Саха өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Айсен Николаев «Потомки государевых ямщиков» общественнай тэрилтэ көҕүлээһинин өйөөн Дьаамсыктар култуураларын Биэс сылын Уус-Маайа, Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас оройуоннарыгар ыытарга Ыйааҕа таҕыста.
— Биһиги төрүттэрбит почта сулууспатыгар Россия араас губернияларыттан бу хотугу дойдуга икки аҥар үйэ анараа өттүгэр ыытыллыбыттара. Бу кэм устатыгар Сахабыт сирин олохтоох дьонун кытары алтыһан тылларын биллилэр, олоххо үөрүйэхтэрин, үгэстэрин ылыннылар, ол да буоллар бэйэлэрин култуураларын, ырыаларын, үҥкүүлэрин умнубакка ыччаттарыгар иҥэрдилэр, — диэн кэпсиир общественнай тэрилтэ салайааччыта Ирина Стрекаловская уонна бу Ил Дархаммыт биллэрбит 5 сылын тэрийиигэ оҥоруллар тосхолго биир дойдулаахтарын этии киллэрэргэ ыҥырда.
Иркутскай-Дьокуускай киин Россияны кытары Хоту дойдуну ситимниир почта суола олохтоммута биһиэхэ сайдыыны аҕалбыта биллэр. Дьаам ханна да хатыламмат култууратын сөргүтүүгэ, умнуллан эрэрин тилиннэриигэ биһиги биир дойдулаахпыт Анатолий Добрянцев улахан өҥөлөөх. Кини көҕүлээһининэн Иркутскай уобалаһы кытары сибээс олохтоммута, Өлүөнэ өрүһүнэн 126 почта ыстаансыйатын историята үөрэтиллэр, энтузиастар чочуобуналары туппуттара, түмэллэр арыллыбыттара, ырыа-үҥкүү аргыстаах «Оонньоо, хормуоска – ыллаа, частушка!» фестиваль ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Кинигэлэр таҕыстылар, фольклорнай ансаамбыллар үлэлииллэр. Билигин үлэ эдэр ыччаты, оҕону төрдү-ууһу билиигэ, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэриигэ туһуланарыгар бу 5 Сыл биллэриллибитэ олус үчүгэй, — диэтэ кини.
Общественнай тэрилтэ ахсынньы 1-2 күннэригэр Дьокуускайга Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн), СӨ Тас сибээстэһиилэргэ уонна норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтэ Дьокуускайга «Все потомки вместе» диэн II-с регионнар икки ардыларынааҕы Иркутскай-Дьокуускай почта суола арыллыыта 280 сылынан уонна общественнай, политическай деятель А.А. Добрянцев сырдык кэриэһигэр форуму тэрийэн ыытар. Бу тэрээһин чэрчитинэн Национальнай бибилэтиэкэ история саалатыгар «Иркутско-Якутский почтовый тракт. Прошлое и настоящее» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Форум кэмигэр дьаамсыктар төрүччүлэрин быыстапката, «Лети, звон бубенцов!» фестиваль о.д.а. ыытыллыа.
Людмила Мордовская.