Хас биирдии саха киһитэ син биир хаһан эмит хабылыгы, хаамысканы илиитигэр тутан, оонньоон көрбүт, ол эбэтэр саатар туораттан көрөн сэҥээрбит буолуохтаах. XII-с үйэлэр саҕана итинник остуол оонньуулара элбэх эбит буоллахтарына, саамай киэҥник тарҕаммыттара хабылыктаах хаамыска эрэ бэйэлэрин суолталарын сүтэрбэккэ, биһиги үйэбитигэр симэлийбэтилэр. Хаамыска нууччалартан кэлбит оонньуу диэн санаалар сөптөөх курдуктар, ол аата бу көрүҥ норуоттар икки ардынааҕы доҕордоһууларыттан төрүттээх. Бу оонньууну саҥа сирдэри арыйа сылдьан кэлбит нуучча хаһаахтара өрүс тааһынан хаамыскалыы оонньуурга сахалары, саҥа атастарын-доҕотторун үөрэппиттэр. Онтон саҕалаан бу оонньуу киэҥник тарҕаммыта. Билигин сахалар биһиги көрүҥмүт диибит, онтон нууччаларга маннык оонньуу сүппүт, симэлийбит. Тарбах оонньуута оҕотуттан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ эргиччи туһалааҕын, ким баҕарар оонньууругар тоҕоостооҕунан, илдьэ сылдьарга табыгастааҕынан биллэр.
Онтон сахаларга ордук биллибит былыргы оонньуунан хабылык буолар. Хабылыгы оонньуурга хас биирдии урукку ыал оттунар оһоҕун күөдьүтүнэр чыыппаан маһын ылан оонньууга туттара. Маннык остуол оонньуулара киһи эт—хаан өттүнэн сайдарыгар, чэгиэн—чэбдик сылдьарыгар көмөлөһөллөр: киһи имигэс (ордук тарбахтара), хабыгас, аһарыгас, түргэн, булугас өйдөөх-санаалаах, сайдыылаах буолар. Күн бүгүн бу оонньуулар улахан суолталаахтарын, туһалаахтарын өйдүүр, өйүүр дьон баалларынансэҥээрээччилэрдээхтэр. Ол курдук билигин бу оонньуу бигэргэммит устааптаах, суруллубут сүрүн быраабылалаах спорт государственнай комитетынан бигэргэтиллибит спорт биир көрүҥэ буолла. Аны остуол оонньууларын федерацията күүскэ үлэлээн, хабылык 2000 сылга “Өбүгэлэроонньуулара” программаҕа киирбитэ. Оннук буоларын туһугар күрэхтэһии быраабылалара чочуллан разрядтары иҥэрэр анал нуорма аактара бэлэмнэниллибитэ. Былыргы кэмнэргэ бу остуол оонньууларыгар туспа быраабыла да, дьиэ-уот да, оһуобай тэрил да диэн суоҕа. Барыта олус судургу этэ. Билигин хабылык бэйэтин оҥоһугун уларытан уустугуран иһэр. Араас ньымалар, туспа көрүүлэр, хамсаныылар эбиллибиттэрэ көрүҥ сайдарын көрдөрөр.
Хабылык хайдаҕый?
Хабылык маһа 16 см уһун, 9 мм кэтит, 4 мм халыҥ буолар. Ахсаана 30 устуука. 2 мүнүүтэ оонньонор.Оонньооччу хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, илиитин көхсүгэр түһэрэн ылар. Өссө биирдэ быраҕаат, чопчу биир хабылыгы харбаан ылыахтаах. Бүтэһик биэс хабылык хааллаҕына барытын хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр эмиэ биири эрэ хабан ылыахтаах. Бүтэһик үс хабылык хааллаҕына эмиэ үһүөннэрин хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр биири эрэ ылар. Бүтэһик хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, ылгын чыҥыйа уонна аата суох тарбахтар ыккардыларыгар кыбытан ылыахтаах. Икки мүнүүтэ бүтүөр диэри оонньонор, ким элбэҕи ылбыт бастыыр. Киһи илиитэ, тарбаҕа имигэс, чуолкай хамсаныылаах буола сайдар.
Хаамыскаҕа
Онтон хаамыскаларга кытаанах мастан 1,5-2 см өрүттээх 5 кубик оҥоһуллар, 2 мүнүүтэ оонньонор,ким элбэх очко ылбыт хотор.
Маҥнайгы партия: оонньооччу хаамысканы оргууй аҕай тарҕата быраҕар. Биири талан ылан өрө быраҕар уонна түһүөн иннинэ атыттары биир-биир хомуйан ылар. Оонньооччу хабан ылбытхаамыскатын атын ытыһыгар хомуйара көҥүллэнэр.
Иккис партия: хаамысканы өрө быраҕаат, атыттары иккилиинэн хомуйан ылаллар.
Үһүс партия: түөрт хаалбыт хаамыскаттан үһүн биирдэ, биири туспа харбаан ылыллар. Маҥнай биири, онтон үһүн охсон ылыахха эмиэ син.
Төрдүс партия: биири өрө быраҕаат, атыттарын биирдэ харбаан ылыллар.
Бэһис партия: биэс хаамысканы өрө быраҕан баран, илии көхсүгэр түһэрэн ылыллар, иккиһинбыраҕаат, барыларын ытыска түһэриллэр. Хаамыскаһыт тарбаҕа имигэһин, хапсаҕайын таһынан түргэнник хамсанар, сытыы-сымса буолуохтаах.
Үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн оонньууларбыт сүппэккэ, симэлийбэккэ, улуус-улуус аайы ураты албастар туттуллан, норуот биир саамай таптыыр оонньуута буолан тарҕаммыта оруннаах.
Василий Можуков, CӨ спордун бэтэрээнэ, CӨ сүүрүүгэ спордун маастара, Покровскай к.