Аҕабыт Соломонов Иннокентий Васильевич 1924 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр 2—Малдьаҕар нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Күн сирин көрбүт уонна оҕо сааhа ааспыт сирэ дьикти айылҕалаах Хоhой сирин ааттыын кэрэ Кубалаах диэн алааhа буолар.
Аҕабыт аҕата Василий Иванович уонна кэргэнэ Софья Андреевна 1906 сыллаахтан холбоhон баран өр сылларга кыайан оҕоломмокко уоллаах кыыс оҕону ылан ииппиттэр. Уоллара — Гаврил Леонтьев, кэпсэтии быhыытынан улаатыар диэри иитиллэн баран, төрөөбүт аймахтарыгар төннөрүллүбүт. Кыыстара — эдьиийбит Марфа Петровна Иванова этэ. Онтон 1924с. өр күүтүүлээх оҕолорун — аҕабытын төрөтөн баран ийэлэрэ өлөн хаалар. Эhээбит оҕолорунаан соҕотох хаалан баран Бэстээхтэн төрүттээх эдэр Анастасия диэн дьахтары кэргэн ылар. 1926 с. кыыс оҕолоноллор, ол аҕабыт балта Соломонова — Васильева Елизавета Васильевна этэ. Кэлин аҕабыт эдьийинээн, балтынаан үhүөн үйэлэрин тухары Улахан Ааҥҥа бэрт чугастык аймахтаhан олорбуттара.
Маачаха ийэлэрэ кытаанах майгылаах, ордук аҕабытыгар дьэбир сыhыаннаах эбит. Хаhаайыстыбаларыгар элбэх сүөhүлээх буолан, уолчаан бэрт кыратыттан хотон үлэтигэр эриллэн барбыт. Маачахата 6-7 саастаах оҕону мөҕөн, дэлби таhыйан таhырдьа холдьоҕор эбит. «Дьиэттэн холдьоҕуллан ампаар эбэтэр дьиэ кэннигэр саhан, икки илиитинэн иhин туттан чохчоллон олорор бырааппар ырбаахым тэллэҕэр кистээн, суулаан аһылык таhааран аhатарым. Сороҕор ымдааны, бөлөнөҕү эрэ иhэрдэрим» — диэн эдьиийэ Марфа Петровна харах уулаах кэпсиирэ.
Аҕабыт 8 сааhыгар Харыйаҕа 1923 с. арыллыбыт Новгородов аатынан 4 кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Бииргэ үөрэммит доҕоро, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Кононов И.С. ахтарынан, 4 кылааhы үөрэнэн бүтэрэн Булгунньахтаах 7 кылаастаах оскуолатыгар салгыы үөрэнэ тиийбиттэрин үөрэнээччи ахсаана толору диэн төттөрү ыыппыттар. Кэлэн холкуоска биир сыл үлэлээн баран эhиилигэр баран үөрэхтэрин салҕаабыттар. «Кеша үөрэҕэр куруук ударник буолан наар хайҕалга сылдьара, үөрэнээччилэр ортолоругар олус авторитеттаах этэ, учкомунан талыллан үлэлиирэ» — диэн ахтар доҕоро. 7 кылааhы бүтэрэн баран холкуоhугар кэлэн үлэлээбит.
1943 сыллаахха аҕабыт доҕорунаан армияҕа ыҥырыллан барбыттар. Сулууспалыы сырыттахтарына сэрии саҕаланан, Японияны утары сэриигэ барбыттар. Доҕоро Иннокентий Спиридонович ахтыытыгар кинилэр иккиэн бииргэ ыҥырыллан барбыттарын кэпсиирэ уонна кинини Читаҕа, онтон аҕабытын Владивостокка араартаан ыыппыттара диэн этэрэ. «Кеша сэриигэ Владивостоктан барбыт буолуохтаах. Япония оччолорго Кытайы, Манчжурияны, Сахалин арыыларын барытын былдьаан олорор этэ уонна онтукатын таах туран биэрбэтэҕэ чахчы. Улахан кыргыһыы, өлүү-сүтүү кэнниттэн биэрбитэ. Ол да сэриигэ Кеша бэйэтин көрдөрбүт, байыаннай сорудахтары чиэстээхтик толорбут буолуохтаах диэн бүк эрэнэбин», — диэн суруйар доҕоро 82 сааһыгар сылдьан.
Аҕабыт красноармейскай киниискэтигэр «красноармеец-стрелок 1034-го стрелкового полка, 3-го батальона, 89-й стрелковой роты» диэн уонна Маньчжурияҕа походтарга сылдьыбытын, Японияны кытары сэриигэ кыттыбытын туhунан суруллубут. Кини дьоппуон милитаристарын утары сэриилэспитин туоhутунан И.В. Сталин Махтал суруга, «За победу над Японией» мэтээлэ буолаллар.
1947 сыллаахха кыайыы кынаттанан дойдутугар эргиллэн кэлэн «Кыhыл Сулус» холкуоска араас үлэҕэ барытыгар, биригэдьииргэ тиийэ үлэлээбитэ.
1950 с. аҕабыт ийэбитин, 3 Малдьаҕартан төрүттээх Кузьмина Екатерина Павловнаны көрсөн ыал буолаллар.
Холкуостар бөдөҥсүйүүлэригэр, эдэр киhини техникаҕа сыһыаннааҕын көрөн, холкуос салалтата суоппардар курстарыгар ыытар.
1951 сыллаахха нэhилиэкпитигэр аҕабыт бастакы массыынаны аҕалан сүүрдүбүтэ. Онтон ыла кини аата «Суоппар Киэсэ» диэн буолбута. Холкуос соҕотох суоппара буолан сындылҕаннаах, түүннэри–күннэри үлүскэннээх үлэ саҕаламмыта. Өр сылларга арахсыспат тимир көлөтүнэн «30–07 ЯКБ» нүөмэрдээх грузовой массыына буолбута.
Урукку холкуостар холбоhон бөдөҥсүйэн, ферма сүөhүтэ элбээн, сайынын алта алааһынан көhүүсаҕаламмыта, ол көс кини массыыната суох хайдах да сатаммат этэ. Суол ол саҕана билинни курдук буолуо дуо, чахчы «бырыы да бадараан» буоллаҕа. Аҕабыт табаарыhа, нэhилиэк бочуоттаах олохтооҕо, бокуонньук Харитонов В.Н. ахтарынан: «табаарыhым Кеша сүрдээх мындыр, сатабыллаах киhи этэ. Массыынатыгар мэлдьи сытыы сүгэтин, эрбиитин суулаан баран тиэйэ сылдьара, өтүүлээх буолара. Массыына арааматыгар дылы түhэн хаалара, оччоҕо били тиэйэ сылдьар мала абырыыра. Оннооҕор суолтан туора ойууру кэрдэн суол оҥостон улахан эрэйинэн массыынатын хостоон таһааран айанныыра. Кини солообут суола билиҥҥэ диэри орох буолан көстөр». Кыhынын мас тиэйиитигэр, аны хаарга батыллымаары, толору балбаах тиэнэн таһааран тэлгэтэн айаннаан тиийэн маһын тиэнэрин, төннөругэр сарсыҥҥы суолун солоон бэлэмнээн кэлэрин доҕоро ахтара. Ол солообут суоллара хойукка диэри төhөлөөх суоппары абыраабыта буолуой. «Аҕаҕыт Суоппар Киэсэ суола ити көстө сытар» — диэн айаннаатахха суоппардар көрдөрөр буолаллара.
Ити грузовой массыына таhаҕаhы эрэ тиэйэринэн муҥурдаммат этэ, дьон эмиэ олорсон айанныыллара. Дьон олорсоругар олбуор кырыытыгар сытар ыарахан ыйааhыннаах мас «ыскамыайкалар» кузовка туора хамсаабат гына ууруллаллара. Дьиэбит вокзал курдук буолара. Сайынын сарсыарда эрдэ дьон саҥатыттан уhуктарбыт. Түннүгүнэн баран көрдөххө, таhырдьааҥҥы ыскамыайкаҕа, күрүө туора маhыгар киhи бөҕө күө-дьаа кэпсэтэ олорор, аҕабыт массыынатын иннин аhан көрүнэ турар буолара. Онтон дьэ бары кузовка хатаастан тахсан олорон хоту диэки көтүтэ тураллара. Арыт тымныыттан, ардахтан дьиэҕэ киирэн күүтэллэрэ.
Аҕабыт сарсыарда 5 чаастан киэһэ 11-12 чааска дылы икки хараҥаны ыпсарар үлэлээх буолан көрөрбүт да ахсааннаах этэ.
Төhө да солото суох үлэhит буолбутун иһин, барахсан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баһылыга, хаһаайын буоларын хаһан да умнубата. Киэҥсиринэн тэлэhийэ сылдьар буолан, элбэҕи билэр-көрөр, сырдыкка-сайдыыга тардыhар эбит. Нэhилиэккэ бастакынан 1961с. дьиэбитин кэҥэтэн салҕаан туттубута, «голландка» оһох туруорбута дьоҥҥо сонун буолан, көрө кэлээччи баһаам этэ.
Куоракка сылдьар буолан, бырааhынньыктарга, оччотооҕу 50-60 сылларга мээнэ көстүбэт сонун ас: кэмпиэт, компот, халбаhыы булан аҕалара. Арыт кинигэ кэhиилээх буолара. Оннук, «Васек Трубачев», «Тимур и его команда» илииттэн илиигэ сылдьан ааҕыллыбыттара.
Хаhаайыстыбаҕа туттуллар араас дьикти малы аҕалан соhутар этэ: пылесос, электрическэй өтүүк, таҥас ыраастыыр щетка, оннооҕор оҕолорго
барыбытыгар, тиис суунар щетка, онтукалара барыта эмиэ электрическэй этэ. Итинник сэрии кэннинээҕи саҥа олох сайдыытын туоhулара биһиги олохпутугар киирэн испиттэрэ.
Сэдэххэ үлэтиттэн эрдэлиир түгэннэригэр элбэх кэhиилээх, кэпсээннээх кэлэн дьиэ иhигэр үөрүүнү-көтүүнү аҕалара. Уолаттарын кытары саахымат оонньуура уонна тугу эрэ кэпсэтэн, күлэр—үөрэр буолара. Биирдэ сааскы киэһээ олбуор тас өттүгэр оҕо бөҕө мустан лапталыы сырыттахтарына аҕабыт массыыната бурҕатан кэлэн тохтоото. Аҕабыт ойон түhэн оҕолору кытары үөрэ-көтө лапталаан сүүрэн ылла. Устунан уолаттар «билисэпиэккэ үөрэн» диэн хаайан олордон баран, кэнниттэн анньан сүүрдүлэр уонна ыытан кээстилэр, киhилэрэ икки атаҕын өрөкөтөхпүтүнэн, хаhыытаабытынан олбуорга кэлэн сааллан билисэпиэт көлөhөтүн ньолбоччу түhэн ыhыы-хаhыы буолбуттаах.
Сайын биэрэгинэн Булгунньахтаахтан дуу, Еланка диэкиттэн дуу кэлэн иhэн сөтүөлүүсылдьар дэриэбинэ оҕотун биэрэктэн бүтүннүүолордон таhааран «дьоллуура». Оннук кини кырдьаҕаhы кытары кырдьаҕас, оҕону кытары оҕо курдук киһи этэ.
Аҕабытын билэр эрэ киhи барыта аламаҕайын, элбэх кэпсээннээҕин, куруук үөрэ-көтө сылдьарын бэлиэтээн кэпсииллэрэ. Кини элбэх сиринэн сылдьар буолан, нуучча да, саха да табаарыстардааҕа. Ардыгар айаннаhан кэлбит суол дьоно кэлэн хоноhо буолаллара. «Биирдэ дэриэбинэҕэ ким да киллэрбэтэх, хаайыыттан тахсан ааһан иhэр сирэйэ шрамнаах нууччаны уулуссаттан булан аҕалан хоннорбута. Сарсыарда хоноhобут тото-хана аhаан баран махтанан, алҕаан аҕай барбыта», — диэн ийэбит ахтара.
Кэлин ыалдьар буолан баран Соҕуруу курортарга баран эмтэнэр этэ. Онно сылдьан билсибит, табаарыстаспыт араас омук дьонуттан сурук, хаартыска бөҕө кэлэрэ.
Ыалдьан дьиэҕэ олороругар наар илиитигэр кинигэ тутуурдаах буолара. Дьыбааҥҥа сытан «Автомобильный транспорт», «Роман-газета» сурунааллары көрө сытара, оһох аттыгар кинигэ ааҕа олороро харахпар бу баар курдук.
«Кеша элбэх хаһыаты, кинигэни ааҕар быhылааҕа, кини элбэх оҕолооҕо, оҕолорун олус таптыыра уонна барыларын аахпыт кинигэтин геройдарын аатынан ааттыыра»- диэн ахтар элбэхтик бииргэ айаннаhар табаарыhа Харитонов В.Н.
«Эһиги паапаҕыт дьиҥнээх герой» диэбиттэрэ…
Ол эрээри итинник толору дьоллоох оҕо сааспыт өр салҕамматаҕа, аҕабыт барахсан 1968сыллаахха, мин 6 кылааһы бүтэрбит сайыммар бу дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Бүтэhик суолугар нэhилиэк дьоно бүтүннүү, оройуонтан дьон бөҕө мустан атаарбыттара. Оройуон кииниттэн духовой оркестр кэлэн похороннай марш тыаhатан дьон уйулҕатын улаханнык хамсаппыта. Киhи бөҕө бырастыылаhар тылын истэн кыра бырааппыт: «Биhиги папабыт герой да?» — диэн ыйытар. Онуоха сэлээппэлээх, мааны таҥастаах, сааһырбыт киһи: «Эhиги папаҕыт, саарбаҕа суох, дьиҥнээх герой» — диэбитэ биhиги оҕолор өйбүтүгэр хатанан хаалбыта.
Ийэбит барахсан алта оҕону кытары соҕотох хаалан иитэн, үөрэттэрэн барыбытын олох киэҥаартыгар үктэннэртээн, ыал оҥортоон сиэн, хос сиэн көрөр дьолун билэн 87 сааhыгар орто дойдуттан барбыта.
Быйыл дьоммут улахан сиэннэринээн Сардаана Анатольевналыын Москва куоракка «Музейно-храмовый комплекс Вооруженных сил России» диэн улахан музейга тиийэ сырыттыбыт. Онно Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар үйэлэргэ өйдөбүнньүк буолбут «Дорога памяти» фотогалереяҕа аныгы технология көмөтүнэн аҕабыт, эhээбит хаартыскатын булан, кини сырдык мөссүөнүгэр сүгүрүйэн кэллибит.
Бүгүн күн сирин көрдөрбүт күндү дьоммут олохторун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Үлэ удаарынньыга, социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа Иннокентий Соломонов утумун ситимэ салҕанар.
Орто кыыстара Светлана Соломонова.