нуучча судаарыстыбатын саҕана кый ыраах Хоту сиргэ олохтоох туора биистэртэн атыннык ааттаммат, сэнэниллэр-атаҕастанар өбүгэлэрбит – саха омук киһилии көрүллэн, сыаналанан, көҥүлбүтүн араҥаччыланар, бэйэбитин салаллар бырааптанан кэлбит үйэлэри уҥуордуур устуоруйабыт баччааҥҥа, XXI үйэҕэ диэри наука, учуонайдар, былаас өртүлэриттэн болҕомтоҕо ылыллыбатах, сыаналамматах бэлиэ түгэнэ — “үрүҥ бээтинэтэ” аныгылыы, чахчы патриот өйдөөх-санаалаах боростуой дьон ылсыыларынан-сыраларынан чуолкайданан аһаҕастык суруллар, саҥа көлүөнэ сахалар билиилэригэр бэриллэр, салгыы сайыннарыллар кыахтанна.
Граф Алексей Павлович Игнатьев
“Дворяннар уйалара”. “Саталлаах дьаһаллаах улуу норуот”: генерал-губернатор А.Игнатьев үрдүк сыанабыла
Илин Сибиир генерал—губернатора, граф Алексей Игнатьевбу кэлэ сырыттаҕына, 1886 сыл от ыйыгар оччолорго 20-чэлээх Дүпсүн улууһун сурук таһааччыта Василий Никифоровка (В.В. Никифоровка—Күлүмнүүргэ) сиргэ сыһыан, нолуоктааһын, сахалар бэйэлэрин салайыныыларын боппуруостарынан докладной саппыысканы Үрдүк сололооххо илиитигэр туттарар чиэс тиксибитэ.
Онон, Күн Судаар ыраахтааҕы Үрдүк сололооҕо, Илин Сибиир генерал—губернатора, граф Алексей Павлович Игнатьевка бу кэлэ сылдьыыта, Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Лепчиков улуус киинигэр, Өлүөнэ өрүс быйаҥнаах илин кытылыгар – Ороссолуодаҕа чахчы үрдүк таһымнаахтык көрсүүтэ, сахалар тустарынан үтүө өйдөбүлү хаалларбыта. Дэлэҕэ сөҕө-махтайа этиэ дуо: “Тыйыс Хоту сиргэ дьиҥ саталлаах, улуу норуот эрэ олоҕун-дьаһаҕын маннык бигэтик оҥостон олохсуйар кыахтаах”, — диэн. А.П.Игнатьев “туора урдус биис уустара” олохтоох Сибиири Арассыыйа төрүт уобаластарын кытта бары өртүнэн тэҥҥэ көрүллүөхтээх, ол иһигэр салаллыы көрүҥнэригэр, ньымаларыгар тиийэ диэн судаарыстыбаннай толкуйдаах, көрүүлээх салайааччы этэ. Ити санаата сөптөөҕөр Саха сиригэр Илин Хаҥалас улуус кулубата Прокопий Лепчиков бары өттүнэн, бастатан дьыалабыай кэпсэтии-быһаарсыы боппуруостарынан үрдүк таһымнаах көрсүүтүн, ыалдьыттатыытын түмүгүнэн халбаҥнаабаттык итэҕэйбитэ. Онон Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Лепчиков граф, генерал-губернатор Алексей Игнатьевы кытта чугас алтыһыыта ол кэмҥэ Саха сиригэр олохтоох бэйэни салайыныы төрүттэрин киллэриигэ улахан суолталаммыта чуолкай.
Прокопий Лепчиков, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Петр Афанасьев –Бөтүрүүсэ император Николай II коронациятыгар
Умнуллубат өйдөбүл, өйөбүл, сибээс
Үрдүк сололоох граф А.П. Игнатьев Саха сиригэр кэлэ сылдьыыта хоту сир, хотугу норуоттар, сахалар тустарынан умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Сатабыллаах, муударай салайааччы, киһи быһыытынан үрдүктүк сыаналаабыт Прокопий Лепчиковын кытта чугас сибээһин быспатаҕа. Манна, Куталаахха кэлэ сылдьан алтыспыт дьоно – П.Ф.Лепчиков, оччолорго эдэркээн Василий Никифоров (В.В.Никифоров—Күлүмнүүр) 1896 сыллаахха Саха сирин дэлэгээссийэтин састаабыгар талыллан Николай II ыраахтааҕы коронациятыгар кыттыыны ылбыттара мээнэҕэ буолбатах. Коронация кэмигэр олус элбэх киһи мунньустан, тыһыынчанан киһи Ходынка хонуутугар тэпсиллэн өлбүтэ. Бу үлүгэрдээх норуот трагедията буолбутугар коронация тэрээһинин тохтоппотохторо, оттон биһиги дэлэгээссийэбит эписсийээлинэйдик ыҥырыллыбыт буолан, көрүллэн—харайыллан, этэҥҥэ сылдьан дойдутугар эргиллибитэ. Ол туоһутунан Илин Хаҥалас улууһун кулубата Прокопий Лепчиков Илин Сибиир генерал—губернаторыгар А.П.Игнатьевка ыыппыт суруга буолар.
“Эн Үрдүк сололоох Күн Судаар Алексей Павлович! Бастатан туран, Эн Үрдүк солоҕор, дьиэ кэргэҥҥин кытта доруобуйаны уонна элбэх сыллаах үтүө айымньылаах олоҕу баҕарарбын биллэрэр чиэстээхпин. Мин дьиэ кэргэмминиин Москваттан төрөөбүт дойдубар Дьокуускайга этэҥҥэ эргиллибитим. Уруккубут курдук, уларыйыы суох, олоробут. Биһиэхэ, Дьокуускайга, император Александр IIбу сыл от ыйын 1 күнүттэн Суут реформатыгар эрэ киллэриититтэн ураты, оннук уһулуччулаах сонуннар суохтар. Мин бу сурукпунан Эн Үрдүк солоҕор ааспыт сылга Москва куоракка миэхэ Эн фотографическай хаартыскаҕын тиксэриэх буолан эрэннэрбиккин, баччааҥҥа диэри тута иликпин санатарга соруннум. Эн Үрдүк сололоох, 1896 сыллаахха Москва куоракка миэхэ бэриллибит үтүө болҕомтоҥ, итиэннэ Үрдүк сололоох ис сүрэхтэн сырдык личноһыҥ өйбөр дириҥник иҥмитэ, дьоһуннаан, миэхэ аккаастыаҥ суоҕар эрэнэ сананабын.
Хаалабын Эн Үрдүк солоҕор ис сүрэхпиттэн сүгүрүйэ, истигэн кулутуҥ. (Прокопий Филиппович Лепчиков бэчээтэ) 1897 сыл атырдьах ыйын 1 күнэ. Дьокуускай к.
«Хаҥалас улууһа» МО баһылыга Олег Иринеев уонна Николай Иванов
II Дьөппөн баһылыга Александр Константинов, историк-краевед Виталий Аммосов
Туомтуу тардан
Түмүктээн эттэххэ, уруккута баай устуоруйалаах Илин Хаҥалас киининэн буолбут Ороссолуода сиригэр Өлүөнэ эбэбит кэрэ айылҕалаах, быйаҥ аллар өҥ буордаах сайыннары ууллубат муустаах, сүүрүгүрдэр тымныы уулаах тарыҥнаах, үрдүк энэргиэтикэлээх Куталаахха Уус Алдан Суоттутугар “Доҕордоһуу” түмэлин курдук, ол былыргы үйэтээҕи эбийиэктэри, тутуулары “тилиннэрэн” аһаҕас халлаан анныгар “Дворяннар уйалара” диэн ааттаах устуоруйа—этнография түмэлин комплексын тутар—тэрийэр тоҕо кыаллыа суоҕай? Тэрийдэххэ, атаҕар туруордахха, тимир суолу, остуол ньуурун курдук аспаал суолу, Өлүөнээбэ курдук сайыҥҥы уу суолун сыттана сытар, сахалар сайдан, олорон баччаҕа кэлбит суолбут, дириҥ устуоруйабыт эриэккэс чахчыларын иҥэриммит Куталаахха аан дойду айанньыттара, туристара үөрүүнэн кэлэн граф, генерал—губернатор Алексей Игнатьев курдук астына, дуоһуйа сынньанан, Саха сирин, саха норуотун баай устуоруйатын чахчыларын интэриэһиргээн, билсиһэн барар буолуохтара, “аан дойду сэттэ эриэккэһиттэн” биирдэрэ урукку Илин Хаҥалас улууһун киинигэр Ороссолуодаҕа ытык сир Куталаах диэн баар эбит диэн аар—сааргаа атырдыахтара.
Кылаабынайа, умнуллубут устуоруйабыт тиллэн, саҥалыы сыаналанан, байытыллан үүнэр көлүөнэлэргэ бэриллэн, омук быһыытынан ааппыт—суолбут ааттана туруоҕа.
Иван Ксенофонтов-Силиги, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Ороссолуода нэһилиэгин бочуоттаах гражданиннара.