Министерство науки и высшего образования Российской Федерации. Якутский научный центр комплексных медицинских проблем С.С. Слепцов «Материалы к генеалогии населения Оймяконья (конец XVIII –первая треть XX в.)». Новосибирск, «Наука», 2023. 470 стр., 924 экз.
Маннык ааттаах дьоһун кинигэни илиибэр бэлэх быһыытынан тутан олоробун. Ааптар -бу институкка үлэлиир биология наукатын кандидата Слепцов Спиридон Спиридонович, Өймөкөөнтөн төрүттээх, төрүччү өттүнэн баай ис хоһоонноох кинигэни суруйбут. Билиҥҥи Өймөкөөн улууһун дьонун төрүттэрин архыып докумуоннарыгар булан, сиһилии үөрэппит, кинигэҕэ киллэрбит. «База данных по генеалогии населения Оймяконья, материалы метрических книг, исповедные книги, материалы подушных росписей податного населения, проживающего в Оймяконье». Данные V, VI, VII, IX, X ревизий с 1796-1858гг., посемейные списки жителей Оймяконского улуса 1927-1928 гг. и другие архивные документы, изученные в НА РС(Я).
Кинигэ иһинээҕитин арыйаат, соһуйа көрөҕүн – Саха сирин киин сирдэриттэн барбыт Байаҕантай, Бороҕон, Хаҥалас, Нөмүгү нэһилиэктэрин (волость) дьоно Өймөкөөн олохтоохторо буолан, ревизскай сказкаларыгар, биэрэпистэригэр таҥара дьиэлэрин метрическэй кинигэлэригэр сурулла сылдьаллар эбит.
Нөмүгүгэ сыһыаннаах архивнай бэлиэтээһиннэри Спиридон Слепцов бастаан миэхэ телефонунан ыыппыта. “Эһиэхэ бу дьон Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин ревизскэй сказкатыгар бааллар дуо?”- диэн. Онон историяны сэгэтэн көрүөхэйиҥ…
Нөмүгү нэһилиэгэ XVIII-с үйэ бүтэһигэр
Бу кэмҥэ Нөмүгү уонна Эргис биир нэһилиэк буолан олорбуттар. Кинээстэринэн Идэлги аҕа ууһуттан, Эргис аҕа ууһуттан (“Два сильнейших рода…”) эр-биир талыллаллар эбит. Улахан нэһилиэк кинээһинэн М.Сът. Кирилин Нөмүгүттэн, Никифор Гермогенов Эргистэн буола сылдьыбыттара архыып докумуонугар суруллубут.
Никифор Гермогенов (Чохооной Микииппэр) туруорсан, “Степная Дума” уурааҕынан 1822 с. Эргис нэһилиэгэ туспа арахсар. Кини бэйэтин нэһилиэгэр 1857 сылга диэри кинээстиир. “Кинээс ууһа” диэн ааттаммыт аҕа уустан Г.У. Эргис (Гермогенов), фольклорист- учуонай төрүттээх.
Никифор Гермогенов кинээстээн олордоҕуна бу XVIII-с үйэ бүтэһигэр Нөмүгү нэһилиэгиттэн (волость) 9 ыал оҕолуун-уруулуун ыраах хоту көспүттэр. Бука сүөһүлүүн-астыын буолуо, хайдах моһоллору туораан, төһө өр айаннаан тиийбиттэрин билигин киһи санаатыгар да оҥорон көрбөт. Дьаһаахтан күрэнээхтииллэрэ дуу, саҥа сирдэри көрдөөн тиийэллэрэ дуу. Ол ыраах дойдуга дьаһаахтара да ситэн кэлбит.
Ол туһунан С.С. Слепцов «Материалы к генеалогии населения Оймяконья (конец XVIII –первая треть XX в.)» кинигэтигэр архыып докумуонуттан суруллубуту кылгатан киллэрдим:
«Из списка якутов Немигюнской волости Кангаласского улуса 23 июня 1795 г. перечисляющиеся в нынешней ревизии по отдаленности их жительства от наслега Кангалассккого улуса Немигюнской волости князца Никифора Гермогенова с родниками с возложенным на них ясаком трёх лисиц и обыкновенных подушных денег”
1.Бастакы ыал- Чичир Одунов, он же Василий Злыгостев, 95 лет, умер в 1786 г. глава, дьиэ кэргэнэ 12 киһилээх.
2. Нохчол Некучанева, 53.лет, вдова. Уол оҕолоох.
3. Бирдях, он же Конон Злыгостев, старшина, 51 лет, венчанная, старинная диэн икки кэргэннээх, 11 киһилээх.
4. Аян Чичиров, глава семьи, 48 лет. 6 киһилээх.
5. Андрей Попов, глава. 43 лет. 11 киһилээх, икки кэргэннээх. 1-я старинная, 2-я закладная жена. Взята калымом из Кангаласского улуса. 8 оҕолоох.
6. Иттый Жижиров, 68 лет, глава, икки кэргэниттэн 9 оҕолоох (Кэлин 3 кыыһа Байаҕантай улууһугар кэргэн барбыттар. Байаҕантайтан кийииттээх эбит), барыта15 киһилээх.
7. Моржо Чигдин, глава, 54 лет, умер в 1784г. 12 киһилээх.
8. Матоху Куегеева, вдова, глава, 73лет. 6 киһилээх.
Семья № 39:
9. Белтегос Чигдин, глава, 43 лет, Хоргутан Тогусова, 38, жена.
Быканныр, сын, 3. Сыллыр, сын, 17, холост.
Сегерин, дочь, 10. Оголур, дочь, 7 Харайбат, дочь, 17.
Табысхан, “прибыла из мужества”, сестра Чигдина, 50.
Нөмүгү нэһилиэгиттэн барыта 83 киһи (39 эр киһи, 44 дьахтар) Өймөкөөҥҥө уруу-аймах буолан тэнийдэхтэрэ. Манна атын киин улуустартан кэлбиттэр бэйэлэрин Баягантайский, Кангаласский улус диэн суруллаллар эбит Өймөкөөн иһигэр.
Бу дьон 1795 сыллаах “Ревизские ведомости Немигюнской волости”(Ф.349и. Оп.1.т.2.Д.120) суруллла сылдьаллар. (№ 727-765). Кэлин 1816 с. биэрэпискэ бу дьон суохтар. Кинилэр 1796-1810 сыллар икки ардыларыгар төрүт дойдуларыттан барбыт буолуохтарын сөп. 1811 с. Өймөкөөн сиригэр VI-с ревизияҕа киирбиттэр. Ону Николай Заболоцкай-Чысхаан төрүччүтүнэн тэҥниэҕиҥ.
Николай Максимович Заболоцкай (1907-1987) – (Оймяконо-Борогонский нэһилиэккэ төрөөбүт) суруйааччы Чысхаан Нөмүгүттэн төрүттээх.
Кинигэҕэ кини төрдүн-ууһун схемата оҥоһуллубут.
1. Бельтюгюс Чигдин- Заболоцкий (Гермогенов) Григорий, родом из Немюгинской волости (1753-1833).
Его жена Хоргутан Тогусова, родом из Немюгинской волости (1757-?).
2. Быканныр -Заболоцкий (Гермогенов) Григорий-2 родом из Немюгинской волости, (1792-1877).
Его жена Заболоцкая Вера Ивановна (1793-?).
3. Заболоцкий Василий Григорьевич (1835-1905).
Его жена Заболоцкая (Тарская) Ксения Яковлевна (1844-?).
4. Заболоцкий Максим Васильевич (1874-?).
Его жена Заболоцкая (Слепцова) Варвара Семеновна (1876-?).
5. Заболоцкий-Чысхаан Николай Максимович, писатель (1907-1987).
Ревизские сказки населения Оймяконья
Данные 6-й ревизии. Борогонский род Баягантайской волости 1811г.
Семьи №28-39 прибыли из Немюгинской волости Кангаласского улуса .
Семья № 39 Бельтюкюс Чигдин –Григорий Гермогенов 1-й, глава семьи, 59 лет.
Данные 7-й ревизии. Борогонский наслег май 1816 г.
Семья № 42 Григорий Гермогенов 1-й, 63 лет. Быканныр Григорий Гермогенов 2-й, 23лет.
Данные 9-й ревизии. Оймяконо-Борогонский наслег1851 г.
Семья № 41 Григорий Заболоцкий, Бельтюкюс, умер в 1831 г.
Григорий Григорьевъ Заболоцкий, 57 лет.
Василий Григорьевъ, сын, 15 лет.
Данные 10-й ревизии Оймяконо -.Борогонский наслег май 1858 г.
Семья № 43. Григорий Григорьевъ Заболоцкий, 65 лет.
Сын Василий Григорьевъ Заболоцкий, 23 лет.
Посемейные списки жителей Оймяконского улуса. 1-й Борогонский наслег. (1927 — 1928гг.).
Заболоцкий МАКСИМ Васильевич,53 г.,. Жена Варвара Семеновна, 44 г.
Заболоцкий Николай Максимович-1 ( Чысхаан), 19 лет.
Заболоцкий Николай Максимович-2, 2 г.
Заболоцкий Николай Максимович-3, 1 г.
Ити курдук, Нөмүгү Гермогеновтарыттан төрүттээх Бельтюгюс Чигдин оҕо-уруу тэнитэн, Өймөкөөн байаҕантайдарын кытта уруурҕаһан, 1851 сылтан Заболоцкай араспаанньаламмыттар.
Онон бары билэр “Мааппа” кэпсээни суруйбут ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ Николай Заболоцкай-Чысхаан Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгиттэн төрүттээх.
Манна даҕатан эттэххэ, Кангаласский наслег (1858) диэн туспа нэһилиэккэ 18 ыал киирбит.
Раиса Федорова, кыраайы үөрэтээччи.
Сэтинньи 2023 с.