Кырдьык даҕаны! Дьиэм Бульвары өҥөйө турар. Күммүн бу саҥа сынньалаҥ сирин түннүкпүттэн көрөрбүттэн саҕалыыбын. Биллэн турар, билигин кыыдааннаах кыһыммыт кэлэн хараҥаҕа, эрдэ турдахха, туман быыһыгар   лаампа уоттара сандаараллар. Онтон сайын, күһүн — аламай Күн барахсан уруйдуу көрсөр! Сотору сандал Сааспыт кэлиэ…

Покровскай хабыллар хаба ортотугар  Бульвар диэн  сонуннук  ааттаммыт уопсай   сынньанар сир дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр бигэтик саҥа  киирэн эрэр. Ити барыта дойдубутугар  Национальнай бырайыактар олоххо  бигэтик киириилэрин көстөр ситиһиитэ!

Аҕыйах сыллааҕыта биһиги манна  дьиэ ылан саҥа көһөн кэлэрбитигэр куораппыт дьаһалтатын иннигэр  бөһүөлэккэ биир бастакынан 60-нус сылларга тутуллубут икки этээстээх мас дьиэ эргэрэн самнайан турбута ээ, ону сэргэ  аата-ахсаана биллибэт  гараастар, кыладыапкалар, оннооҕор өр сылларга бэркэ дьоҥҥо сулууспалаабыт уопсай  туалет бааллара. Салгыы, олор быыстарынан Өлүөнэ өрүс диэки хаамтахха,   устудьуоннар туппут норуокка «Оруосабай дьиэнэн« биллэр элбэх ыттаах-куоскалаах киһи аттынан салла ааһар олорор мас тутуулара…

Билигин  манна 18960 кв.м. иэннээх бэртээхэй Бульвар тутулунна. «Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү«национальнай бырайыагын программаларынан бу эргэ дьиэлэргэ олорбут  түөрт уонча ыал таас  кыбартыыраларга үөрэ-көтө көстүлэр. Аны кинилэр, төһө да буоллар ахтар-саныыр олорбут сирдэригэр, Бульварга сынньана кэлэллэр.

Икки сыллааҕыта Россияҕа «Аччыгый куораттар«ортолоругар ыытыллар улахан федеральнай куонкуруска  саҥа талыллан хоннохтоохтук үлэлээн эрэр эдэр баһылыкпыт Петр Гермогенов дьоһун хамаандата соҕуруу,2021 сыл атырдьах ыйын 25-26 күннэригэр Нижнэй Новгородка баран бу Бульвар бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээн тутууну ыытарга кыайан-хотон кэлэн эрэрин туһунан үтүө сурах иһиллибитэ. Онно бу биһиги дьиэбит олохтоохторун ааттарыттан  «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» диэн бырайыагы саба  тутан  Оҕо оонньуур былаһаакката эбиллэн улахан  хамсааһын тахсыбыта. Дьону саҥа дьиэлэргэ көһөрөөт Саҥа дьыл иннинэ хаарбах тутуулары  аҕыйах күнүнэн көтүрэн бөҕүн-сыыһын тиэйэн илдьибиттэрэ. Дьон саастаах өттүлэрэ эмиэ да өр  олорбут дьиэлэрин аһыйан көрөн ытамньыйа тураллара харахпар бу  көстөн ааһар… Санааларын ууран хаһан эрэ олордубут,сыл-хонук ааһан сириэдийэ үүнэн турар мастарын уулусса өттүттэн тыыппакка барбыттарыттан астыналлара.

Тутуу тэтимнээхтик саҕаламмыта. Саас буолуута  күүстээх техника түмүллэн бөх-сыыс хомуллан, кумах өрөһөлүү тиэллэн,  ханан эрэ үлтүркэй таас таһыллан, сир дэхсилэнэн биир бастакынан смотровой дэнэр былаһааккалаах, омос көрдөххө, суп-суон   тимир турбаларынан иһэрдиллэн киһи дьиктиргиир  дьоҕус тутуута хоройо дьэндэйбитэ…Онтукабыт сарайа билигин ис өттө сиэркилэнэн бүрүллэн  түүннэри сырдык уотунан сандаарар. Анныгар сотору кэминэн (сылааһа, гааһа тардыллар турар) дьоҕус маҕаһыыннар эҥин арыллыахтара, быыстапкалар, күрэхтэр тэриллиэхтэрэ.

Харчы көрүллэн ( федеральнай үптэн 50 , улуустан уонна  куорат дьаһалтатыттан 13 мөл.. солк. үп көрүллэн) улахан  үлэ барда. Таарыччы этэн аһардахха, бу аныгы  тутууну эдэр архитектордар Екатерина Конникова уонна  Прокопий Рожин саҥалыы көрүүнэн бырайыактаабыттара. Махтал буоллун!

Санкция, хаарчах да кэмигэр буоллар

Биллэн турар,  аан дойдуга бу уустук сыһыаннар сылларыгар хотугу  сиргэ тутууну ыытар манан дьыала  буолбатах. Иллэрээ сыл сайын манна элбэх киһи тигинэччи үлэлээн испитэ, биир кэм эрбии тыаһа тигиниирэ, сыбаарка уота сандаарара... Онтон 50 кыраадыс тымныыга кыраанынан дабайан ураһа тимир  дьардьаматын тута сылдьар уолаттарбытын бүтүн Россия телевидениетынан сөҕө-махтайа көрдөрбүттэрэ баара дии. Онтон санкция биллэриллэн, Анал байыаннай дьайыылар кыһалҕалара бүрүүкээн тутууну бэдэрээттэспит «Промстрой» ХЭТ   араас үлэлэргэ дуогабардаспыт тэрилтэлэриттэн сорох  болуотунньук уолаттар дойдубут интэриэһин көмүскүү бараннар, поставшиктартан даҕаны матырыйаал кэмигэр кэлбэккэ, сыана ыараан эбии үп булуллара ирдэнэныарахаттар да үөскүү сылдьыбыттара эрээри, сотору кэминэн үлэ салгыы барбыта — Ураһа дьэндэйбитэ, ыскаамыйалар турбуттара, былаһааккалар бүрүллүбүттэрэ, газоннар ханан баар буолаллара көстүбүтэ

Олох хаар түһүөр диэри Орджоникидзе уулуссаҕа тиийэ тротуар билиитэлэрин ууруу салҕаммыта. Бииртэн биир дьоҕус эбийиэктэр киһи хараҕын үөрдүбүттэрэ. Онтон саҥа тутуллубут оҕо былаһааккатыгар лабириннаах тутууну, хаачыалы кырачаан аймах анал арыйыыны кэтэспэккэтургутан көрөр үгэстэммитэ — бу барыта   аттыгар олорор дьиэлээх дьон биһиги харахпыт далыгар буоллаҕа.

Хаҥалас төрүт аата төннүбүт күнүгэр

Быйыл алтынньы 16-гар, Хаҥалас төрүт аата төннүбүт күнүгэр, Бульвары үөрүүлээхтик арыйыы буолбута — музыка, шариктар, ырыа-тойук, эҕэрдэлэр….  Кэрэни айбыт дьон үлэтэ сыаналаммыта.

Онтон билигин бу  дьон сөбүлээн сылдьар сирэ. Сарсыарда аайы бу дойдуну, ону сэргэ эмиэ федеральнай бырагырааманан үбүлэнэн тутуллубут  Набережнайы, Фонтаннай болуоссаты  көрөр-истэр «Куорат эйгэтэ« диэн Сергей Андреев салайар тэрилтэтин  үлэһиттэрэ киэҥ сир  суолун-ииһин хаарын күрдьэ сылдьалларын көрөбүн. Оҕо-аймах оскуолаттан кэлэн иһэн  оонньуур былаһааккабытын кыһынын да солотуппат, сырылаабакка, дабайбакка ааспат.Күрдьүллүбүт тротуарынан  сэргэ уулуссаҕа курдары киирдэххэ Өлүөнэ Эбэбит  дьэ, билигин кыс хаарыгар иһийэн туманынан бүрүллэн бу нэлэһийэ сытар… Кэрэ  да  түөлбэҕэ олоробут¸ түҥ былыргы Эргис сирин  дьоно!

Дойдубут президенэ Владимир Путин көҕүлээбит Национальнай барыйыактарын  көмөлөрүнэн  баар буолбут Бульварбыт, дьоҕус аныгылыы тутуулардаах,  сир анныттан кустук араас өҥүнэн үҥкүүлүү тыгар уулаах фонтаннаахболуоссаппыт историябытын билиһиннэрэр элбэх  дьон сынньанар, спордунан дьарыктанар даҕаны,  улахан бырааһынньыктары ыытар бэлиэ сирдээх, «Кэрэ кытыл» кафелааах Набережнайбыт хайыы-үйэ туристическай фирмалар маршруттарыгар киирэн эрэрэ биллэр. Саха сиригэр Хаҥалас туризм киининэн буолара онон саарбаҕа суох.

Людмила Аммосова.

Читайте дальше