Үрдүк категориялаах учуутал, Учууталлар учууталлара, СӨ бырабыыталыстыбатын Бочуотунай Грамотататынан наҕараадаламмыт идэлээх сойуус лидерэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Чөл олох иһин” форум делегата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Кытыл-Дьура сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, бэйэтин тус холобурунан чөл олоҕу өрө туппут энтузиаст, Иван Афанасьевич Владимиров Хаҥалас улууһун Кытыл Дьура нэһилиэгэр олорор.

Интэринээккэ олорон

Кини 1955 с. Дьэкэмдэ начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ, интернакка олорбут. Дьэкэмдэ оскуолата икки эрэ кылаастаах буолан үһүс кылаастан Кытыл Дьура оскуолатыгар кэлэн интернакка олорон үөрэммитэ.
1957 сыл Чураантан дьиэ көһөрөн аҕалан Киэҥ Куруҥҥа, Уһун күөл баһыгар 7 кылаастаах оскуола тутуллубут, оскуола таһыгар былыргы баай киһи икки дьиэтигэр 30-ча миэстэлээх интернат аһыллыбыт, кэлин 40-ча миэстэҕэ тиийэ улааппыт, саҥа остолобуой дьиэ баар буолбут. Манна сүрүннээн Дьэкэмдэ, Ньургуну уонна ыраах дьаам оҕолоро олорбуттар, кэлин Үөдэй, Иһит оҕолоро эмиэ олоро сылдьыбыттар. Интернат сэбиэдиссэйинэн уруккута байыаннай сулууспалаах Исаков Николай Константинович үлэлээбит.

Иван физрук Терентьев Василий Егоровичка уһуйуллан бастыҥ хайыһардьыт буолбута уонна бырааттарын Исайы, Валентины хайыһар спордугар көҕүлээбитэ. Исай өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хайыһардьыт буолбута. Иван Афанасьевич оҕо эрдэҕиттэн спорду өрө тутан улааппыт. 5-Малдьаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатын 1964 сыллаахха бүтэрэн Сиинэ орто оскуолатыгар үөрэнэ тиийбитэ, интернакка олорбута. Интернаттарын остолобуойа 2-3 биэрэстэлээх сиргэ турар, 1966 сыллаахха икки 10 кылаастар уонна 11 кылаас буолан, барыта 60-тан тахса оҕо Сиинэ орто оскуолатын бүтэрбиттэр. 1967 сыллаахха армияҕа ыҥырыллар. 1968 сыллаахха, саас ыам ыйыгар Чита байыаннай уокуругар сулууспалыы сылдьан, уоппускатыгар дойдутугар кэлэн барбыта. 1971 сыл Бурятия пединститут отделениетыгар физрук идэтигэр үөрэнэ киирэр. 1975 сыллаахха пединститутун “Физическое воспитание” идэни ылан бүтэрэр. Үөрэҕин бүтэрэн, үрдүк үөрэх дипломун ылан, студент көрдөөх-нардаах олоҕуттан олох киэҥ суолугар үктэммитэ. Бурятияҕа студенныы сылдьан билсибит кыыһын Галяны сүгүннэрэн аҕалбыт. Кэргэнэ Галина Владимировна нэһилиэк дьаһалтатыгар кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. Ол курдук түөрт оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээхтэр, оҕолоро ыал буолан сиэннэри бэлэхтээбиттэр.

Дойдуттан тэлэһийбэккэ

Иван Афанасьевич төрөөбүт дойдутугар, айылҕатыгар муҥура суох таптала, бэриниилээҕэ, нэһилиэгин историятыгар ытыктабыла кинини арыаллыыр. Физкультура учууталлара спорт эйгэтигэр оҕону барытын хабар курдук былааннарын оҥостоллоро. Уруоктара кыһыҥҥы өттүгэр спортивнай саала иһигэр ыытыллар кэмнэригэр, сүүрүүлээх-көтүүлээх баскетбол, волейбол оонньуулар чаастарынан толоруллар. Сайыҥҥы каникул саҕаламмытын да иһин, ыһыахха ыытыллар спартакиада күрэхтэригэр кытталлар, бэс ыйын бүтэһигэр диэри. Бу улахан спортивнай түмсүү алтыһыыта улахан дуоһуйууну аҕалар, биир иллээх дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээх кэлэктиип буолаллар. Элбэх күрэххэ сылдьан, кыттан олоххо уопут бөҕө ылыллар. Бу кэнэҕэскитин олохпут суолугар түһүүнү-тахсыыны уйар, сыалы-соругу ситэр, ыарахаттары тулуйар дьулуурдаах, хорсун санаалаах, бэйэҕэ бигэ эрэллээх, сүрүн сүнньүлээх дьон буолан тахсаллар. Сыл ахсын оскуолалар икки ардыларыгар ыытыллар патриотическэй тыыннаах “Зарница” диэн куоталаһыы олус умсугутуулаах этэ. Бу спартакиадаҕа эрдэттэн бэлэмнэнии. Бу улахан тэрээһин “спортивное ориентирование” диэн көрүҥ киллэриилээх уонна спортивнай бэлэмнээх дьон ураты күчүмэҕэй мэһэйдэри туоруур (полоса препятствий) олус интэриэһинэй, мүччүргэннээх күрэхтэр, ол быыһыгар куоталаһыы араас көрүҥэ: ырыа күрэҕэ, балаакка туруорааһыныгар, кутаа уматааһыныгар, ас астааһыныгар уо. д. а. спартакиада олус кэрэхсэбиллээх. Бу хаһан даҕаны умнуллубат, сүрэххэ сөҥпүт олус кэрэхсэбиллээх өйдөбүнньүктэринэн биирдэстэрэ буолар.

Идэлээх сойуус лидера

Иван Афанасьевич 35 сыл оскуолаҕа профсоюз кэмитиэтин бэрэссэдээтэ талыллан дьонун интэриэһин көмүскүүр, үлэ дуогабарыгар олоҕуран коллектив иһигэр баар кыһалҕалары быһаарсар, учууталлар уонна техническэй үлэһиттэр интэриэстэрин үрдүкү уорганнарга туруорсааһын буолар. Сылы быһа нэһилиэк үрдүнэн ыытыллар араас субуотунньуктарга кытталлар. Ити ыытыллар үлэлэр оскуола кэлэктиибин биир санааҕа түмэр, эйэлээх сыһыан үөскүүрүгэр тирэх буолар.
Иван Афанасьевич Владимиров хас даҕаны үөрэппит оҕолоро кини идэтин баһылыыр суолга үктэммиттэрэ. Холобур: Олимпиада Сакердонова, Александр Емельянов, Виталий Сакердонов, Леонид Камаев, Николай Осипов, Василий Петров, Егор Лотов, Иван Лотов, Любовь Максимова, Юлия Максимова, Ольга Емельянова уо. д. а.

Хайыһардьыт быһыытынан уратыта

Иван Афанасьевич биир уратылаах — пропагандистскай пробегка кыттыыта. Мин көрдөхпүнэ, манна хайыһардьыт эрэ кыттыбат. Онон чахчы бэйэлэрин билинэр, ох курдук оҥоһуулаах, кустук курдук куоһаныылаах эрэ дьон барар дуу дии саныыбын. Иван Афанасьевич Владимиров күрэхтэһии буолла даҕаны тэрийсэр, судьуйалыыр, спортсменнарга көмө-ньыма буолар.


Покровскай-Амма-Саһыл Сыһыы маршрутунан. 1971 сыл. ЫБСЛКС Орджоникидзевскайдааҕы райкомун, оройуоннааҕы спорт кэмитиэтин уонна “Урожай” общество тэрийиилэринэн оройуон биэс бастыҥ хайыһардьыттара туруммуттара. Ол курдук Иван Владимиров-поход комсора, Семен Ушницкай-Булгунньахтаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Юрий Марков-Хачыкаат оскуолатын учуутала, Николай Кузнецов — Мохсоҕоллоохтон промкомплекс инспектора уонна Василий Лаврентьев — быраас. Кинилэр аара тохтообут сирдэригэр элбэх көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ. Ол көрсүһүүлэргэ С. Ушницкай Саха сиригэр уонна бэйэтин оройуонугар спорт сайдыытын, быраас В. Лаврентьев арыгылааһын буортутун туһунан бэсиэдэлэри оҥорбуттара. Бу бастыҥ хайыһардьыттар походунан айаннааһыннара профсоюзтар спартакиадаларын иннинэ улахан эрчиллиинэн буолбута.
Быһаас ини-бии Исай, Иван Владимировтар Саһыл Сыһыы үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр ити хайыһар айанын кыттылаахтарын кытары кыттан кэлбиттэрэ. Ытыктабыллаах Иван Афанасьевич, кырдьар сааһы билиммэккэ, дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ сылаас тапталларыгар угуттанан, куруук чэгиэн-чэбдик сылдьаргар, дьол-соргу аргыстанаргар баҕарабын.

​​Василий Можуков, CӨ спордун маастара, СӨ спорт бэтэрээнэ.

Читайте дальше