Мария Дмитриева: «Кыра оҕону сайыннарыыга босуобуйа-оонньууру оҥоробун»

Биллэрин курдук, социальнай хантыраак диэн социальнай көмүскэл уорганнара уонна киһи икки ардыгар түһэрсиллэр дуогабар буолар. Маннык өйөбүлү ылбыт киһи хос үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан сөп.

Бу курдук судаарыстыбаттан көмөнү ыларга бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар Нөмүгү нэһилиэгин дьаһалтата былааннаах үлэни тэрийэн ыытар. Ол курдук, холобура, ааспыт сылга социальнай хантыраак баттаһан кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Акулина Уваровская 250 тыһ. солк., бэйэ дьыалатын тэринии хайысхатынан 350-нуу тыһ. солк. таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктанар Тит Матвеев, Виктор Андреев СИП панель оҥорууга уонна Анастасия Шадрина маникюрнай устуудьуйа арынарыгар ылбыттар. Бу сылга сылгы иитиитигэр Инна Осипова 250 тыһ. солк. уонна эмиэ 350-нуу тыһ. солк. микрозелень үүннэриинэн дьарыктанар Евгений Жирков, клининговай сулууспаны тэриммит Олеся Афанасьева, профилированнай буруус маһы бэлэмниир Виктор Никифоров ыллылар.

Бүгүн билиһиннэрэр киһим – Нөмүгү олохтооҕо, элбэх оҕолоох эдэр ийэ Мария Дмитриева. Кини эмиэ, бу социальнай хантыраак «Развивайка» диэн кыра дохуоттаах оҕолоох ыалларга туһуламмыт анал бырагырааматынан туһанан, оҕону сайыннарар босуобуйа-оонньуур оҥоруунан дьарыктанар буолбут.

— Мин 2019 сыллаахха кыра оҕобун оҕолонон олордохпуна бэйэ дьыалатын тэринэр баҕа санаа киирбитэ. Онтон 2020 сылга аан дойду үрдүнэн хамсык дьаҥа бүрүүкээн кэлии-барыы тохтообута, онон оҕолорбун аралдьытаары бэйэм илиибинэн араас сайыннарар оонньуулары оҥорон саҕалаабытым. Ол курдук, мин оҥорор онньуурдарым кинигэ курдуктар, дьэрэкээн өҥнөөх фото-кумааҕыттан оҥоһуллаллар, липучканан сысталлар, оҕо өҥү быһаара үөрэнэригэр, ахсааны үөрэтэригэр уонна толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыыга туһуланаллар, — диэн Мария бэйэтин дьарыгын билиһиннэрэр. — Маҥнай утаа, маннык оонньуур-босуобуйаны интернет ситимигэр көрөн үөрэммитим. Дойдубут киин куораттарыгар олорор эдэр ийэлэри кытта кэтэхтэн билсэн, кинилэртэн электроннай шаблоннары атыылаһан холонон көрбүтүм. Бастакы оонньуурдарым, биллэн турар, бэйэм оҕолорбор анаммыттара. Оҕолорум бу сонун оонньуурдарын тутатына сөбүлээн, аны билэр дьонум көрөн, сакаас түһэрэннэр дьарыгым кэҥээн, оҥоһугум элбээн барбыта. Өйдүүргүт буолуо, хамсык кэмигэр судаарыстыбаттан оҕолоох дьоҥҥо кэккэ өйөбүл миэрэлэр көрүллүбүттэрэ, ол харчытынан интернет нөҥүө ламинатор, өҥнөөх принтер сакаастаан атыыласпытым.

— Мария, бу маҕаһыыҥҥа атыыланар хотуобай кинигэлэртэн хаалсыбат көстүүлээх оонньуулаах босуобуйаларыҥ хас саастаах оҕолорго ананалларый?

— Оонньуурдарым оскуола иннинээҕи саастаах, 1-тэн 7-гэр диэри саастаах оҕолого ананар. Матырыйаалбын – фотокумааҕыны, ламинациялыыр пленкабын “DNS” маҕаһыынтан атыылаһабын, оттон липучкалары «Валдберристан” сакаастыыбын.

— Билигин эйиэхэ сакаас төһө киирэрий?

— Оҥоһуктарбын үксүн интернет нөҥүө, ВКонтакте тус страницабар, WhatsApp ситиминэн атыылыыбын. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлээччилэр. Мантан кыһын оҕо саадтарын кытта үлэлэһиэм. Бу дьыалам кэҥииригэр улахан өйөбүлү олохтоох нэһилиэк дьаһалтата оҥорбута. Ол курдук бизнес-былааммын толорорго көмөлөһөн, онтукабын ситиһиилээхтик көмүскээммин былырыын социальнай хантыраак нөҥүө көмө харчы ылбытым. Ол харчыбар саҥа компьютер, принтер ылынан махталым улахан.

— Бэйэ дьыалатын тэринэргэ ыарахаттар бааллар эбит дуо?

— Баҕа санаа, сыал-сорук баар буоллаҕына ыарахаттар суохтар. Миэхэ, киһиргээбэккэ эттэххэ, тугум барыта хара маҥнайгыттан барыта табыллыбыта, сатаныа диэн эрдэттэн эрэллээх да этим. Арай, билигин, үчүгэй хаачыстыбалаах сахалыы иллюстрация тиийбэтэ үлэбин атахтыыр. Онон бэйэм уруһуйга холонон, үөрэнэн көрүөхпүн толкуйдуубун. Аныгы үйэҕэ киһи үөрэнэригэр онлайн куурус, дьарык элбэҕэ олус табыгастаах, — диир Мария.

Онон, бу Мария курдук сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктаныан, онон эбии дохуот киллэриниэн баҕалаах дьон маннык көдьүүстээх судаарыстыбаннай көмөлөрү туһаныҥ.

Ольга Гермогенова.