СӨ Бастакы Президенэ Михаил Николаев сырдык кэриэһигэр анаммыт тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска саҕаланнылар.

«Биллэн турар, үөрэх тэрилтэлэрэ Михаил Ефимович Николаев аатын үйэтитиигэ ыкса үлэлэһэбит. Холобура, бэҕэһээ улуус киинигэр тэриллибит «Сүгүрүйэбит! Киэн туттабыт! Махтанабыт!» биэчэргэ И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1-кы №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Бүгүн бары кылаастар үөрэнэр кабинеттарын Бастакы Президеммит мэтириэтинэн, бэргэн этиилэринэн, кинигэлэринэн киэргэттилэр. Бэнидиэнньиккэ үөрэх күнэ линейканан саҕаланыа, М.Е. Николаевка анаммыт «Разговоры о важном», библиотечнай уруоктар ыытыллыахтара, оскуола музейыгар Аһаҕас аан күнэ буолуо, кинигэ быыстапката туруо, документальнай киинэ көрдөрүүтэ, начаалынай кылаастарга дьиэ кэргэнинэн онлайн-викторина ыытыллара былааннанар», — диэн саха тылын, литературатын учуутала Людмила Горохова иһитиннэрдэ.

Ольга Гермогенова.