Чэчирии-үүнэ тур, оҕо саас кыһата!

II-с Дьөппөн нэһилиэгэр оскуола аһыллан, үүнэр көлүөнэҕэ үөрэхтээһин сайдыбыта 125 сыллаах үөрүүлээх дьоро күнэ ахсынньы 9 күнүгэр буолла.

1898 сыллаахха Хачыкааттааҕы Николаевскай таҥара дьиэтигэр церковнай-приходской оскуола арыллан үлэлээн барбыт. Онно 8 уолу, 2 кыыһы үөрэтэн саҕалаабыттар.

II-с Дьөппөн орто оскуолата ини-бии Николаевтар ааттарын сүгэр. Алексей Андреевич Николаев — Саха АССР үтүөлээх учуутала, оттон Роман Андреевич Николаев 40-тан  тахса сыл ситиһиилээхтик учууталынан үлэлээбит,  “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыт.

Үгүс көлүөнэ ыччаттар оскуола спортсаалатыгар сэлэлии хааман киирдилэр. Оскуола дириэктэрэ Дарья Скрябина бэтэрээн учууталлары, ыалдьыттары, үлэлии сылдьар кэлэктиип дьонун, үөрэнээччилэри итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн тыл эттэ. Күүтүүлээх күндү ыалдьыттарынан СӨ физическэй культураҕа уонна спортка миниистирэ Леонид Спиридонов, 2003-2010, 2014-2016 сс. СӨ үөрэҕириитин миниистиринэн үлэлээбит, педагогическай наука дуоктара Феодосия Габышева, «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков, улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Никифоров, үөрэх салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Надежда Скрябина буоллулар. Бу күн кылаас чаастара, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ о.д.а араас тэрээһиннэр быыстала суох бардылар.

Билигин XXI үйэҕэ олох сайдыытын тэтимэ балысхан. Оскуола педагогическай кэлэктиибэ аҥаардас бырагыраама эрэ билиитинэн муҥурдаммакка, оҕо бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, ис кыаҕар эрэнэр, билиҥҥи түргэн тэтимнээх сайдыылаах олоххо бэйэтин миэстэтин сөпкө талар, үрдүк култууралаах, киэҥ билиилээх дьону иитэн таһаарар соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьар. Оскуолаттан кынат үүннэрэн тахсыбыт ситиһиилээх, биллиилээх дьон үгүс.

II-с Дьөппөн орто оскуолата  2014-2015 үөрэх сылыттан агрохайысханан үлэтин саҕалаабыта. Биир үйэ ордугуна үйэ чиэппэрэ усталаах-туоратыгар  оскуола кэлэктиибэ сайдар-үүнэр, кэнчээри ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ ситиһиилээхтик үлэлиир-хамныыр, өссө үрдүк саҥа ситиһиилэргэ, инники кирбиилэр диэки эрэллээхтик хардыылыыр.

Күндү ыалдьыттар, үөрэммит дьон ииппит-үөрэппит оскуолаларыгар, кини айымньылаах, эдэрдии эрчимнээх педагогическай кэлэктиибигэр, ааспыт сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн үөрэнээччилэрин дириҥ махталын ылбыт кырдьаҕас учууталларыгар, билигин үөрэнэ сылдьар оҕолорго, элбэх ахсааннаах бу үөрэх кыһатын бүтэрбит дьоҥҥо дьолу-соргуну, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиилэри, нникигэ эрэли баҕара хааллылар.

Уйбаан Уйгуурап.