Зоя Васильевна пааматынньыгын «Саргы түһүлгэтин» таһыгар туруорбуттарын көрөөт сүрэҕим ыалдьыбыта. Ким итинник толкуйдаан туруорбутай? Хайдах көннөрөбүт? Улуус дьаһалтатын таһыгар турара үчүгэй этэ.

Кини партия бастакы сэкиритээрэ Александр Михайлович Ягнышевтыын улууспутун салайбыт кэмнэрэ умнуллубат. Людмила Аммосова суруйбутун курдук, ити сылларга цемент собуота олоххо киирэн, гаас тардыллан тутуу бөҕөтө барбыта, сайдыы түстэммитэ. «Харчы суох, кураанаҕы дойҕохтоомоҥ» диэччилэр баалларын сэрэйэбин. Харчы урут даҕаны ыһылла сылдьыбат этэ. Күүһү түмтэххэ, кэскиллээҕи санаатахха кыаллар дьыала. Дойдутун, норуотун туһугар олоҕун анаабыт эдьиийбитигэр итинник сыһыаннаһар олох сатаммат, сиэрэ суох быһыы буолар.
Зоя Васильевна киһи быһыытынан үчүгэй буоларын ааһан улахан таһымнаах салайааччы этэ. Кинини кытта үлэлээбиппиттэн дьоллоох курдук сананабын…

Екатерина СИДОРОВА, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.


Эдьиийбитин
дьон үтүө тылынан ахталларыттан үөрэбит

Зоя Васильевна Решетникова дьонугар-норуотугар бүтүн олоҕун анаабыт, Хаҥалаһын сайдарын туһугар бэриниилээхтик үлэлээбит талааннаах салайааччы этэ. Кини оройуоммутун салайан олорбут кэмин билигин дьон махтана ахталларын астына, киэн тутта истэбит.

Кырдьык, эдьиийбит барахсан оройуо-нум туһа диэн өрөбүлэ, сынньалаҥа суох түбүгүрэрэ, элбэхтик командировкаларга сылдьара, ордук от үлэтин, хомуур кэмигэр дьиэҕэ көстүбэт буолара. Дьону кытары көрсүһэрэ, миэстэтигэр балаһыанньа хайдаҕын бэйэтинэн көрөрүн, билэрин астынара, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээҕэ, үлэтигэр олус ирдэбиллээҕэ. Дьоҥҥо болҕомтолооҕо, көмөлөспүт, араҥаччылаабыт киһитэ элбэҕэ.
Эдьиийбит туһунан тахсыбыт кинигэлэргэ кини туһунан элбэх үчүгэйи суруйбуттара.
Эдьиийбит хара ньуура суох үлэһит этэ. Иллэҥсийдэ даҕаны кинигэ ааҕарын, быысабайдыырын, иистэнэрин, хоруомка тиһэрин сөбүлүүрэ, барытыгар талааннааҕа, сатаабата диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Хоһоон суруйан дьүөгэлэригэр бэлэхтиир үгэстээҕэ, буочара үчүгэйэ…
Биһиги, аймахтара, суруналыыс Людмила Аммосоваҕа үтүө тылларын иһин махтанабыт уонна кини этиитигэр сөбүлэһэбит — пааматынньыга, кырдык, сатамньыта суох сиргэ турарын көрөбүт уонна кыаллар буоллаҕына чуумпу, чөкө, табыгастаах миэстэҕэ көһөрөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Чугас дьонун ааттарыттан З.И.КАМПЕЕВА,
СӨ култууратын туйгуна, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, В.В. РЕШЕТНИКОВА, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах үлэһитэ.

Читайте дальше