«Биһик» ийэ уонна оҕо киинэ 25 сылын бэлиэтээтэ

Бүгүн Покровскайга «Биһик» ийэ уонна оҕо киинэ үлэлээбитэ үйэ чиэппэрин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

Билигин «Биһик» Киин кэлэктиибэ уопуттаах гинеколог-быраас Анисья Ефремова салалтатынан үлэлиир. Үбүлүөйдээх сылын Киин СӨ Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн саҥардыллан, хапытаалынай өрөмүөннээх көрүстэ. Ол курдук, быйыл бу бырагырааманан 15 717 664,81 солк. суумалаах үп көрүллэн, Ийэ уонна оҕо киинигэр улахан өрөмүөн үлэтэ барда: бастакы этээс тупсарыллан оҥоһулунна, иккис-үһүс этээстэргэ үлэ билигин да салҕанар, дьиэ үрдэ эргэрбитэ саҥардылынна.

Үбүлүөйдээх күн бэлиэ түгэнинэн саҥа төрөөбүт икки кырачааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга балыыһаттан таһаарыы буолла. Оройуон Киин балыыһатын акушерскай-гинекологическай салаатын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин, ыҥырыылаах ыалдьыттарын СӨ кылаабынай педиатра Александра Уарова, Национальнай медицина киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков, улуус баһылыга Олег Иринеев, кылаабынай быраас Артур Протодьяконов эҕэрдэлээтилэр.

Санатар буоллахха, 25 сыл анараа өттүгэр «Биһик» Киин Бастакы Президеммит Михаил Николаев тус туруорсуутунан, тас дойдулар технологияларынан, аныгылыы тэрилинэн толору хааччыллыылаах тутуллубута, Саха сиригэр бастакы перинатальнай киининэн буолар. Манна маҥнайгы сэбиэдиссэйинэн СӨ үтүөлээх бырааһа, гинеколог-быраас Матрена Шестакова анаммыта.

Ольга Гермогенова.