«Айаным аргыстаах аартыгар» поэт, суруйааччы, учуутал Наталия Борисова-Нарыйа саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Наталия Борисоваҕа — Нарыйаҕа Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ үрдүк аата иҥэриллибитэ  барыбыт үөрүүтэ буолла! Өссө төгүл эҕэрдэлиэҕиҥ, саха далбар-хотунун!

Биһиги — хаҥыл хааннаах хаҥаластар

Хаан сыдьаан ыччаттара

Хас эмэ үйэлэр үтүргэннэригэр

Үтүрүллүбүт үгүс кэмнэр

Үөрдүһэн ааспыт үргүөрдэригэр

Үөскээн олорбут өбүгэлэрбит

Үтүө ааттарын үйэтитээри,

Өрө тута өрөгөйдөөрү

Үөскүү-тэнийэ тураары,

Ааспыт кэмнэри анаараары,

Аймах дьоммутун айхаллаары

Айыллыбыппыт буолуо

Аан ийэ дойдуга.


Бу
«Хаҥыл хааннаах Хаҥаластар» диэн билигин күөн туттар хоһоонноругар Наталия Борисова бу хотугу дойдуга Эллэй, Тыгын саҕаттан саха омугу сомоҕолуур соруктаах айдарыллан кэлбит  хаҥаластары киэн тутта, ытыктыы этэр тыллара барыбытыгар иҥэ сылдьар. Ол иһин да буолуо Нарыйабыт кинигэтин сүрэхтэниитэ киин библиотекабыт  дьиэтигэр олус истиҥник, элбэх киһи кыттыылаах, баай-талым эҕэрдэ, уруйдуур сылаас тыллардаах ааста. Хоһоон куттаах Валентина Колесовабыт  үгэһинэн олус бэркэ  дьоро  көрсүһүүбүтүн иилээн-саҕалаан ыытта.

Кырдьык,  Хаҥаласпытыгар киниэхэ тэҥнэһэр Ийэ дойдуга муҥура суох тапталы саҕар сырдык иэйиилээх хоһооннордоох поэт биһиэхэ суоҕун тэҥэ. Этэргэ дылы, хоһоонньут, суруйааччы кыыстарын уруйдуу-айхаллыы биир дойдулаахтара нөмүгүлэр бу күн көһөн кэллилэр диэх курдук. Оннооҕор мин, үгүс маннык көрсүһүүлэргэ сылдьар киһи, Ой оскуолатын оҕолоро анаан-минэнн тэристэн сахалыы-таҥнан симэнэн  хоһоон кэһиилээх кэлбиттэриттэн, уу сахалыы тылынан ааҕан чоргуйбуттарыттан истэн олуһун диэн долгуйдум. Саха ийэ тыла бу оскуолаҕа иитиллэ сытар эбит диэн астынным. Бииргэ үлэлиир кэллэктиибэ, култуура үлэһиттэрэ, оҕо саастан доҕотторо, дьиэ кэргэнэ кэлбиттэрэ бу үчүгэйин!

Норуодунай суруйааччыбыт Павел Харитонов-Ойуку, Саха сирин сурйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы,  «Полярная звезда« сурунаал сүрүн редактора  Владислав Доллонов, Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ, поэтесса  Галина Басылайканова — Кэнтик Кыыһа,   хаҥаластар айар, суруйар талааннаах дьоннорун түмэр «Өлүөнэ долгуннара «литературнай түмсүүлэрэ эҕэрдэлии кэлбиттэрэ үөртэ.

Хаҥаластар 2010 сылтан тахсар историко-культуралогическай «Хаҥыл» сурунаалларын хас биирдии нүөмэрэ хара маҥнайгыттан Наталия Борисова — Нарыйа хоһооннорунан арыллара  ытыктыыр киһибит ураты айар талааннааҕын туоһута буолбар. Бу туһунан мустубут дьоҥҥо сурунаал бырайыагын ааптара Лариса Константинова  эттэ, махталын ааптарга биллэрдэ. Кырдьык даҕаны, Нарыйа сүрэҕи ортотунан ааһар хоһоонноро киһи дууһатын кылын таарыйаллар. Оннооҕор мин, бу эйгэттэн син  тэйиччи киһи, саҥа тахсыбыт кинигэтин биир тыынынан астына аахтым. Таарыччы эттэххэ, дьэ киһи кинигэлээхпин диир кинигэтэ тахсыбыт, оҥоһуута, таҥыыта, дизайна  да эчи сиэдэрэйин, сонунун — иэйиини саҕар Хаҥаласпыт  кэрэ айылҕатын нарын  дьүһүйүүлэрдээх хаартыскаларыгар бииртэн биир   дьикти кэрэ хоһооннор. Элбэх хоһоон киирбит, бу балтараа сүүстэн тахса страницалаах кинигэҕэ.


Нарыйа дууһатын долгутар тиэмэтэ киэҥ —  патриотическай хабааннаахтан саҕалаан таптал, айылҕа, оҕо-ыччат, олох…
Улуу суруйааччылар хоһоонноруттан тылбаастар, ону сэргэ өссө Нарыйа бэйэтэ суруйбут  нарын иэйиилээх хоһоонноруттан нууччалыы тылынан биллиилээх суруйааччы Аита Шапошникова тылбаастара киирбиттэрэ хомуурунньугу  байыттылар.

Наталия Борисова өссө  талааннаах прозаик, чинчийээччи

Өссө оҕо эрдэҕинэ оччолорго Селекционнайга олорор, сүдү айымньыларын айбыт Саха суруйааччыта, поэт Иван Гоголев  тыыппалааҕын билэн  суруйарга-айарга   алҕаан ааспытын истибиттээҕим. Наталия Николаевна кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ «Чолбон», «Күрүлгэн» сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ биллэр. Кини эбиитин кыраайы үөрэтээччи. Сэриигэ кыттыбыт биир дойдулаахтарын туһунан үгүс истиҥ чинчийиилэрдээх «Өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ», «Хорсунун иһин түөрт мэтээллээх» кинигэлэрдээх ааптар. Нэһилиэгни  халыҥ кинигэтин кыраайы үөрэтээччилэри Раиса Федорованы, Николай Ильины  кытары  дьаныһан туран оҥорсубут дьоһун киһи. Хайа уонна биһиги хаһыаппыт өр кэмнэргэ общественнай кэрэспэдьиэнэ — суруйааччыларбыт Исай Никифоров, Степан Ефремов, биллиилээх публицист, тылбаасчыт Михаил Дьячковскай ааттарынан суруналыыстарга бириэмиэйэбит лауреата буолар. Нарыйа өссө оҕо сурйааччыта — «Көрүдьүөстээх азбука» кырачааннарга кинигэ айан элбэх хоһоону айан турар. Көрөргүт курдук, дэгиттэр талааннаах  Хаҥаласпыт  дьоһун киһитэ.

 

Наталия Николаевна, кылгастык эбии билиһиннэрдэххэ, Нөмүгүттэн төрүттээх, 1977 сыллаахха Саха государственнай университетын бүтэрбитэ уонна Үөһээ Халыма улууһун Сылгы Ыытар оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын  учууталынан үлэлээн хотугу дойдуга уһаарыллан, 1991 сылтан ыла Нөмүгүтүгэр эргиллэн кэлэн  Ой оскуолатыгар таптыыр предметин оҕолорго үөрэппитэ. Элбэх хоһоонун анаабыт тапталлаах Руслан Афанасьевич диэн өйөбүл-тирэх буолар кэргэннээх, үс кэрэчээн кыргыттардаах,  сиэннэрдээх улахан дьиэ кэргэн далбар-хотуна.

Валентина Колесова  көрсүһүүнү түмүктүүр тылларынан  суруйуубун бүтэриим:

Туола илик ыраларыҥ

Олоххор киирэн истиннэр,

Үрдүктэн үрдүккэ дьулус,

Үтүөттэн үтүөҕэ талас,

Кэрэттэн кэрэҕэ тардыс,

Санаабыккын саргылаа,

Ылсыбыккын ыпсар,

Чэгиэн доруобай буол диэн

Алгыспытын аныыбыт.

Туску!

Людмила Аммосова.