Уопсай дьыалаҕа бары кытталлар

Нөмүгү нэһилиэгин ийэлэрэ байыаннай дьайыыга барар уолаттарга анаан таҥас тигиитин саҕалаатылар. Дьахталлар сэбиэттэрин салайар Анастасия Гуляева иһитиннэрбитинэн, «Ситим» түмсүү кыттыылаахтара уолаттарга анаан 45 устуука кыл угунньугу оҥорон уонна тоҥ эт ас хомуйан тиксэрдилэр.

Оттон сиинэлэр иккис төгүлүн өрөбүл күн мустан убаһа кутуругун ыраастаан угунньук оҥорор матырыйаалы Дьокуускайга ыытаары бэлэмнээтилэр. Ону таһынан, кыра мөһөөччүктэргэ сэппэрээк (багульник) уган бу күннэргэ байыаннайдарга ыытыахтара.

Үөдэй олохтоохторо эдэриттэн эмэнигэр тиийэ байыастарга көмө оҥороору ким-төһө кыалларынан харчы хомуйдулар. Манна эмиэ кэрэ аҥардар кыл угунньук тигэн саҕалаары матырыйаалларын бэлэмнээбиттэр.

Мохсоҕоллоохтор хаххаланар плащ оҥоруутунан дьарыктана сылдьаллар. Аны улахан харыстанар сетка араамата бэлэм буоларын күүтэбит, билигин факел, чүмэчи оҥоро сылдьабыт диэн бөһүөлэк актыбыыстара иһитиннэрдилэр.

Бу курдук улууспут олохтоохторо уопсай дьыалаттан туора турбаттар, төһө кыалларынан өйөбүл-тирэх буолаллар.

Ольга Гермогенова.

Читайте дальше