Бу хаартыскаҕа эһиги 86 саастаах олоҕун сүөһү иитиитигэр анаабыт ытык кырдьаҕаһы Иннокентий Григорьевич Петрову көрөҕүт. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан хара үлэҕэ миккиллибит, билигин даҕаны Орлик диэн атын үрдүгэр таҕыстаҕына сааһын умна быһыытыйар үлэһит бэрдин. Биллэн турар, саас син ылар. Ол эрээри Иннокентий Петров санаата бөҕөх, саҕалаабыт дьыалатын салгыыр ыччаттардаах — икки кыыһа, күтүөтэ Владимир Сорокин хаһаайыстыбатын фермердэр быһыыларынан кыттыһан эрэллээхтик тутан олороллор.
Кытыл Дьураҕа саамай элбэх ынах сүөһүлээх Иннокентий Григорьевич хаалла диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Аныгы ыччаттар сүөһүгэ аанньа сыстыбат буоллулар, куорат сирдэргэ тардыһаллар. Хаһан эрэ бу хас да сүүһүнэн сүөһүлээх, өҥ сирдээх-уоттаах Хаҥаласпыт биир кырыы нэһилиэгэр быйыл 171 ынах сүөһү кыстаан турар,ол иһигэр ыагнар ынаҕа 69 төбө. Мантан 81-рэ фермер-бааһынай хаһаайыстыбаларын киэнэ, онно ыанар ынаҕа 33 төбө. биирдиилээх ыал 90 төбө сүөһүлээх Барылырыттан элбэх ынах сүөһүнү Иннокентий Петров ыччаттарын көмөлөрүнэн тутан олорор — бу кыстыкка 22 төбөнү кыстатан турар, ол иһигэр 10 ыанар ынахтаах, 9 ыччат сүөһүлээх, 2 атыыр оҕуһу тутар, үс үөр сылгылаах. Уонна, биллэн турар, бу дойдуга олус эрэллээх икки көлүнэр аттаах, 20 кууруссалаах. Бэйэтэ сааһыран кыһын дьиэтин таһыгар кыра үлэҕэ сылдьар. Быйыл сайын үйэтин тухары кыаатанах үлэҕэ тоҥон-хатан сылдьыбыта охсон атаҕынан бытааран атынан сылдьан ынахтарын бэйэтэ сылгылаан аҕалар этэ. Билигин да санаатын түһэрбэт, кыһыны этэҥҥэ туораан Орлигар олорон сирин-дойдутун устун астына сүүрдүөн баҕарар.
Оҕо эрдэхтэн билэбин
Иннокентий Петрову — олохтоохтор Бостуук Кешка диэн таптаан, ытыктаан ааттыыр дьаам киһилэрин мин оҕо эрдэхтэн билэбин. Чопчулаан эттэххэ, аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрээри сылдьан, өссө манна холхуос баар эрдэҕинэ, үөрэнээччилэр оттуур звеноларыгар икки сайын сылдьыбыттааҕым. Онно Иннокентий Григорьевич физкультура учууталын Василий Егорович Терентьевы кытары звенону салайбыттара.Үлэ кытаанаҕын кини дьаһайар буолара — от кэбиһиитигэр кыдамаһыппыт кини этэ. Көлө-илии звенотугар тиэхиньикэ диэн көрүллүбэтэ, ат косилката, кыраабыла эрэ баара. Хаһаайыстыбаҕа аҕыйах тыраахтыр баара улахан дьон звеноларыгар бэриллэрэ. Оччолорго билиҥҥи курдук оҕону кэмнээн үлэлэтэр диэн суоҕа, ардаары эҥин гыннаҕына күүстээх, ыксаллаах үлэ буолара. Иннокентий Григорьевич бэрт аҕыйах саҥалааҕа, тоҕо эрэ соруйуо эрэ кэрэх, сорудаҕын толоро сүүрэрбит. Кыыһырбытын, ыксаабытын арай биирдэ көрбүппүт. Оҕолор буоллахпыт, үлэлээн кэлээт балааккабыт ааныгар түптэ уматынаат өрүскэ киирдибит. Сөтүө бөҕөтө буола сырыттахпытына Кешкабыт хаһыы бөҕөтүн түһэрдэ. Иһиттэхпитинэ, «Суунуоҥ!!! Суунун!» диэн үөгүлүүр. Туох үлүгэр буоллаҕай диэн биэрэккэ дабайбыппыт балааккабыт айаҕа умайан испит эбит… Онон-манан сабынан хонон турдахпыт дии…Холку, олус сэмэй киһи этэ. Үлэһит дьону сөбүлүүрэ.
Командировкаҕа сылдьан
Үгэспинэн фото-суруналыыс Степан Саввинныын дойдубутугар командировкаҕа бардахпытына ардыгар Иннокентий Петровка таарыйарбыт. Биирдэ Ыстапааным улаханнык сөҕөн турардаах. Хаартыскаҕа кыргыттарын аҕаларын кытары түһэрээри биир кыыһын атын өттүгэр уларытан көннөрөн туруораары илиититтэн ылбыта былчыҥа кытаанаҕыттан саллыбыттааҕын эппиттээҕэ, олох тустууктар киэннэрин курдук диэбиттээҕэ… Иннокентий Григорьевич алта кыыстаах, биир уоллаах. Уола кэмчи буолан кыргыттарын үлэлэтэрэ, күүстээх-уохтаах буола улааттахтара. Былырыын сиэнэ Олеся Петрова мас тардыһыытыгар Россия улахан күрэхтэһиигэр чөмпүйүөннээн сөхтөрбүттээх, өрөспүүбүлүкэ спортка маастара буолта. Олеся сэргэх кыысчаан. Эһэтин, олохторун туһунан син бэркэ миэхэ сырдатта. Кини И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледжка физкультура салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар, үөрэммит оскуолатыгар учууталлыыр. Эһиил диплом суруйуохтааөын этэр. Таарыччы эттэххэ, Олеся быйыл саас олунньуга Хаҥаласка Саха сирин Гаврил Десяткин — Күүстээх Дэһээккин аатынан чөмпүйэнээккэ кыттыа этим диэтэ. Ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
Сүөһүтүн, сылгытын элбэтэн
Иннокентий Петров холхуос, сопхуос араас үлэтигэр сылдьыбыта. Хаһаайыстыба эстиитигэр тутан хаалбыт сүөһүтүн элбэтэн, эбии сылгы тутан олох, үлэ үөһүгэр сырытта. Эрдэһит бэрдэ буоллаҕа, урут уруккуттан. биһиги саҥа туран сарсыардааҥҥыбытын аһаан эрдэхпитинэ Иннокентий Григрьевич соҕуруу Дьаам сайылыгыттан үүтүн туттара дьиэбит аттыгар баар арыы сыаҕар бүтүөннэрин тиэйбитинэн ааһан эрэр буолара (суол кытыытыгар олорорбут, өрүү көрөрбүт).
Алта кыргыттардаах абыраммыт киһи — Виолетта, Оксана, Алена, Любовь, Людмила, Наталья. Билигин сорохзторо Дьокуускайга олороллор, уола Николай эмиэ, онно хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа хачыгаардыыр, сайынын окко көмөлөһөр..Билигин хаһаайыстыбаны дьоһун үлэһит күтүөт Владимир Сорокин дьаһайар. Тиэхиньэ да баар -икки тыраахтыр, биир рулоннуур, икки оту булкуйар, харбыыр тэриллээхтэр, икки охсордоохтор. Хобулга, Маныырга оттууллар. Сайыҥҥы кэмҥэ 5 туонна курдук үүтү туттараллар.
«Элбэх сүөһүгэ элбэх от наада буоллаҕа, төһөнү оттоотугут» — ыйытабын Олесяттан. 300 рулону чөкөппүттэр. «Сиэннэр кэлэн көмөлөһөр буоллахтара,» диибин, урукку өттүгэр бэйэбит холобурбутунан. «Бары кэриэтэ үлэлээхтэр, мээнэ тахсыбаттар, аны техниканан оттуур буоллахпыт», — диир кыысчаан. «Оччоҕо техникаҕа саппаас чаас саатар ыытар инилэр,» — чуолкайдаһабын. «Дьэ, ону дьаһайаллар, туох кыалларынан…», — хардарар Олеся.
Иннокентий Григорьевич кэргэнэ Октябрина Семеновна өссө 1999 сыллаахха олохтон барбыта, онтон ыла бэтэрээммит кыргыттарын кытары олорор. Билигин 19 сиэнэ 15 хос сиэни бэлэхтээтилэр, ыччаттарынан баай оҕонньор.
Петровтар дьиэлэрэ намыһах сиргэ турар буолан хаста даҕаны халаан уутугар ылларан хайа үрдүгэр көһөргө күһэллибиттэрэ, бырадабыас Тамара Николаевна Петрова дьиэтин атыылаһанолороллор. Көрсүбүппэр сыырга тахсыбытын соччо сөпсөөбөт этэ, манна олорор оту-маһы тиэйтэриигэ эрэйдээҕэ биллэр, сылгыларын алларааҥҥы дьиэтин далыгар аһатара. Билигин да бу дьиэҕэ олороллор.
Урут өр кэмҥэ Бостуук Кешка диэн ааттаныар диэри дьаам ферматыгар, оччолорго Киприянов хотоно дэнэр туруору маһынан тутуллубут «Юбилейнай» ферма эргэ хотонугар үлэлээбиттэрэ. Сарсыарда түөрт чааска туран ынахтарын хомуйан кэлэрэ. Билигин кини курдук дьоно эрдэһиттэр. Элбэх сүөһүнү көрүөххэ диэтэххэ манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Үлэ усулуобуйата улаханнык уларыйа илик. Илии үлэтэ үгүс. Дьэ ону эдэр Петровтар син кыайа туталлар. Сүбэһиттэрэ аттыларыгар — аҕалара , сылгытын-ынаҕын көрө, кэтии сылдьар, бэйэтэ эмтиэкэ, бэтэринээр кэриэтэ. Хаһан даҕаны субсидия эҥин диэни ылбакка бэйэлэрэ хотон туттан, дьаһанан олорор ыаллар.»Биирдэ эмэ бу Иннокентий Григорьевич санаторийга эҥин бара сылдьыбыта дуо» диэбиппэр ханна да дэриэбинэтиттэн тэйэ илик. Санаата — сайылыгар, бэйэтин дойдутугар, Өлүөнэтин биэрэгэр, Ньүгэрчээйитин үрэҕин тымныы, сүүрүктээх уутүгар…
Таарыччы эттэххэ…
Билигин атын сирдэргэ курдук Кытыл Дьураҕа ТХПК суох. 5-Малдьаҕар нэһилигин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар исписэлииһэ Эдуард Осипов иһитиннэрбитинэн, быйыл манна 8 бааһынай-фермер хаһаайыстыбата сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. Аан бастаан 2021 сыллаахха икки хаһаайыстыбат регистрацияламмыта — Петров Юрий Петрович, Владимиров Илья Иванович ( аҕата Иван Данилович сүрүннээһининэн). Онтон 2022 сыллаахха эбии 5 КФХ тэриллибитэ — Добрянцева Любовь Иннокентьевна, Тимофеев Степан Степанович, Петрова светлана Игоревна, Латышева светлана Алексеевна, Сорокин Владимир Прокопьевич, быйыл биир хаһаайыстыбаны Владимирова Александра Николаевна регистрациялаппыта. Үүттэрин «Хаҥалас-Ас» тэрилтэ арыы сыаҕар туттаран кэллилэр. сыах сабыллыннаҕына бу дьон бары ЛПХ-ларга көһөллөрө буолуо диэн этэр Эдуард Иванович, судаарыстыбаттан ынах баһыгар 37 тыһ. солкуобайдаах субсидияны көмө курдук туһанаары. Эрдэ бу иннинэ Добрянцева Марианна Михайловна КФХ-лааҕа, билигин тахсыбыта. Христофоров Николай Гаврильевич кэтэх хаһаайыстыбанан сылдьар, сылгы иитэр. Владимировтар эмиэ сүөһүлэрин ахсаанын аҕыйаттылар. Үүт туттарааччы ахсаана онон аҕыйаан иһэр. Арыы сыаҕар Лариса Валентиновна Емельянова уонна Надежда Николаевна Петрова үлэлииллэр, быйылгы сезоннарын саппыттара. 2023 сылга бааһынай-фермер хаһаайыстыбалара 25 туонна үүтү туттардылар, былааммыт 40 туонна туолбата, үүтү тутууга сыана кыччаабытынан, биирдиилээн дьон туттарбат буоллулар, — диэн кэппсээтэ олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Э.И.Осипов. Онтон от былаана Кытыл Дьураҕа аһары туолбута -: барыта 796 туонна оту быйыл оттоотулар, ол иһигэр фермер-бааһынай хаһаайыстыбалара -273, ЛПХ -523 туоннаны.
Билигин ыал үксэ сылгы тутар. .Сылгы уопсай ахсаана 426 төбө,ол иһиттэн биэтэ 193. Сылгыны барытын биирдиилээн ыаллар туталлар, кэлэктиибинэнй аатыгар регистрацияламмыт суох.
Сылгы базатын тэристиэхтэрин үп-хзарчы суоҕунан элбэҕи эппэттэр. Билигин Петров Иннокентий Григорьевич 25 төбөнү тутар ( биэтэ 11), Христофоров Николай Гаврильевич — 27 ( биэтэ -12),Лотов Андрей Михайлович — 18 (биэтэ-8), Дьяконов Руслан Архипович -19 ( биэтэ -8), Добрянцев Дмитрий Анатольевич :17 (биэтэ -8), Владимиров Иван Афнасьевич — 15 ( биэтэ -6), Якушев Андриан Дмитриевич — 15 (биэтэ -6) о.д.а.
Итинник. Суол-иис мөлтөҕүнэн, уматык сыаната үрдүгүнэн, үлэһит илии тиийбэтинэн, батарыы да боппуруоһа сорохторго кыайтарбатынан сылгы-ынах тутар дьон ахсаана аҕыйаатар аҕыйаан иһэрэ,эдэрдэр бу үлэҕэ аанньа дьулуспаттара долгутар. Онтон Кытыл Дьура курдук сымнаһыар килиимэттээх, арыы сирдэргэ өҥ ходуһалардаах нэһилиэккэ урукку курдук бөдөҥ тэрээһиннээх хаһаайыстыбат суоҕа нэһилиэк кэскилин сарбыйар.
Людмила Аммосова.