Үгэс курдук сылын аайы ыыттыллар «Үрүҥ торуоска» Аан дойду көрбөттөр күннэригэр анаммыт тэрээһиннэрбит Хаҥалас улууһугар буоларын курдук, көхтөөхтүк ааста. Сэтинньи 7 күнүттэн уобсастыбаттан алтыа буолан уон күн устата, социальнай харалта иһинэн үлэлиир киинигэр 13 буолан сынньанныбыт. Сарсыарда аҕыс аҥаар чаастан күнүс үс чааска дылы сырыттыбыт. Бу ыстатыйабын “Уоскулан киинэ” диэн ааттаабытым мээнэ буолбатах, Елена Казанцева эти-сиини уһугуннарар массаһыгар сылдьан сынньанааччылар астыннылар.
Терапевт быраас Марианна Егорова сарсыарда ахсын давлениябытын мээрэйдээн, турукпут хайдаҕын туоһулаһан, доруобуйаҕа туһалаах араас бэсиэдэлэри ыытан, өйү сытыылыыр тиэстэри толорторон, сэргэхситтэ. Психолог Анна Иванова дьону бэйэтигэр тардар күүстээх, туруккар уоскулаҥы биэрэр сүрдээх интэриэһинэй сэһэргэһиини көҕүлээн ыытта. Салайааччыбыт эдэркээн Кэрэчээнэ Борисова ким туох дьоҕурдааҕынан көрөн араас оҥоһуктары оҥоттордо. Күнүс минньигэс эбиэти кафеттан аҕалан остуолга тардан Саргылана Киприянова тотоойуктук аһатта.
Уон күн устата
Уон күн устата бииргэ алтыспыт дьоннорбун сырдатыым. Бастатан туран, саамай саастаахпыт 89-таах Ким Зоя Тимофеевна тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттан бүтэһик күммүтүгэр оҕуруот аһынан уонна фруктаннан остуолу киэргэтиигэ тэҥнээҕин булбата. Кэрэчээнэ Николаевна сүрдээҕин сөҕөн, үөрэн Зоя Тимофеевнаны хайҕаата. Оленев Василий Тихонович 86 саастаах. Ытык кырдьаҕас, салгыҥҥа хаамарын сөбүлүүр буолан, сатыы сырытта. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан сэргэхсийдэ. Добрянцева Наталья — Натали, хоһоон айар, икки хомуурунньуга бэчээттэнэн киэҥ араҥаҕа тарҕаммыта. Натали тоҕус сааһыгар ыарыы охсуутунан икки хараҕынан көрбөт. Ол да буоллар тулалыыр айылҕаны араас кыраасканан уруһуйдаан көрдөрөр хоһооннорун долгуйбакка эрэ аахпаккын.
Талаан иҥмит дьоно
Сырдыкка, ырааска тардыһар баҕатын, Айыы Тойон Танара дьоҥҥо биэрэр быыһабылын, тапталын сүрдээх истиҥник хоһуйар хоһооннордоох. Илиитин иминэн күрүчүөгүнэн араас үчүгэй таҥаһы, оонньуурдары баайар. Наталины Алтайскай кыраай Бийскэй куоратыгар баар көрбөт дьоҥҥо аналлаах реабилитационай кииҥҥэ компьютер үөрэҕэр үөрэттэрбиппит. Кыыспыт билигин интернет нөҥүө элбэх доҕоттордоох. Юлия Петрова Булгунньахтаах олохтооҕо, баайарын сөбүлүүр, наскытыттан дьэрэкээн куоптаҕа тиийэ. Волонтербут Татьяна Ефремова үөһэттэн бэриллибит эмиэталааннаах киһи өр сылларга улуустааҕы библиотекаҕа худуоһунньугунан үлэлээбитэ, таҥаһынан сүрдээх үчүгэй куукула арааһын тигэр, кэлэр 2024 сыл эмблемэтин Дракону бу адьаһын тыыннаах курдук уруһуйдаан көрдөрдө. Татьяна хаһан да кимиэхэ да аккаастаабат үчүгэй киһи. Төрөппүт ийэтэ икки хараҕынан көрбөт Анна Константиновна уопсастыба биир көхтөөх киһитэ этэ. Татьяна аймахтарыгар туспа иитиллэн улааттар да, ийэтин оҕо курдук истиҥник бүөбэйдээбитэ, тиһэх күнүгэр тиийэ. Кини уопсастыба үлэтигэр мэлдьи кэлэн тупсаҕай кыраһыабай гына стендэлэрбитин, альбомнарбытын киэргэтэргэ көмөлөһөр. Покровскайтан, Нөмүгүттэн, Дьөппөнтөн кэлэн бииргэ сынньаммыт дьоммун хас биирдиилэрэ араас дьоҕурдаах кэрэхсэнэр дьон.
Хорсуннар — кэккэбитигэр
Шабала Юрий Иванович 86 саастаах, ”Холбос” потребкооперация бэтэрээнэ, сэбиэскэй кэмҥэ саһыл иитэр фермаҕа буолбут түбэлтэни уонна да атын түгэннэри бэркэ ойуулаан киһи эрэ истиэх курдук кэпсээбитэ уонна суоппардыыр кэмигэр баржаттан таһаҕас тиэнэ сырыттахтарына, ол курдук “Киһи ууга барда!” диэн хаһыы буолбутугар көрбүтэ тэйиччи соҕус биир киһи ууга булумахтана сылдьарын көрөөт, өр толкуйдуу барбакка, ууга ыстаммыт этэ… Ити лаппа күһүн эбит. “Хата, тэлигириэйкэм инчэйэн ууга үөһэ тарда сырытта” диэн кэпсиир. Булумахтана сылдьар киһини саҕатыттан ыланс оһон кытылы булларбыт. Хорсун быһыытын сыаналааннар мэтээл туттарбыттар. Итини истэ олорон психолог Анна Ивановна олоҕор буолбуту аҕынна: Туризм эйгэтигэр сырыттаҕына биирдэ үлэлии сылдьан оскуола оҕото үрэххэ сүүрүктээх ууга түһэн аймалҕан буолбут. Оҕону быыһаары Анна Ивановна ууга ыстаммыт… Сүүрүгэ бэрт буолан эрэйинэн кытыыны булбуттар. Ити эмиэ күһүн үөрэх дьыла саҕаламмытын кэннэ эбит. Бу хорсун быһыыны бэлиэтээн мэтээл туттарбыттар.
Биһиги ортобутугар итинник хорсун дьон баара үөрдэр. Суханов Виталий Васильевич барытыгар дьоҕурдаах киһи — ырыаны, үҥкүүнү көҕүлүттэн туппут кэпсээн—ипсээн толору киһи. Охлопкова Лукерье Павловна статистикаҕа өр кэмҥэ үлэлээбит сүрдээх ыраастык нууччалыы саҥарар киэн билиилээх. Далбараева Лариса Ивановна, Перевалова Любовь Митрофановна, Гермогенова Валентина Ивановна, Наумова Альбина Моисеевна, Попова Марфа Семеновна, Винокурова Мария Никоновна бары сэргэх дьон. Дьэ ити курдук уон күммүт биллибэккэ ааста. Чахчы да уоскулаҥ буолла, дуоһуйуу ыллыбыт.
Социальнай харалта салаата бэйэтэ туспа дьиэтэ суох арендалаан олорор, олус кыараҕас, сотору—сотору түннүктэрин арыйан салгылаталлар. Билигин Сахабыт сирин тыйыс тымныыта түһэн эрэр, киһи тымныйан сыыстарара дөбөҥ. Тэрилтэ салайааччыта Елена Иванова саҥа дьиэ туттарарга туруорсар да билиҥҥитэ хантан да улахан өйөбүл суох. Саастаах уонна инбэлиит дьон сынньана, уоскулаҥ ыла кэлэр кииннэрин өйүүр наадалаах этэ дии саныыбын.
Ольга Владимирова, Хаҥаластааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта.