Ахсынньы 16 күнүгэр Улахан Аан култууратын киинигэр Дьөһөгөй сылын түмүктээн Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ уонна “Дьөһөгөй оҕото” түмэл хаһаайката Парасковия Максимова көҕүлээһиннэринэн улуустааҕы XVI-XVIII үйэтээҕи уонна сэбиэскэй кэм саҕатааҕы “Күн Дьөһөгөй маанылаах симэҕэ” ат киэргэллэрин симэҕин, аты көлүйүүгэ туттуллар тэриллэрин быыстапкатын тэрийэн ыыттыбыт.
Быыстапка көрүүтүгэр кыттыыны ылла Г.В.Ксенофонтов аатынан түмэл үлэһитэ Елена Скрябина.
Олохтоохтор уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар быыстапкаҕа өбүгэлэриттэн хаалбыт ат тэриллэрин, симэхтэрин туруоран кэпсээтилэр, ол курдук Зинаида Емельянова дьиэ кэргэниттэн хаалбыт Иван Ильин XVIII үйэтээҥҥи акка кэтэрдиллэр дугатын сырдатта, киниитэ Татьяна Ильина, Александр Максимов 1947 сыллаах 1 -кы Малдьаҕартан төрүттээх Семен Павлов—Уус Сэмэн оҥорбут хосуопкатын, бэйэтэ 2014 сыллаахха олоҥхобут ыһыаҕар анаан Сунтаар уустарыгар оҥотторбут ат ыҥыырын, хобо чуораанын бэрт сэргэхтик кэпсээн, дьон болҕомтотун тарта, удьуор сылгыһыт Андрей Лукин аҕатыттан хаалбыт, Сахсалдьыйа -Уус 1950 сылларга оҥортообут хосуопката акка кэтэрдэр дугата, хобо чуораана, сулара, бэйэтэ оҥорбут үүнүн кэпсээн, сылгыһыт киһи буоларын быһыытынанбилиһиннэрдэ. Кини этэринэн эдэр сылгыһыт дьон суоҕун кэриэтэ буолла, онон инникитин сылгыһыттары элбэтэр сыалтан агро-оскуола аатын сүгэр үөрэхпит кыһата уол оҕолору сылгыга сыһыаран үөрэттэхтэринэ эрэ сылгыбытэлбиир туруктаах диэн бэйэтин санаатын эттэ.
Татьяна Пудова тойонуттан Пуд Пудовтаахтан хаалбыт атын дугатын сиэнинээн Ярослав Михайловтыын кэпсээн сэргэхсэттилэр, Покровскайтан Мария Кадыр-оол эдьиийин Светлана Иванова өбүгэлэриттэн хаалбыт үрүҥ көмүс киэргэллээх толору ат симэҕин, Покровскай куорат 4 №-дээх оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Катя Строева НПК – ҕа кыттыбыт слайдатын сиһилии кэпсээтэ, Александр Харитонов аҕата Василий Николаевич бэлэх биэрбит кылтан өрүллүбүт тэһиинин, быыстапкаҕа туруорда, киһи кэрэхсиирэ диэн баар бу тэһиин уонна С.С.Иванова өбүгэтиттэн хаалбыт ат симэҕин тэһиинэ оҥоруута тэбис тэҥнэр, арай өҥнөрө эрэ ураты.
Ол ат киэргэлэ Иванова С.С. хос эбэтэ 1— Малдьаҕартан Бөртөҕө сүктэн кэлэригэр аҕалбыт, онтон мин аҕам дойдута Тойон Арыы, онон сылыктаатахха бу тэһииннэри биир маастар оҥорбут буолуон сөп, быһа холуйан эттэххэ XVII-XVIII үйэ оҥоһуктара.
Дьэр нэһилиэгиттэн Мария Исакова кытынна, кини А.И.Притузов аатынан орто оскуола иһинэн тэриллибит түмэлгэ харылла сытар XVII-XVIII үйэтээҕи ат тэриллэрин кэпсээн кэрэхсэттэ.
Күөрдэмтэн Р.К.Захаров аатынан “Самыртай” түмэлин сэбиэдиссэйэ Мотрена Захарова, Людмила Скрябина буоланнар С.П.Барашков 1892 сыллаах үрүҥ көмүс солотуулаах атын ыҥыырын, 50 – сылларга тигиллибит чаппараагы, былыргы тирииттэн оҥоһуллубут быаны сэргэхтик кэпсээннэр дьон—сэргэ сэдэх оҥоһуулаах ыҥыыры сынайан көрдүлэр. Бу түмэл үлэһиттэрэ слайдаҕа көрдөрбүт хосуопкалара Андрей Лукин аҕатын хосуопкатын кытта эмиэ тэҥ оҥоһуулаахтара барыбытын сөхтөрдө.
Андрей Артамонов ийэтэ Раиса Дмитриевна араас дьэрэкээн тигиилээх чаппараактарын көрдөрөн сырдатта. Ону таһынан бу күн быйылгы, Өймөөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын ат симэҕэр кылаан бирииһи ылбыт Ой нэһилиэгин “Ситим” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин кыттыылаахтара Эльвира Денисова, Людмила Кириллина толору ат симэҕин туруордулар, кылтан оҥоһукка иккис миэстэни ылбыт Өктөмтөн СӨ норуотун маастара Светлана Баишева буолан, оҥоһуктарын долгуйан туран сырдаттылар, кэлбит эрэ дьон сыралаах үлэлэрин олус сөҕө көрө хайҕаатылар, киэҥ тутуннулар.
Олохтоох маастардар туора турбакка кылтан, сиэлтэн, тирииттэн, мастан, оҥоһуктарын туруордулар, худуоһунньук идэлээх Вячеслав Максимов дьөһөгөйгө анаабыт уруһуйдара, Владимир Григорьев хаартыскаларынкөрбүт эрэ дьон харахпытын сымнатта.
Дьөһөгөй Айыыга махтанан алгыһы алгысчыт Лидия Харитонова толордо, тэрээһини иилээн-саҕалаан Татьяна Лукина ыытта, бу күн көхтөөх кыттыыны ыллылар “Аан Аартык” култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, “Көмүлүөк” түмсүү, “Күбэйэ” фольклорнай бөлөх, Альбина Трифонова,минньигэс астаах хаһаайка Оксана Апросимова. 4 кылаас үөрэнээччилэрэ Кирилл Голоков уонна Дамир Максимов “Аттар” ырыаны толордулар,“Айар кут” литературнай түмсүү кыттыылаҕа Марина Васильева суруйбут “Кымыс”диэн хоһоонун 5 кылаас үөрэнээччитэ Арсен Иванов ааҕан иһитиннэрдэ.
Бу тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоҥҥо “Арчы дьиэтин” аатыттан Махтал сурук, “Таптыыбын төрөөбүт дойдубун” ырыанньыгы туттардыбыт.
Инникитин баҕарыам этэ маннык иһирэх тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар, “Дьөһөгөй оҕото” түмэлбит миинэр миҥэбит сэдэх тэриллэринэн хаҥыырыгар, олохтоох дьон Иванова С.С. өбүгэлэриттэн хаалбыт толору ат симэҕин көҥүл ылан, бырайыак суруйан, норуот маастардарын үбүлээннэр, үүк-үкчү үтүгүннэрэн хаттаан тигэн, үйэтитиэхтэрин баҕарабын. Биир сомоҕо буолан үлэлээбит үйэлээх үлэлэрин, түмэл дьиэҕэ бэлэх биэрдэхтэринэ, Бөртөлөр дьоһун ааттара өрөгөйө үрдүө.
Лидия Харитонова, “Хаҥалас” хаһыат общественнай кэриспэндиэнэ.