Кэнчээри ыччаппыт уһуйааҥҥа олоҕун сүрүн олуга ууруллар, сырдыкка — кэрэҕэ үөрэнэр, сибэкки курдук үүнэн, чэчирээн тахсар. Кырачааннарбыт иитээччигэ уһуйуллан кэскиллэрэ түстэнэн, мантан куорсун анньынан, оскуола киэҥ аартыгар үктэнэллэр. Чэ, манна иитээччи Михайлова Марианна Ильинична көмүс чыычаахтарбытын ийэлии иһирэхтик бүөбэйдээн иитэн — такайан, уһуйан төһөлөөх сыралаах үлэни ыыппыта булуой. Элэккэй, кэпсэтинньэҥ, билиилээх — көрүүлээх, дьоҥҥо сэргэҕэ болҕомтолоохтук, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар культуралаах киһини, ама, хайа киһи бэлиэтии көрбөтөҕөй? Мин оннук «Кэскил» уһуйааммыт иитээччитин Марианна Ильинична ааттыыбын.
Отуттан тахса сыл төһө элбэх кырачаан оҕолорбутун дьоҕурдарын таба көрөн, алмаас таас курдук кырыылаан, чочуйан сайыннарбыта булуой. Марианна Ильинична бэйэтэ айбыт элбэх методическай пособиялаах. Ол курдук олоҥхо педагогикатын иитэр-үөрэтэр өрүттэригэр тирэҕирэн оҕону иитиигэ бу баай опыта улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕанан «Педагоги Якутии” интернет-сайка бэчээттэммитэ. “Сонор” оонньуу нөҥүө аныгы саха оҕотун иитиигэ, сайыннарыыга маастар-кылааһы ыыппыта. Оҕолор тарбахтарын сайыннарар сахалыы остуол оонньуулларынан, таабырыннарынан киэҥ программалаах үлэлиир. Иитиллээччилэрэ улуус, өрөспүүбүлүкэ куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытталлар.
Марианна Ильинична айымньылаах үлэтин элбэх грамота, махтал сурук, «За вклад в развитие дошкольного образования РС( Я)» бэлиэ туоһулууллар. Махталлаах төрөппүттэр өйөбүллэринэн, кырачааннар сэмэй ситиһиилэринэн өссө үрдүк чыпчааллары дабайаргар баҕарабын.
Анастасия МОРДОВСКАЯ, биһиги общ. корр., Тиит Эбэ.