2023 сыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сыллара биллэриллэн биһиги аймахха үтүө түмүктэрдээх буолла. Ол курдук ааспыт үйэ 30-с сылларыттан Тумул нэһилиэгэр ликбезтэн саҕалаан уопсай үөрэхтээһини тэрийбит, үгүс ыччаты сырдык суолга угуйбут учуутал Родион Алексеевич Христофоров аата Тумул нэһилиэгин оскуолатыгар иҥэрилиннэ.
Биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Родион Алексеевич (Ородьуус) атырдьах ыйын 2 күнүгэр 1902 сыллаахха Арҕаа—Хаҥалас улууһугар Христофоров Алексей Николаевич уонна Прасковья Петровна алта оҕолоох орто сэниэ ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата IV-с Малдьаҕар Үрдүк Кытылын олохтооҕо, бэйэтэ төһө да үөрэҕэ суох буоллар үөрэх туһатын өйдөөн, уолун Ородьууһу Өктөмнөөҕү церковнай — приходской оскуолаҕа үөрэттэрбитэ. Эдэр киһи үөрэнэр кэмнэригэр ыраахтааҕы былааһа уларыйар, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайан Саха сиригэр сэбиэскэй былаас буолар. Олох тосту уларыйан, Саха сирин үрдүнэн улахан дьону ааҕарга, суруйарга үөрэтэр ликбезтэр арыллаллар. Саҥа ревком былааһа үөрэхтээх саҥа ыал буолбут эдэр киһини олорор сиринэн дьону ааҕарга — суруйарга үөрэтэригэр сорудахтаабыта. Дьэ итинтэн саҕаламмыта аҕабыт үөрэххэ — билиигэ угуйар кэскиллээх үлэтэ.
1926 сыллаахха ыытыллыбыт Родион Христофоров дойду биэрэпиһигэр нэһилиэгин Сэбиэтин сорудаҕынан IV-с Малдьаҕар дьонун испииһэктээбитэ. Ити докумуоннары республика архивыттан Семёнова Мария Дмитриевна көрдөөн булан «Төлкөбүт төрдө Тумулбут» кинигэҕэ киллэрбитэ. Ол үлэлии сырыттаҕына аҕатын норуот өстөөҕүнэн уураахтаан, Ородьууһу үлэлиир быраабын быһан, учууталлыыра бобуллан тохтуу сылдьыбыта. 30-ссылларга бүтүн Саха сирин үрдүнэн ликбез оскуолалара арыллыбыттара. Дьону үөрэтэр үөрэхтээх киһи тарбахха баттанар буолан аҕабытын сөбүлүүр үлэтигэр төннөрбүттэрэ. Ол курдук III-с Малдьаҕар нэһилиэгин Харыйалаах учаастагын 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталлыыр. Бу үлэлии сырыттаҕына сэрии буолар, 1943 сыллаахха үлэ фронугар ыҥырыллар. Биир сыл үлэлээт, 1944 сыллаахха доруобуйатынан сыыллан дойдутугар төннүбүтэ 1945-1949 сылларга кини Улахан Аан оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, онтон дойдутугар Тумулга көһөн кэлэн Орто Кытыл начаалынай оскуолатыгар 1962 сыллаахха уурайыар диэри сэбиэдиссэйинэн, учууталынан үлэлээбитэ. Аҕабыт 1965 сыллаахха олохтон ыалдьан туораабыта, көмүс уҥуоҕа Кириһээттэр аҕа ууһунан түөлбэлээн олорбут Тумул нэһилиэгин биир саамай көстүүлээх сиригэр Үрдүк Кытылга кистэммитэ.
Аҕам Родион Алексеевич ийэбинээн Евдокия Владимировна Слепцовалыын (төрдө Чкалов) 15 оҕоломмуттарыттан 5 оҕо тыыннаах хаалан, үөрэхтэнэн, үлэһит, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, аҕабытын ааттатан этэҥҥэ үлэлии сылдьар ыччаттардааҕынан астынабын. Билигин бииргэ төрөөбүттэртэн мин соҕотох хаалан быйыл 85 сааспынтуолбутум. Аҕабытын үйэтитэр үөрүүлээх күҥҥэ тиийбиппиттэн олус диэн үөрэбин.
Кини үөрэппит оҕолоро улахан үлэһит, ытыктанар дьон буолбуттара. Ол иһигэр наукаҕа да ситиһиилээх үлэһиттэр бааллар. Холобур: Христофоров Тимофей Иванович — ССРС геодезияҕа уонна картографияҕа туйгуна, Архипов Иван Иннокентьевич — «Бочуот Знага» уордьан кавалера, Христофоров Петр Ильич — РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Архипов Петр Петрович — өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна, Соловьёв Тимофей Николаевич — учуонай, ХИФУ профессора, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Семёнова Мария Дмитриевна — Тумул нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх кинигэлэр ааптардара. Үөрэппит оҕолоро — Кононов Родион Дмитриевич, Христофорова Зоя Ивановна, Каженкина (Христофорова) Людмила Ивановна, Белых Зоя Васильевна, Лотова (Герасимова) Мотрёна Егоровна, Захаров Роберт Константинович, Емельянов Иван Софронович, Тумул нэһилиэгин ытык олохтооҕо Громов Николай Иванович, Белых Евдокия Васильевна уо.д.а дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар үтүө үлэһиттэр, ытыктанар дьоннор. Төһө да үгүс сыллар ааспыттарын иһин, билиҥҥэ диэри аҕабытыгар үөрэммит оҕолор махтаналларыттан, ахтан-санаан ааһалларыттан олус диэн астынабын.
Аҕабыт аата умнуллубатын туһугар Тумул оскуолатыгар үгүс үлэ барар. Ол курдук, биһиги оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта сүбэлэһэн, 2011 сылтан саҕалаан, сыл аайы үөрэх дьыла түмүктэниитигэр оскуола икки бастыҥ үөрэнээччитигэр Родион Алексеевич аатынан стипендия туттарабыт. 2013 сылтан оскуола саха тылын литературатын учуутала Ипполитова Сардана Афанасьевна иилээн-саҕалаан тэрийиитинэн улуустааҕы Христофоровскай ааҕыылар тэрээһиннээхтик ыытыллаллар.
Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн 2023 сыл алтынны 5 күнүгэр Тумул ситэтэ суох орто оскуолатыгар аҕабыт, эһэбит Родион Алексеевич өр сылларга учууталлаабыт оскуолатыгар чиэстээн-бочуоттаан мемориальнай дуосканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт. Олохтоох дьаһалта баһылыга Сахаяна Лукина, оскуола коллектива (директор Николай Гаврильев), нэһилиэк депутаттара, олохтоохторо туруорсууларынан 2023 сылга Хаҥалас улууһун депутаттара (председатель Анатолий Антонов) биир санаанан куоластаан Родион Алексеевич Христофоров аата үйэтиллэн, Тумул оскуолатыгар иҥэрилиннэ. Онон биһиги үөрүүбүт муҥура суох, ис сүрэхпиттэн дьоммор—сэргэбэр махтанабын.
Быйылгы сылынан туһанан, Ородьуус сиэннэрэ эһэлэриттэн, Родион Алексеевич Христофоровтан силистэнэн-мутуктанан учуутал идэтин баһылаан үлэлээбит, билигин даҕаны үлэлии да сылдьар Кириһээн төрдүлээх аймахтарбытын испииһэктээтибит уонна педагогическай ыстаастарын аахтыбыт. Ааҕыы түмүгэ көрдөрөрүнэн, эһэбит суолун батыспыт 350-тан тахса аймах дьоммут учуутал идэтин талбыттар эбит, педагогическай ыстаастара холбоон 1010 сыл диэн ааҕылынна. Билигин даҕаны чопчуланар үлэ ыытыллан бара турар.
Төрөөбүт Тумулун нэһилиэгэр билиини—көрүүнү сахпыт, үтүөҕэ—кэрэҕэ угуйбут сэмэй майгылаах аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Родион Алексеевич Христофоров олорбут олоҕо биир дойдулаахтарыгар, эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолуо диэн эрэнэбин.
Суруйдубут Родион Алексеевич кыыһа Елизавета Копырина (Христофорова), ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха республикатын министерствотын доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ, (1938 с.т., сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, ахсынньы 28 күнэ, 2023 сыла Дьокуускай к.)