Киэҥ Малдьаҕар сиригэр, Сиинэ үрэх үрдүгэр

Иркутскай — Дьокуускай почта суола арылларыгар манна почта станцията тэриллибитэ, бу иннинэ дьон Саккырыырынан, Чараҥынан,  Хатыҥ Арыынан түөлбэлээн олороллоро

Дириҥ историялаах дойду. Тааска суруктардаах, түҥ былыргы сир. Малдьаҕар эҥэригэр сайдыы мантан саҕыллыбыта. Бу туһунан   Сиинэ нэһилиэгин саҥа тахсыбыт «Синск. Хангаласский улус» диэн кинигэтэ элбэҕи кэпсиир.

Үгүс сыллаах  чинчийии түмүгэр кинигэбит таҕыста

Бу дойду историята элбэх киһини долгутара.Сиинэ сирэ улахан историялаах дойду. Өссө XVI-XVII-c үйэлэргэ бу Сагдаакы (Агдаакы) былыргы сиригэр Тыгын Тойон ыалдьыттаан ааспыта үһүйээннэртэн биллэр.1631 сыллаахха  Тыгын уонна Бордоҥ  тойоттор  Сиинэ сүнньүттэн воевода Галкин этэрээтигэр саба түһэ сылдьыбыттара кумаахыҕа киирбитэ баар. Бу даҕаны эҥэр  ыар ыалдьыттар кэлэн ааспыттарын история кэпсиир. Ордук манна дьон  былыр-былыргыттан түөлбэлээн  олорбуттарын  ыраахтааҕылаах Россия  Сибиир киэҥ туонатын баһылыырга   хаһаактар арыаллааһыннарынан хорсун чинчийээччилэри ыытар кэмнэригэр сурукка-бичиккэ тиһиллэн хаалбыта туоһулуур. Дьэ маны барытын норуокка хаалбыт үһүйээннэринэн сирдэтэн  судаарыстыбабыт киин архыыптарыгар уонунан сыл хасыһан үөрэтэн, инники тахсыбыт научнай  суруйуулары  көрөн бэлэмнээн кинигэ оҥорон  дьоһун дьон Шадриннар сыдьааннара Галина уонна Юлия  Ефимовнолар үгүс олохтоох кыраайы үөрэтээччилэр көмөлөрүнэн    таһаардылар.


Нэһилиэк историятын таһаарарга холонооччулар бу иннинэ да бааллара.
Араас биричиинэнэн барыта биир сиргэ түмүллэ илигэ. Иркутскай-Дьокуускай почта суола арыллыбыта 280 сылыгар дьылҕа-хаан манна кинээс үрдүк  солотун ыраахтааҕыттан ылбыт Илья Шадрин  сыдьааннарын көмөтүнэн кинигэ баар буолла. Ардыгар, чинчийээччилэр кэпсииллэринэн, дьикти түгэн тосхойооччу, ирдэһэн-ирдэһэн, тыһыынчанан былыргы докумуону хасыһан  аккааскын биллэрэн эрдэххинэ, кэтэспит хайаан да баар буолуохтаах докумуонуҥ (эбэтэр экпедицияҕа сырыттаххына,   булумньуҥ ) бу  көстөн кэлэрин үөрүүтэ. Шадриналарга даҕаны оннук бэлиэ түгэннэр, оннооҕор түүлгэ да көстөн,  тосхойтолуу сылдьыбыттарын билэбин...Ол аата айылҕаттан кинилэргэ бу соругу толоруу ананан кэлэрэ баар эбит.

Ааспыт субуота күн Сиинэ дьоно суол турарын кэтэһэн-кэтэһэн почта ыстаансыйата 280 сылын чэрчитинэн бииргэ тэринэн нэһилиэктэрин кинигэтин сүрэхтээтилэр.

Кинигэбит тас ойуутун да  саҥалыы харахпынан  көрөн сөхтүм. Таас хайа хаспаҕын быыһыттан Сиинэ үрэх долгуйа уста сытар хаартыскатынан саҕаланарын — түҥ былыргы  историяны сэгэтэн көрүҥ кэриэтэ диирдии…

Докумуоннарга олоҕуран

Докумуоннарга олоҕурбут дьоһун кинигэни Агдаакы кыргыттара айан таһаарбыттар эбит. Ааҕан истэххинэ  дойдуҥ историята арыллан иһэр. Бачча элбэх докумуонутиһэн, ырытан, сэттэ аҥы көрүүнү биир чахчыга киллэрэркинигэни алта сылы баһа таҥан бэлэмнээн оҥорбут Юлия Дьячкова манан дьыала буолбатаҕа биллэр.

Бу 15 түһүмэхтэн турар кинигэҕэ былыргыттан саҕалаан аныгыга тиийэ дьон дьылҕата кэпсэнэр, ону кытары нэһилиэк олоҕо, хайдах сайдан, ханнык кэмнэргэ тугунан тыынан олорбута. Архыып докумуоннарын кытары элбэх былыргы кэм айанньыттара бэлиэтии суруйан хаалларбыттара, ону сэргэ  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэн кэлбит  үгүс элбэх үһүйээннэри дьиҥнээх олоро сылдьыбыт дьоммут ахтыыларыттан.

Галина, Юлия Шадриналар биһиги улууспут хаһыаттарыгар Илья, Максим Шадриннар олохторун  чинчийиилэринэн сиэттэрэн элбэх ыстатыйалары бу уонунан сылга бэчээттэтэн кэлбиттэрин билэбин. Олус улахан таһымнаах төрдүлээх-уустаах дьон эбиттэр диэн өссө төгүл итэҕэйдим. Санаан көрүҥ,  Россия ыраахтааҕытыгар биэс төгүл анаан-минээн, үп-харчы мунньунан нэһилиэгин эрэ дьонун-сэргэтин туһугар буолбакка, бүтүн Сахатын сирин кэскилин туһугар туруорса  биэс төгүл тиийбит бастакы нууччалыы билэр Саха сириттэн  тойон киһини. Нууччалыы билэр буолан атах-тэпсэн олорон баары баарынан балыйтарбакка аахсан норуотун туһугар үгүһү ситистэҕэ, бу биһиги, Малдьаҕардар тойоммут.

Хайдахтаах курдук өр айаннаан, бэлэх-туһах тутуурдаах  дойду муҥур ыраахтааҕытыгар оччолорго тиийэр диэни киһи билигин дэбигис санаата хоторбот. Аҥардас айаныгар кинээстиир солотунан суох   кэмин ааҕан көрдөххө (докумуоннарга кинини инилэрэ солбуйа сылдьыбыттарынан сирдэтэн даҕаны), бүтүн сүүрбэччэ сыла барбыт диэн тахсар.  Сытыары байбыта, тыһыынчанан сүөһүлэммитэ  да көстүбэт, бука дьонун туһугар  ороскуота баһаамынан ыйыллыбатаҕа буолуо дуу, ол оннугар Саха сиригэр бэйэтин үбүн сиэртибэлээн   оҕолорго бастакы үөрэх кыһатын тэрийтэрбит, кэскиллээҕи санаан православнай итэҕэли  киллэртэрбит, мас таҥара дьиэлэрин тутууну оччотооҕуга көҥүллээбэт кэмнэригэр Сиинэҕэ бастакы таҥара дьиэтин туттарбыт, дьаһааҕы хомуйуунубэрэээктиири ситиспит, о.д.а. дьыалалары олоххо киллэрбит  дьоһун киһи эбит, Сиинэ Шадрина. Чэ, историяны хаһымыым, кинигэни билиһиннэриини сырдата соруммут киһи.

Бэлиэтиэ этим, сиинэлэр дьоллоох  дьон эбиттэр диэн, итинник сүдү киһи хос-хос-хос сиэннэрэ историяларын утары ууммутарынан. Уонна бу төрүт олохтоох  түс-бас Леверьевтэртэн баһылыктара Айдан Никифорович хорсун санаатын киллэрэн дьаныһан туран ытык дьон энтузиаст  ыччаттарын таба тайанан  күннээҕи түбүктэн ордон, үпкөрөн соруммут дьыалатын, кинигэни таһаарыыны, тиһэҕэр тириэрдибитин.

Историяны сэгэттэххэ…

«Сиинэ үөрэҕирии уонна экономика киинэ» диэн бастакы түһүмэх ыстатыйатыгар тохтоотоххо, нэһилиэк тэриллиэҕиттэн XVIIс үйэттэн  бу сиргэ Шадрин аймахтара Өлүөхүмэ оройуонун Марха үрэҕиттэн быһа тыһыынчанан сүөһүлэнэн байан-тайан сир оҥостонолорбуттара эбиттэрэ кэпсэнэр. Максим Шадрин 1770-с сылларга улуус кулубатынан буола сылдьыбыта, кини түөрт уолун төрдүөннэрин ааҕарга-суруйарга үөрэппитэ биллэр. Өссө 1791 сыллаахха манна  Саха сиригэр кини  үбүлээһининэн  уонна тэриийиитинэн бастакы православнай чочуобуна баар буолбут.  

Илья Шадрин  оҕо сылдьан өссө нууччалыы саҥарарга үөрэммитэ биллэр. Саха сириттэн Екатерина -2 ыраахтааҕыга Софрон Сыранов илдьэ барар 12 пууннаах  накаастарын бу Максим Шадрин  нууччалыы итэҕэтиилээхтик суруйан биэрбитэ буолуо диэн сабаҕалааһын баар, оттон  Софрон Сыранов оччотооҕуга  суругу билбэт тойон этэ буоллаҕа.  Дьэ ити кэнниттэн 1770 сыллардаахха дьаам сүүрдэргэ бастакы  нуучча дьоно кэлэллэр эбээт.  Чинчийээччилэрбит суруйалларынан чуолаан бу Сиинэттэн  үөрэхтээһин сайдыыта саҕаламмыт диэтэххэ омун буолуо суох курдук. Шадриннар династияларын бэрэстэбиитэллэрэ икки үйэттэн ордук кэмҥэ соҕурууҥҥу нэһилиэктэрбит духуобунай лиидэрдэринэн буолалларын кинигэни бэлэмнэһэн киирии ыстатыйаны суруйбут ытыктыыр биир дойдулаахпыт Анатолий Добрянцев суруйарын ааҕабыт.

Малдьаҕар дьоно биир бастакынан нуучча дьонуттан үөрэнэн сири кытары ылсан үлэлээн, Саха сирин экономиката сайдыытыгар үлэлэспиттэрэ эмиэ докумуоннарынан бигэргэтиллэр.

Кинигэҕэ  5-Малдьаҕар нэһилиэгин  Сиинэ сэлиэнньэтин хронологията баар. Дьэ манна барыта сурулла сылдьар,хас сыллаахха туох буолан ааспыта, XVI- үйэттэн саҕалаан, 2016 сылга биир дойдулаахпыт Егор Филиппов Дыгын Оонньууларын  биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ буолбутугар тиийэ. Аны кинээстэр уонна старостолар тустарынан испииһэккэ Максим Шадринтан саҕалаан 1920 сылга тиийэ Шадрин араспаанньалаах отучча киһи   нэһилиэги салайбыта ахтыллар — Максим, Илья, Яков, Андрей, Михаил, Николай, Кирилл, Ларион, Михайло о.д.а. Шадриннар. 1920 сыллаахха диэри  быыбардаммыт баһылык кинээс Иван Николаевич Шадрин дьадаҥы дьон оҕолорун үөрэттэрэргэ оскуолаҕа анаан олорор дьиэтин биэрбитэ  ыйылла сылдьар…

Кинигэни бэлэмнээччилэр араас айанньыттар ахтыыларын киллэрбиттэрэ эмиэ сонун. Ол курдук английскай мореплаватель Иосиф Биллингс, декабрист Владимир Штейнгейльн Иркутскай уонна Нерчинскэй архиепискова НИЛ (Николай Исакович) ахтыы суруйуулара бааллара Сиинэ историятын сырдатан ааһаллар.

Кинигэ Сиинэҕэ сыһыаннаах үһүйээннэринэн баай

Ол иһигэр биллиилээх учуонай Гавриил Ксенофонтов хомуйбутуттан киирбит. Үһүйээннээри ааҕар олус интэриэһинэй, хайаан да бу кинигэттэн билсиҥ — Сабыйа уонна Агдаакы күөн көрсүһүүлэрэ, Эллэй  уолаттарын, сыдьааннарын, Сагдаакы, Бүлүүттэн  Сабыһыйаан, хайдах Ылдьаа Саадырын тылбаасчыт буолбутун туһунан уо.д.а., киһи умсугуйан ааҕа олоруон курдук. Ону сэргэ топонимика матырыйааллара болҕомтону тардаллар — сирдэр ааттара историяттан элбэҕи сэгэтэллэр, манна биллиилээх учуонайбыт Багдарыын Сүлбэ аата үгүстүк ахтыллар.

Түһүмэхтэн түһүмэххэ сыыйа-баайа докумуоннарга олоҕуран Сиинэ историята толору кэриэтэ кэпсэниллэр. Манна араас тэрилтэлэр хайдах баар буолбуттара, кимнээх үлэлээн-хамсаан ааспыттара күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри ахтыллар. Уонна биллэр-көстөр Сиинэ бас-көс  дьонун, аймахтарын о.д.а. тустарынан киһи сэргии ааҕыаҕа, көрүөҕэ үгүс киирбитэ билиҥҥи көлүөнэни  кэрэхсэтиэн сөп.

Ханнык баҕартар нэһилиэк кинигэтигэр саамай сыаналааҕа өссө былыргы биэрэпистэр  дааннайдара, ревизскэй сказтар бэлиэтээһиннэрэ буоларын билэбит. Бу кинигэ онон эмиэ баай. Манна 1795 сыллааҕы  Иркутскай губерния Саха уобалаһынааҕы Хаҥалас улууһун Малддьаҕар буолаһын 5-с ревизия түмүгүнэн  биэдэмэһэ бэриллибитэ  түҥ былыргы төрүттэрбитин, 5-Малдьаҕартан дьаһаах туттара сылдьыбыт дьоммут ыйыллыбыттара  төрүттэрбитин  буларбытыгар тирэх буолара саарбаҕа суох.1851, 1857, 1897,1782, 1795, 1901, 1917 сыллардааҕы дааннайдар киирбиттэрэ эмиэ элбэҕи ыйдаҥардан көрөргө сүдү көмө буолуохтара турдаҕа.

Сиинэ дьоно онон мантан инньэ сыта-тура   кинигэни ааҕыахтара, үөрэтиэхтэрэ диэн бигэ эрэннэбин. Бу мантан сиэттэрэн кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытынбилэрбитигэр  киэҥ аартык арыллар.

Үп-харчы кырыымчыгынан тахсыбыт кинигэбит ахсаана аҕыйах буолла. Ол эрээри аныгы үйэҕэ харчы түмтэххэ ити алҕаһы көннөрөр кыах толору баар.

Үлэлэспит дьоҥҥо махтал!

Кинигэни билиһиннэрии түгэниттэн эптэххэ, дьон, биллэн турар, чугастык ылынна. Бу күн историяны түмпүт ытык дьоммутун ахтан-санаан, махтал тылларын этэн аһардылар.  Ол курдук, Сиинэ историятын биир бастакынан хаһыспыт, сурукка тиһэн хаалларбыт үтүөкэннээх учууталбыт Алексей Иванович Соловьев аата  элбэхтик ахтылынна. Бу дьикти киһи туһунан кинигэтэ оҥоруоххайыҥ эрэ диэн долгутуулаах этии киирдэ.  Лидия Харлампьевна  Якушева, Степан Константинович Голоков, Октябрина Егоровна Ефремова, Мария Афанасьевна Голокова  о.д.а.  элбэх урукку дьон ахтыыларын хомуйан хаалларбыттарыгар махтал тыллара этилиннэ.  Совхоз, тэрилтэлэр  салайааччылара  махталынан ахтыллан аастылар.  

Кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыт педагогогическай үлэ бэтэрээнэ, «Агдаакы», «Предтеча» кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ Юлия Дьячкова (Шадрина), мустубут дьоҥҥо күүс-көмө буолбуттарыгар махтанна. Онтон эдьиийэ Галина Шадрина Илья  Максимович уолугар Иваҥҥа, биэс саастааҕар Муоратааҕы Сабыылаах Кадетскай куорпуска үөрэнэ барбыт уолчаан аатын үйэтитэргэ оскуола кэлэктиибигэр этии киллэрдэ.

Бу күн Сиинэ станцията 280 сылынан улахан кэнсиэр буолла. Манна Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтара Ирина Стрекаловская, Юта Асекритова дьаамсыктарын сыдьааннарын «Ямские бубенцы», «Ямская гармонь»ансаамбылларынаан, ону сэргэ Мохсоҕоллоохтон  «Бубенцы над Леной»  кэлэктииптэрэ кэлэн, олохтоох «Реченька», «Дьүрүһүй»,   «Кэнчээри»  ансаамбыллар ырыаны-тойугу тардан кэбистилэр..  Ону сэргэ Сиинэ  биллиилээх таксидермиһэ Анна Цыганкова чуучалаларын, олохтоох «Оһуор» изо-студия Сиинэ былыргы тутууларын кыраасканан дьүһүйбүттэрин быыстапкалаан көрдөрдүлэр. Салгыы быраарынньыктааҕы посиделкалар буоллулар.Киэһээ хараҥа халлааны фейерверк  сырдатта.

Людмила Аммосова.

Читайте дальше