Тумулга бастакы учууталларга өйдөбүнньүк дуоска арылынна

Тумул нэһилиэгэр Учуутал күнүгэр үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук 30-с сылларга аан маҥнай арыллыбыт Орто Кытыл начаалынай оскуолатыгар үлэлээбит бастакы учууталларга Макаров Михаил Иннокентиевичка уонна Христофоров Родион Алексеевичка мемориальнай доска арылынна. Бу тэрээһин Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар анаммыта өссө дириҥ суолталанна.

Макаров Михаил Иннокентьевич 1931-1932 сс. Орто Кытыл начаалынай оскуолатын учуутала, 1933-1938сс. Орджоникидзевскай оройуон РОНО сэбиэдиссэйэ. 1939-1940сс. Орджоникидзевскай оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. Кини Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх үлэһитэ буолта, Үлэ Кыһыл знамята уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин 1-кы истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта.

Христофоров Родион Алексеевич Тумул нэһилиэгин бастакы учуутала. Кини 1934-1939 сс. Орто Кытыл начаалынай, 1940-1943 сс. 3-с Малдьаҕар 7 кылаастаах оскуолаларын учуутала этэ, 1944-1949сс. 2-с Малдьаҕар оскуолатын сэбиэдиссэйэинэн, 1949-1962 сс.Орто Кытыл начаалынай оскуолатын учууталынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Үөрүүлээх күҥҥэ Родион Алексеевич кыыһа Елизавета Родионовна, сиэннэрэ, хос сиэнэ уонна Михаил Иннокентьевич сиэннэрэ, аймахтара күндү ыалдьыт буоллулар, эҕэрдэ тылларын анаатылар. Ыалдьыттарбыт аҕаларын уонна эһээлэрин туһунан истиҥ-иһирэх ахтыыларын иһиттибит.

Оскуола үөрэнээччилэрэ Наумова Эвелина уонна Строева Саргылаана нэһилиэк ити маҥнайгы учууталларын олохторун сырдаттылар. Тумул баһылыга Сахайаана Лукина уонна оскуола дириэктэрэ Николай Гаврильев Елизавета Копыринаны 85 сааһынан эҕэрдэлээтилэр. Үөрэнээччилэр уонна оскуола кэлэктиибэ эҕэрдэ нүөмэрдэри анаатылар. Ыалдьыттарбыт чугас киһилэрин-эһээлэрин аатын үйэтитэр сыаллаах тэрээһиҥҥэ кыттар, үлэлэһэр баҕа санааларын эттилэр. Нэһилиэк олохтоохторо уонна ыалдьыттарбыт бу дириҥ суолталаах тэрээһинтэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Лидия Христофорова.