Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын уонна Россияҕа Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар 100 сааһын туолар биир дойдулаахпыт Степан Николаевич Соловьев туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Степан Николаевич — Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР сэттис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР Үлэҕэ Государственнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьанынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», “Праганы босхолооһун иһин», «Берлины ылыы иһин», “Германияны кыайыы иһин” уонна Улуу Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, И.В. Сталинтан Махтал суругунан уонна I-Украинскай фронт маршала И. Конев Махтал грамотатынан наҕараадаламмыта.
Степан Николаевич сэтинньи 11 күнүгэр 1923 сыллаахха Орджоникидзевскай оройуон Тумул нэһилиэгин Хайа Баһыгар төрөөбүтэ. 1932 с. Батамаайыга маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэр. Онтон Сиинэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы финансовай техникум устудьуона буолар. 2-с куурсу бүтэрбитин кэннэ бэс ыйын 19 күнүгэр 1942 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллар. Хорсуннук сэриилэһэн төрөөбүт дойдутугар олунньу 23 күнүгэр 1947 сыллаахха төннөр. 1948 с. финансовай техникуму ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр. Красноярскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэр. Хас да оройуоҥҥа салайар үлэҕэ үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ салайааччытыгар тиийэ үүнэр.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин сэбиэтигэр үлэлээбитэ. Степан Николаевич билиитин-көрүүтүн барытын, тус кыаҕын норуот олоҕо тупсарыгар анаабыт биир биллэр салайааччы.
Степан Николаевич үлэҕэ ситиһиитигэр кэргэнэ Дора Ильинична оруола улахан миэстэни ылар. Кини кэргэнин түбүктээх үлэтигэр күүс-көмө, өйөбүл буолбута. Дора Ильинична финансовай техникуму бүтэриэҕиттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри идэтинэн үлэлээбитэ. Үп министиэристибэтин биир тутаах үлэһитэ, ССРС Үбүн министиэристибэтин «Финансовай үлэ туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Соловьевтар түөрт оҕолорун иитэн, үөрэттэрэн үтүө дьон оҥортообуттара. Эһээ, эбээ буолан үөрүүлэрэ үрдээбитэ.
Степан Николаевич эдэр ыччакка настаабынньык быһыытынан биллэр. Кини сүбэтэ-амата, көмөтэ элбэх. Үтүө аатын оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара өйдүү-саныы сылдьыахтара уонна махтал тылларын аныахтара…
2013-2014 үөрэх дьылыттан саҕалаан Тумул сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын бүтэрэр үөрэнээччилэргэ Соловьев Степан Николаевич аатынан анал стипендияны оҕолоро туттараллар. Бу сыллар усталарыгар барыта 25 оҕо стипендиянан бэлиэтэннэ.
Быйыл олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн (баһылык Сахаяна Лукина) нэһилиэкпит ыһыаҕа биир дойдулаахпыт Соловьев Степан Николаевич 100 сааһыгар ананна.
Ыһыахха биир саамай күүтүүлээх түгэнинэн «Тумул Боотур-2023» күрэх буолбута. Степан Николаевич оҕолоро (маҥнайгы миэстэҕэ 35 000 солк.), сиэннэрэ (иккис миэстэҕэ 25 000 солк.) уонна аймахтара (үһүс миэстэҕэ 15 000 солк.) сүрүн спонсор буоллулар. Бастакы миэстэни Эльдар Христофоров, иккиһи Никита Гаврильев уонна үһүс миэстэни Анатолий Иванов ылбыттара. Күрэх бары кыттааччылара сүрүн спонсортан эмиэ харчынан бириэмийэ туппуттара.
Киэһэ култуура-сынньалаҥ киинигэр Степан Николаевич Соловьев араас кэмнэргэ нэһилиэк дьонун-сэргэтин киинэҕэ уһулбутун көрдүбүт. Чугас дьоммутун киинэҕэ көрөн бары да долгуйан ыллыбыт.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт Степан Николаевич Соловьев олорбут олоҕо эдэр ыччакка уонна нэһилиэк олохтоохторугар, аймахтарыгар үтүө холобур буола турдун!
Лидия Христофорова, Тумул с.