Саха Сирин бастакы Президенэ Михаил Николаев архыып-библиотеката, Николаев—киин сүрүн соруга — Михаил Николаев уонна кини үөлээннээхтэрин олохторун, үлэлэрин туһунан билиини түмүү, үөрэтии, уонна сырдатыы буолар. Михаил Ефимович бэйэтэ эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар улахан политикаҕа 38 саастааҕар 1975 сыллаахха Совмин солбуйар бэрэссэдээтэлинэн талыллыаҕыттан киирбит.
Кырдьык даҕаны, 1991 сылтан 2001 сылга дылы бастаан Саха өрөспүүбүлүкэтин тэрийэн, уон сыл салайан кэлбит киһи туһунан атыннык этэр кыаллыбат. Судаарыстыбаннас тэриллиитэ, экономика, үөрэх, доруобуйа харыстабыла, тас дойдулары кытта сыһыан, Арктика, промышленность, тутуу, айылҕа харыстабыла, тыа сирин олоҕо, спорт, культура уонна да атын киһи аймах олоҕун туох баар өрүтүн хабар хайысхаларга тустаах, сөптөөх уонна кэскиллээх дьаһаллары ылан олоххо киллэрбитинэн ахсааннаах дьон тэҥнэһэр киһитэ диэтэхпитинэ эмиэ улахан алҕас буолбата буолуо. Ол курдук сахалартан бастакынан Россия Федерациятын тутулун бигэргэтэр Федеративнай сөбүлэҥҥэ Саха Сирин салайааччытын быһыытынан илии баттаабыта уонна Россия Федерациятын сүрүн сокуона ылыллыытыгар Конституционнай сүбэ кыттыылааҕын быһыытынан быһаччы үлэлээбитэ. Урут да, хойут да итинник таһымнаах докумуоннарга илии баттаабыт киһибит суох.
Киһи олоҕо-дьаһаҕа оҕотунан-уруутунан, дьиэтинэн-уотунан, хайдах дьаһанан олорорунан быһаарыллар буоллаҕына, судаарыстыбаннай үлэһит, үрдүк таһымнаах политик үлэтэ оҥорон хаалларбытынан, ситиһиитинэн быһаарыллар. Михаил Николаев 1975 сылтан САССР Совминын солбуйар бэрэссэдээтэлэ, САССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ, САССР Үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ, уонна ол кэмҥэ балтараа сыл курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, Россия Федерациятын Федеративнай сүбэтин чилиэнэ, Россия Федерациятын Федеративнай сүбэтин солбуйар бэрэссэдээтэлэ, Россия Федерациятын Госдуматын депутата, түөрт төгүллээх САССР Үрдүкү Сэбиэтин, РСФСР маҥнайгы сийиэһин депутата, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ. Судаарыстыбаннай Суверинитет ылыллыытын тэҥэ, АЛРОСА тэриллиитэ, Медицинэ киинин тутуллуута, Чурапчытааҕы спортивнай институт, СӨ Наукаларын Академията, Муусука үрдүкү оскуолата, Ураты харыстанар айылҕа кэрэ сирдэрэ, «Орто Дойду” зоопарката уо. д.а. Саха сирин дьонун барыларын олоҕун тупсарбыт тэрилтэлэр арыллыылара, Чөл олох хамсааһын, Азия оҕолоро спортивнай оонньуулара, Ыһыахпыт судаарыстыбаннай бырааһынньык буолуута уонна да атын кэрэхсэбиллээх дьаһаллар Президент Михаил Николаев аатын кытта быһаччы ситимнээхтэр.
Михаил Ефимович ыра санаата Саха сирин олохтоохторо бэйэ кыаҕын туһанан, Россия уонна Аан Дойду дьонун—сэргэтин кытта бииргэ алтыһан, чөл, баай-талым, нус-хас олохтоох буолалларын ситиһии этэ. Ол ыра санаата туоларыгар олоҕун тиһэх күннэригэр дылы турууласпыта, үлэлээбитэ. Биллэн турар, Саха сиригэр урут да, хойут да чулуу, чаҕылхай дьон төрөөн-үөскээн дойдуларын, бар дьоннорун туһугар үлэлээн-хамнаан саханы саха дэтэн, бачча тыйыс дойдуга олохсуйан, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ нэлэмэн дуоллары баһылаан 3.5 мөлүйүөн кэриҥэ квадратнай килэмиэтирдээх сири Саха сирэ дэтэн кэллэхпит. Ол да буоллар, бу дьонтон ураты тутар, судаарыстыбаннас сайдыытыгар өҥөлөрүн чорботон бэлиэтиир, холобур оҥостор биллэр-көстөр, киэн туттан Улуу дьон диэн ааттыыр аҕыйах киһилээхпит. Бастатан туран үһүйээннэргэ киирбит Омоҕой Баай, Эллэй Боотур, Тыгын Дархан буолаллар. Онтон нуучча кэлбитин кэннэ бар дьонун олоҕо тупсарын туһугар турууласпыт Соппуруон Сыраанап, Өлөксөй Ардьакыап, Ылдьаа Шадрин, Уйбаан Мигалкин, Баһылай Никииппэрэп — Күлүмнүүр бааллар.
Саха сирэ билиҥҥи кыраныыссатын иһигэр автономияны ыларын ситиспит, бар дьонун сайдыы суолугар таһаарбыт Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап, Ыстапаан Ардьакыап эмиэ ураты ытыктанар дьоммут буолаллар. Сэрии Саҕана аас-туор олоххо дьонун көмүскээбит, үгүс киһини хоргуйууттан быыһаабыт Ылдьаа Бүнөкүүрэп — аатын биһиги махтанан туран ааттыыбыт.
Бу улуу өбүгэлэрбит туйахтарын хатарбыт, Саха сирэ XXI үйэҕэ эрэллээхтик киирэрин ситиспит, Хабырыл Чиряев аата эмиэ хайаан да ааттаныан наада. Михаил Николаев үөһээ ааттаммыт улуу дьоммут кэккэтигэр киириэн син. Манна аҕыйах төрүөтү чорботон бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Бастакытынан, Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрэ талбыт бастакы салайааччыбыт буолар. Ол иннинэ наар анаммыт дьон салайан кэлбиттэрэ. Иккиһинэн, аан бастакынан Россия таһымыгар сүрүн докумуон ылыллыытыгар үлэлэспит, илии баттаабыт киһибит буолар. Кини иннинэ да,кини кэнниттэн да, бүтүн Россия тутулун бигэргэтиспит, быһаарсыбыт киһибит суох. Үсүһүнэн, сахалартанбастакынан бэйэтэ туруорсан, кэпсэтэн Россия салайааччытын тылыгар киллэрэн Саха Сиригэр аҕала сылдьыбыта. Буолаары буолан, тыа сиригэр таһааран дьон-сэргэ олоҕун кытта билиһиннэрбитэ, көрдөрбүтэ. Борис Николаевич Ельцин кэлиэн иннинэ урукку Россия ыраахтааҕыта да, СССР, РСФСР салайааччыта да Саха сиригэр кэлэ илик этэ. Төрдүһүнэн, Михаил Николаев иннинэ биир да салайааччыбыт тас дойдулары кыттабыһаччы сыһыаны олохтуу илик этэ. Кини 15 тас дойду салайааччытын кытта көрсүбүтэ, ООН уоннаЕвропарламеҥҥа тыл эппитэ, Саха сирин ЮНЕСКО, «Хотугу Форум» уонна «Фонд дикой природы»тэрийээччитэ, кыттыылааҕа оҥорбута. Аан дойдугабастакынан Азия оҕолоругар аналлаах норуоттар иккиардыларынааҕы улахан спортивнай күрэх тэрийбитэ. Бэсиһинэн, маны барытын Саха сирин судаарыстыбаннаһын үрдүк таһымҥа таһааран, бас билии, бэйэни салайыныы, дьон билиитэ-күрүүтэ, олоҕо тупсарыгар салалларынситиспитэ.
Хас биирдии политик бэйэтэ уратылаах, атыннаах буолар. Баҕар ол уратыны бэлиэтии көрөн, ону чорботоору буолуо, былырыын Ил Дархан Айсен Николаев Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туоларыгар, кини төрөөбүт сэтинньи 13 күнүн Саха сиригэр Саҥаны киллэрии — Инновация күнүнэн биллэрбитэ. Былырыын Ил Дархан ыйааҕын көрөн баран, Михаил Николаевы кытта биир кэпсэтиибитин санаанкэлбитим. Биллэрин курдук, Михаил Ефимович өрөбүл, уоппуска диэни билимээккэ үлэлиир киһи. Кэргэнэ ДораНикитична эппитинэн 60-ча сыл бииргэ олорбуттарыттанүйэлэригэр биирдэ эрэ соҕуруу баран сынньанан кэлбиттэрүһү. Эдэр сылдьан үлэтигэр охтон түһүөр дылы үлэлиир этэдиэн Дора Никитична кэпсээбитэ. 2012 сылтан куруутункини аттыгар сылдьыбыт киһилиин, Михаил Ефимович төһө үлэһитин уонна ирдэбиллээҕин атын дьонтон итэҕэс билбэтим буолуо дии саныыбын. Ол гынан баран сахакиһитин сиэринэн быыс булла эрэ, үксүн сынньалаҥ, бырааһынньык кэмнэригэр биир-икки күҥҥэ айылҕаҕатахсар этэ. Биир оннук сөбүлээн сылдьар сиринэн Буотама үрэҕэ буолара. Буотаманан уста сылдьыбыт туристарМихаил Ефимовиһы үрэх кытыытыгар көрсүбүттэрин өйдүүллэрэ буолуо. Оннук айылҕаҕа сылдьарыгар кинихаамарын, кинигэ ааҕарын, дьону кытта сэһэргэһэрин сөбүлүүрэ. Кэпсэтиилэр үксүн история, философия, урукку-хойукку политика, дьон-сэргэ олоҕо, Саха сирин, Россия, омук улахан политиктарын туһунан буолааччы. Дьаарбайасылдьан, кулуһун тула олорон кэпсэтиилэргэ кини уратытыкаһыллан, сөҕүөх иһин идэлээх кэпсээнньит дуу, сэһэнньит дуу курдук киһи истэ эрэ олоруон, хааһахтан хостууркурдук дьон ааттарын, суолталаах түгэннэри, кэминкэрдиитин чопчулаан туран, ойуулаан дьүһүннээн кэпсиирэтэ. Киэҥ-сытыы билиитэ, барытын өйдүү сылдьара, туохбаар түгэҥҥэ бэйэтэ ураты көрүүлээҕэ, санаатасааһыламмыта, өйүн өркөнө кини Аан дархан буоларынбигэргэтэр уонна туоһулуур курдуга.
Эллэй Боотуртан, үһүйээннэрбититтэн кэлбит соруктар
Мин өйдөөн кэлбит кэпсэтиим Буотамаҕа баар саха уустара болгуо уһаарар оһохторун аттыгар буолбута. Биллэр асчыт Лэгэнтэй Тарбаахабы кытта дьаарбайа сылдьан, ол оһоххо тиийэн кэлэн нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи кэми кэпсэтии буолла. Михаил Ефимович этэринэн, сахалар, биһиги Эллэй Боотур туһунан үһүйээннэрбитигэр, өбүгэлэрбит кэнэҕэски ыччаттарыгар булгуччу тутуһуллуохтаах, толоруллуохтаах уонна ирдэнэр соругу туруоран хаалларбыттар. Ону өйдөөбөтөхпүтүнэ, үөрэппэтэхпитинэ уонна толорботохпутуна кэскилбит кэхтэр, саргыбыт сарбыллар кутталлаах. Ол сорук,кылгастык эттэххэ, маннык. Саха омуга саҥаны билэргэ талаһыылаах, саҥаны иҥэринэр, үөрэтэр уонна үчүгэй диэбитин түргэнник ылынар, бэйэтигэр сөп түбэһиннэрэн уларытар, тупсарар уонна киэҥник туһанар. Кырдьыга даҕаны, “Өйдөөх бааһынай” диэн кэпсээнтэн Өксөкүлээх “Интеллигенцияҕа суругар” уонна “Ойуун түүлүгэр” тиийэ саҥаны билии, ону туһаныы, үөрэххэ, билиигэ талаһыы олохпут тупсарын төрдө буолара туоһулана сылдьар.
Михаил Ефимовиһы кытта өр сыл алтыспыт, кинини ааспыт үйэ 60-с, 70-с сылларыттан билэр дьон этэринэн, кини дьонтон биир уратыта диэн куруутун, саҥа үлэ хайысхаларын була сатыыра, биитэр турар соруктары саҥа ньыманан быһаара сатыыра буолар үһү. Итиннэ мин аҕыйах холобуру аҕалыахпын баҕарабын. Билигин Эдьигээҥҥэ “Путина” диэн ааттаах күндүөпкэ балык тахсыытын баттаһаулахан балыктааһын тэрээһинэ буолар. Турар турбат барыта киирэн, балык күрэҕэ, илим үтүүтэ, араас күрэхтэһиилэр тэриллэн, атыы-эргиэн ыытыллан, дьон сэргэ сынньанар да, Күөх Боллох баайыттан көмүс хатырыктааҕы бэрсиһиннэрэн үөрэр-көтөр даҕаны. Эдьигээннэр бу улахан тэрээһини Михаил Ефимович манна үлэлии сылдьан саҕалаабытын бэркэ билэллэр.
1960-с сыллар саҕаланыыларыгар, оччолорго Михаил Ефимович саҥа Омскай ветеринарнай институту бүтэрэн кэлбитигэр, сылы кыайбат ветеринардатан баран комсомолга үлэҕэ аныыллар. Ити кэмҥэ олохтоох дьон үксүн булт, таба иитиитэ дьарыктаахтара. Михаил Ефимович Еремеев Семен Семенович диэн Халыматтан кэлбит киһи, сэтинньигэ муус турда эрэ ыттарын көлүнэн киирэн балыктыырын көрөн, кинини кытта кэпсэтэн, күндүөпкэ тахсарын билэн бастаан эдэр ыччаты угуйан, тэрийэн киллэрэн балык тутуутун саҕалыыр, онтон ити хамсааһын улаатан, тэнийэн билигин эдьигээннэр биир саамай күүтэр бырааһынньыктара буолан сыл аайы ыытыллар.
Кадры бэлэмниир уонна аттарар департамент тэрийээччитэ Матвей Васильевич Мучин кэпсээнинэн, кини 1974 с.Павловскай орто оскуолатын директорынан үлэлии сырыттаҕына Дьокуускай куораттан, хойут баҕайы өрүһү туораан Үөһээ Бүлүү райкомун салайааччытынан үлэлии сылдьар Михаил Николаев Павловскайга тиийэн кэлбит. Павловскай орто оскуолата учууталлары кытта методическай үлэни тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥкэккэлэргэ сылдьарын уонна анал методическай кабинет тэриллэн Педагогическай институт базовай тирэҕэ буолбутун истэн, хайдах оскуолаҕа дьиэ-кэргэн уонна общественность түмсэн үлэлиирин саҕалаабыттарын көрө-билэ кэлбитин эппит. Оччолорго 37 саастаах, бүтүн Үөһээ Бүлүү оройуонун салайар, кыстык тахсыыта, ас-үөл, олох-дьаһах кыһалҕаларын быһаара сылдьар, 1970 сылга биир саамай хаалыылаах оройуону 1974 сылга САССР Социалистическай күрэҕин кыайыылааҕа оҥорбут киһи, бүтүн саха омугун кэскилэ үөрэҕириигэ сытарын оччоттон таба көрөн, кыһаллан саҥа үөрэх ньымаларын була сатааһына 70-с сыллартан саҕаламмытын Матвей Васильевич сөҕөн кэпсиир.
Наукаҕа тирэҕирэн
Михаил Ефимович үлэтэ 1975 сылтан 1989 сылга дылы тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин олоҕун кытта ыкса ситимнээх. Бу сылларга Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ наукаҕа тирэҕириитэ күүһүрэн сири нүөлсүтүүгэ, оҕуруот аһын олордууга, сылгы-сүөһү иитиитигэр уонна сүрүннээн тыа сирин дьонун олоҕо тупсарыгар балысхан үлэ ыытыллыбыта. Үлэни наука ситиһиитигэр тирэҕирэн ыытыы киэҥник тарҕаммыта, СГУ-га күөллэри үөрэтэр кафедра, кэлин АГАТУ-га кубулуйбут Тыа хаһаайыстыбатын института арыллыбыттара. Кэлин президент буолан баран иитэ сылдьыбыт ыра санаатын толорон өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан телемедицина, аһаҕас сүрэххэ эпирээссийэ, генетиканы чинчийии, ураты дьоҕурдаах оҕолору өйөөһүнү тус бэйэтэ саҕалаан, тэрийэн, туруоран, олоххо киллэрбитэ. Бу холобурдары төһө баҕар салҕаан бара туруохха син.
Бэйэ кыаҕын сайыннарыы
Кини инновацияны аҥаардас саҥа цифровой технологияныэрэ кытта ситимнээбэт этэ. Киһи олоҕун туох баарөрүттэригэр саҥа сүүрээннэр, саҥа ньымалар киирэллэригэркыһаллан, үөрэх, наука, технология ситиһиилэригэр олоҕуран, бэйэ күүһүн сайыннаран Саха сирин кэскилин биир даҕаны кыаммат-түгэммэт, дьадаҥы киһи хаалбатынтуһугар олоҕун анаабыта. Мин санаабар ол иһин буолуо. Михаил Ефимович чугас доҕоро, СССР үөрэҕин миниистиригэр тиийэн Саха сиригэр Сэбиэскэй Союзка аанбастаан тыа сирин оскуолатыгар анал математическайкылаас аһылларын ситиспит, бэйэтэ эмиэ уратыайдарыылаах киһи Михаил Андреевич Алексеев оскуолатынбүтэрэн, дойдубут бастыҥ университетыгар үөрэммит Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Ньукулаайап, БастакыПрезидеммит Михаил Ефимович төрөөбүт күнэ үйэ саастухары, үһүйээммитигэр кэпсэммит, Өксөкүлээх бэлиэтээбит сайдыы, саҥаны баһылааһын, үөрэххэ-билиигэ тирэҕирии — Инновация күнэ буолан Саха Сирин саҥа сырдык саҕахтарга сирдии, салайа, ыҥыра, угуйа турдундиэтэҕэ. Онон бэйэбит дириҥ силистээх-мутуктаах, үрдүк сыаллаах-соруктаах, олохпут туох баар өрүтүн хабар, түмэр анал Сайдыы күннэннибит. Бу күммүтүгэр туох суолтабиэрэн, кинини хайдах көрсөрбүтүттэн-атаарарбытыттан дойдубут, тус бэйэбит, кэнчээри ыччаппыт олоҕо быһаччы тутулуктаах.
Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” айымньытын мээнэҕэ маннык тылларынан түмүктээбэтэҕэ буолуо.
Үөмэн тиийбэт үрдүк сололоох үгүс үтүөнү үөдүппүт,
Үс дойду өйүн үксэппит, үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр
Сэттэ уон сэттэ дьиибэ дьибилгэттэрин
Дьэс эмэгэт гынан испитигэр иҥэрэн
Ийэ куппутун иитиэхтиэҕиҥ.
Аҕыһуон аҕыс араас албастарын алкыйан ылан
Ат гынан салгын куппутун алыптыаҕыҥ.
Тоҕуһуон тоҕус кудай кубулҕаттарын
Куудьуйан ылан буор куппутун буһатытыаҕыҥ.
Михаил Ефимович Николаев дьон-сэргэ ортотугар, үлэ үөһүгэр олорон ааста. Тыыннаах хаалар эрэ туһугар турууласпакка, сайдыы туһугар охсуһан, Аан дойдусайдыылаах омуктарыттан итэҕэһэ суох олорор туһугар үлэлээн үгүс үтүө саҕалааһыннары олоххо киллэрэн бар дьонугар хаалларда. Билигин кини ыра санаатын ымыытаНаукалар Дьоҕус Академиялара Хаҥалас сиригэр турар. Ил Дархан Айсен Николаев Михаил Ефимовиһы тиһэх суолугаратаарарга Наука Дьоҕус Академиятын улаатыннаран Наука уонна Технология кластерын тэрийэр туһунан эппитэ уоннакэлин Норуоттар икки ардыларынааҕы университет оҥорор санаалар бааллар диэбитэ. Билигин Хаҥалас олохтоохторобу сөҕүмэр хамсааһынтан туора турбакка үөрэх, наука, билии, саҥаны киллэрии өттүгэр болҕомто ууран өбүгэ соругун олоххо киллэриэх тустаахпыт.
Сергей Попов, СӨ Бастакы Президенын Архыып-библиотеката “Николаев-киин” үлэһитэ, 2012-2023сс. М.Е. Николаев көмөлөһөөччүтэ.