Покровскайга «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр бу киэһээ саала толору киһи муһунна. Ол аата Александр Самсонов-Айыы Уолун ырыалара ылланар, дьону үөрдэр.
Шурикпыт баара буоллар 45-тээх киһи буолуо этэ… Умнубаппыт кини отучча сыллааҕыта бу сыанаҕа, ыарахан ыарыыга да ыллара сырыттар, аан бастаан кэнсиэртээн үөрбүтүн-көппүтүн. Онтон бастакы ырыалардаах альбома тахсыбытын…
Бириэмэ ааспыта ырааппытын! Умнубаппын аан бастаан Хаҥаластааҕы телевидениеҕа Саша туһунан биэрии бэлэмнээри (оччолорго биһиги, хаһыат суруналыыстара, олохтоох телевидение бастакы хардыыларын саҥа оҥорор кэмигэр быыстатан көмөлөһөр буоларбыт) нэһилиэк салайааччыта Григорий Сысоевы кытары Сашабыт «Ойор тэбэр оҕо сааһым, миигиттэн дуу куотума…» диэннээх ырыатынан арыаллатан Улахан Ааҥҥа көтүтэн тиийбиппитин, интервью ылбыппытын. Бу кэнсиэргэ ол биэриилэрбититтэн каадырдары видеороликтан көрдөрөн уйадытан аастылар — итинник, сырдык халлаан күөҕэ ырбаахылаах, кэпсии-ипсии олорбута бу баардыы көстөн ылла… Билигин бу дьиэтэ историяҕа эдэркээн уолчаанынан хаалбыт Сашабыт түмэлэ буолан турар, олорбут уулуссата кини аатын сүгэр, өссө онно пааматынньыктаах үчүгэйкээн сквер тутуллан сайынын сибэккинэн симэнэн кэлэр-барар ыалдьыттары гитаралаах көрсөр. Саша туһунан хас даҕаны кинигэ, видеоролик таҕыста, кини аатынан талааннаах эдэр ыччакка ырыа күрэҕэ утумнаахтык ыытыллар, Покровскай Набережнайыгар ырыалардаах ыскаамыйа туруоруллубута. «Мин ырыам тыллара ыллана туруоҕа…» диэбит тыллардаах «Мин Орто дойдуга ыллаары кэлбитим…» диэн тыллардаах ырыалара өрүү иһиллэллэр. Дьэ, кырдьык, бу оччоллорго сүүрбэччэлээх эрэ уол ыллаан хаалларбыт ырыалара күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри биһигини, эдэрдэри кытары долгутар. Ону кытары — оҕотун сүтэрбит ийэкээн Марфа Иннокентьевна ыар аһыыта, уолчаанын аатын үйэтитэр хорсун таптала.
Бу кэнсиэри билигин бочуоттаах сынньалаҥ диэҥҥэ олорор Марфа Иннокентьевна ырыа куттаах уолун доҕотторун, улууспут Арчы дьиэтин, «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинин түмсүүлээх үлэһиттэрин тэрийиитинэн итиэхтээн таһаарбыт соругар — Александр Самсоновка Дьокуускайга ыччат тоҕуоруһар университетын уокуругун биир кэрэ көстүүлээх сиригэр учаастак анатан стелалаах сквер оҥорорго үп түмэргэ анаан ыыт ыста. Элбэх киһи уолчаанын ахтан-санаан кэлбититтэн астынна, махтанна.
Кэнсиэрпит астык буолла. Саха сирин мелодистарын салайааччылара, Сашабыт доҕоро Алексей Калининскай-Луҥха кэлэн ырыа киэһэтин бэйэтин ырыатынан арыйда, үгүс кэрэ тыллары Саша, кини күн-күбэй ийэтин аатыгар эттэ. Ол кэнниттэн эстрада биллэр артыыстара Анатолий Горохов, Константин Степанов, Синильга, Эрчим о.д.а. өссө саҥа биллэн эрэр ырыаһыттар бииртэн биир тахсан иэйэн-куойан ыллаатылар-туойдулар, Мохсоҕоллоох кэрэ кыргыттара «Сардаана» сибэкки ырыатыгар доҕуһуоллатан нарыннык үҥкүүлээн тэйдилэр. Сашабыт ырыаларын дуоһуйа иһиттибит.
Кэнсиэртэн киирбит үп сквер тутуутугар эбии буолуо. Олус улахан суума үп эрэйиллэр буоллаҕа, аныгы үйэҕэ — билигин пенсияҕа олорор Марфа Иннокентьевна соҕотоҕун уйунар кыаҕа кыра, 3 мөл. тахса солкуобай (билигин мөлүйүөн курдук эбии наада). Ол иһин хаҥаластар, ону сэргэ кини ырыаларын таптыыр дьон, чаҕылхай талааннаах уолбут аатын үйэтитэргэ күүс-көмө буоларбыт эрэйиллэр.
Сотору тутууга тендер буолара күүтүллэр, сирбитин атын бэйэлээхтэргэ былдьатыахпытын сөп. Онон ким төһөнү кыайарынан көмөлөһүөҕүҥ харчыны Марфа Иннокентьевна Самсонова аатыгар 89143005924 нүөмэргэ угуоҕуҥ!
Людмила Аммосова.