Анна уонна Гаврил Петровтар Истээххэ тэринэн олорор хаһаайыстыбаларыгар кыстыгы туоруур үлэлэрин үгэнэ. Күнүс, дьыбар кэннэ хотон сыбыыллар. Уолаттар сир тоҥон от-мас, муус тиэйэллэр.
Халлааммыт дьэ тоҥорон эрэринэн, улахан тымныылар түһэ иликтэринэ идэһэ кэмэ үүннэ. Баччаларга ханнык баҕар хаһаайыстыбалаах киһи кыстык аһын дьаһанар. Петровтар сүөһү астыы сырыттахтарына түбэһэн кэпсэттибит:
— Быйыл уопсайа 20-бэ төбөнү идэһэҕэ анаан атыыга бэлэмнээтибит. Сүөһү холун 700, буутун 750 солкуобайга атыылыыбыт. Маны таһынан туһунан иһин-үөһүн, хаан, төбө, атаҕын батарыахпыт. Эппит сыыйа-баайа атыыга баран эрэр. Баҕалаахтар биһигиттэн кэлэн сибиэһэй ынах этин атыылаһыахтарын син. Сөбүгэр сыалаах, миинҥэ игин ааттаах идэһэ этэ.
Быйыл Ала-Тыйга, үһүс базабытыгар, саҥа 100 миэстэлээх хотон туттан ыччат сүөһүнү көһөрдүбүт. 93 төбө онно кыстаан турар. Икки үлэһит баар уонна уолаттарым кэлэ-бара сылдьан тэнҥэ көрсөллөр. Бу дойдуга мэччирэҥэ да олус табыгастаах. Арай уот ситимэ тардылла илигэ куһаҕан. Ала-Тыйтан аатырар Үрүҥ Баспыт чугас, 5-6 км., онтон уот тардан биэрдэллэр, абыраллаах дьыала буолуо этэ. Билигин дьоммут электричествота суох олороллор.
Биһиги манна Истээххэ олорорбутун олус сөбүлээтибит. Айылҕата кэрэтин, уу-хаар баар, нэһилиэктэн чугас турар. Хаар түһэн барыта өссө кэрэ көстүүлэннэ, хас сарсыарда аайы ыраас кыһынҥы салгын үчүгэйин! — диэн хаһаайка Анна Петрова үөрэ кэпсиир.
Петровтар кыстыктарыгар 70-ча ыанар ынахтаахтар. Билигин да бары кыралаан ыаналлар. Күнҥэ 60-ча лиитирэ үүт кэлэ турар. Онон тоҥ үүтү хаһаанан атыыга таһаараллар. Элбэҕи ылааччыга дьиэлэригэр аҕалан биэрэллэр. Быйылгы сыл түмүгүнэн барыта 100-тэн тахса лиитэрэ үүтү туттаран былааннарын хайыы үйэҕэ толорон олороллор.
Тыа дьоно үлэһит-хамнаскыт ситиһиилээх буоллун, өрүү сайда, кэҥии туруҥ!
Татьяна Владимирова.