Хаҥаластааҕы түмэлгэ ойууннааһын, итэҕэл, үгэстэр тула лекторий ыытылынна

Покровскайга Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл араас өрүттээх үлэни ыытар. Чэппиэр күн манна «Шаманизм как религия: генезис, реконструкция, традиции» диэн лекторий үлэлээтэ. Бү тэрээһин биллиилээх учуонай, общественнай диэйэтэл Гавриил Ксенофонтовка аналлаах декада чэрчитинэн ыытылынна.

Көрсүһүү «Круг жизни: вера, обряд и таинство» диэн дьоҕус быыстапканан арылынна. Лекторийга кытта кэлбит дьон ойууннааһыҥҥа, итэҕэлгэ экспонаттары, ону сэргэ Прокопий Ноговицын салайар «Эллэйээдэ» оҕолор экспедицияларын булумньуларыттан туруорбуттарын көрдүлэр, түмэл үлэһитэ Наталья Тимофеева сэргэх кэпсээнин иһиттилэр. Манна дьикти түктүйэ иһит баар. Этнографическай литератураҕа сахаларга бу туой иһиккэ куһаҕаннык өлбүт үөр буолбут дьон, ойууннар, оннооҕор ньирэйдэр, кулунчуктар дууһаларын хаайаллар, кистииллэр эбит.

Түмэлбитигэр лекторий аныгы технологияларга көһүүгэ ананыллан куонкурус түмүгүнэн кэлбит оборудованиены туһанан ыытылынна. Видео-кэмпириэнсийэ сибээһинэн Александр Евдокимов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай медико-стоматологическай университет доцена, медицинскэй наука кандидата Марк Головизнин куйаар ситиминэн быһа тахсан презентациятын туһанан кытынна. Учуонай билиһиннэрэр тиэмэтэ суруйааччы Варлам Шаламов поэзияҕа уонна биографическай прозаҕа ойууннааһын киириитигэр ананна. Манна кини Шаламов төрүттэригэр айылҕаттан айдарыылаахтар баалларыттан саҕалаан дьикти көрүүлэрэ суруйааччы буолуутугар оруоллааҕын, сахалартан учуонай Гавриил Ксенофонтов чинчийиилэригэр тирэнэн санаатын үллэһиннэ. Чыҥха атын идэлээх киһи итэҕэли, ойууннааһыны көрүүтэ ураты буолла.


Аны биир видео-сибээс нөҥүө кэпсэтиини Миклухо-Маклай аатынан Россия наукаларын академиятын Медицинскэй антропологияҕа киинин, Антропологияҕа уонна этнологияҕа институтун научнай сотруднига Ия Меккюсярова ыытта. Дакылаатын тиэмэтэ «Медицинскэй антрополог в поле: культура, здоровье и болезнь» диэн. Итэҕэли, киһи ураты кыаҕын күүһүн атын өттүттэн көрүүтэ буолла. Лекторийга кэлбиттэр ураты айылҕалаах дьон туһунан медицина өттүттэн быһаарыы эрэйэн кэккэ ыйытыылардаах буоллулар. Манна киһи дьиктиргиирэ үгүс, биир лекциянан киһи быһаарбат дьыалата.
Бэйэбит кыраайы үөрэтээччилэрбит иһитиннэриилэри чугастык ылынныбыт. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларыгар Гуманитарнай чинчийии институтуттан старшай научнай сотрудник, историческай наука кандидата Валерий Васильев итэҕэлгэ, ойууннааһыҥҥа иһитиннэриитэ, чинчийиилэрэ болҕомтону тарта. Дакылаатын аата «Шаманский пантеон божеств и древний ысыах по источникам Г.Ф. Миллера, Г.В. Ксенофонтова и А.И. Саввина» диэн. Кини Эллэйбитин айыы ойуунун, төрүт саха итэҕэлин тарҕатааччы быһыытынан таарыйда, түҥ былыргы историяны сэгэтэн көрөн бэйэтин санаатын тириэртэ. Итэҕэтиилээх этиилэр, үһүйээннэргэ тирэнии кэрэхсэттилэр. Гавриил Ксенофонтов чинчийбит өрүттэрин билсибитин иһитиннэрдэ, бэйэтин сабаҕалааһыннарын эттэ. Үрүҥ Айыы тойон, иччилэр, ойууннар ис кыахтара, саха итэҕэлэ хантан саҕаламмыта кэпсээтэххэ, бүтэн барыа суох курдук. Гавриил Ксенофонтовпыт сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр сүдү да үлэни ылса сылдьыбыт эбит. Кэпсэтиибитигэр Эргис Ойууҥҥа, кэлин Сыдыбылга да тиийтэлээн ыллыбыт.


Сонун чинчийиилэрин Ньургун Багдарыын Сүлбэ уола, филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийиигэ институт тылга салаатын научнай сотруднига «Лексика шаманизма в топонимах Якутии» диэн дакылаатынан билиһиннэрдэ. Сахаларга ааттара ааттаммат кырдьаҕастар, кэпсэниллибит кэпсээһин диэн баар буолууларын, сир ааттарын кытары элбэх сибээстээҕи о.д.а. норуоппут ыһа-тоҕо кэпсээбэтин быктарда…
Түмүкпэр маннык лекторийдар олус тулһалаахтарын итэҕэйдим. Түмэллэрбит аныгы технологиялары туһанан норуокка олох, итэҕэл, сиэр-майгы, үйэлэртэн түмүллэн кэлбит сыаннастарбытын харыстаан илдьэ сылдьарбытыгар, Г.В. Ксенофонтов курдук улуу учуонайдарбыт үлэлэрин тарҕатыыга олугу уураллара олус бэрт.


Бу күн историяны ыччакка тарҕатыыга, билиигэ-көрүүгэ үлэлэһэр энтузиаст дьон баалларын астына бэлиэтээтилэр. Г.В. Ксенофонтов төрөөбүт 135 сылынан ыытыллар тэрээһиннэргэ наука өттүнэн оҕолору кытары сыралаһан үлэлиир Ой орто оскуолатын дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччытыгар, «Эллэйээдэ» экспедиция салайааччытыгар Прокопий Ноговицыҥҥа бу күн үөрэх салаатын аатыттан Махтал сурук, бириэмийэ туттарылынна. Түгэнинэн туһанан управление салайааччытынан саҥа анаммыт Павел Аргунов Бүтүн Россиятааҕы Экономика үрдүкү оскуолатын аатыттан үөрэх эйгэтигэр саҥа бырайыакка кыттан үлэлииргэ ситиһиилэммит, билигин түмэлбит дириэктэринэн үлэлиир, бу лекторийы иилээн-саҕалаан ыыппыт Елизавета Мартыноваҕа ананан кэлбит наҕарааданы тириэртэ.
Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлбит маннык тэрээһиннэри ыытара хайҕаллаах дьыала.

Людмила Аммосова.