Сибэкки тааска да тыллар…
Бу күн ахтан-санаан ааһыаҕыҥ Ленинградтааҕы театральнай институт Саха студиятын 34 эдэркээн устудьуоннарын, кинилэр ортолоругар Хаҥаластан аҕысталааннаах ыччаттарбытын!
Ленинград… Пискаревскай кылабыыһа… Маҥ-маҥан хатыҥчааннарга кыһыл хаалтыстар бааллан тураллар… Отуттан тахса сыллааҕыта көрбүт хартыынам харахпар бу баардыы көстөр. Оо, элбэх да киһи Ийэ дойдуну, улуу Ленин куоратын фащистартан туруулаһан сырдык тыына быстыбыт. Ол иһигэр биһиги ыраас санаанан салайтаран искусство кэрэ эйгэтигэр уһуйулла барбыт эдэркээн ыччаттарбыт. Өстөөхтөрбүт билигин эмиэ төбөлөрүн көтөҕөн төрөөбүт түөлбэбитигэр, аны саҥа ыччаттарбытыгар дураһыйаллар. Суох! Ити сидьиҥ дьыала хатыланыа суоҕа!
Быйыл күһүн кыраайы үөрэтээччи үтүөкэннээх учуутал, бу Ленинградка үөрэнэ барбыт ыччаттар ортолоругар чугас киһитин Петр Ноговицыны үйэтитэн кэлбит Прокопий Ноговицын иһитиннэриитинэн тэристэн туран «Айар» кинигэ кыһатыгар саҥа тахсыбыт «Театр. Якутия. Ленинград» дьоһун кинигэни сакаастаан ылтым. Ахтыылары аахтым, долгуйа, харааста, киэн тутта. Бу суруллар устудьуоннар ортолоругар мин бэркэ билэр киһим, кэргэним таайа, биллиилээх суруйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Хаҥалас улууһун «Хаҥаластар буолабыт» диэн өрөгөй ырыатын тылларын ааптара Георгий Иванович Борисов баара эбээт. Биир кэмҥэ кинини кытары «Эдэр коммунист» хаһыакка үлэлии сылдьыбыттааҕым. Саха тыйаатырын аан бастаан билиһиннэрбит киһим эмиэ кини этэ. Саҥа кинигэҕэ кини суруйуулара, студиец туһунан суруналыыс Татьяна Обулахова ыстатыйата киирбитин көрөн астынным. Элбэҕи эбии биллим, иҥэринним, ыччаттарбар тириэртим. Георгий Борисов үөрэнэ сылдьан сымыйа донуоһунан икки саха уолаттарын кытары балыырга түбэһэн уон сыл хаайыыга, биэс сыл сыылкаҕа сылдьан кэлбит, ол эрээри олоххо эрэлин сүтэрбэтэх, кырдьар сааһыгар түөрт улахан кинигэни бу ыарахан сыллар уонна олоҕун туһунан суруйан хаалларбыт киһи.
Туолбатах ыра санаа
Киһи долгуйбакка эрэ аахпат кинигэтэ. Бэлэмнээн таһаарааччыларга — Ефим Степановка, АлександраАржаковаҕа, Сардаана Алексееваҕа, Саргылана Старостинаҕа, бары кыттыспыт, үбүлээбит, өйөөбүт дьоҥҥо барҕа махтал буоллун!
Ленинградка үөрэнэ барбыт устудьуоннар ортолоругар Хаҥаластан Георгий Борисовтан Петр Ноговицынтан ураты Ксения Гаврильева, Пелагея Борисова, Вера Павлова, Макар Гаврильев, Евдокия Самсонова баар этилэр, ону сэргэ — биһиги улууска олохсуйбут, ССРС Малай театрын иһинэн үлэлиир М.С Шепкин аатынан Москватааҕы театральнай училище выпускнигын, Саха АССР үтүөлээх артыыһын, элбэх киинэлэргэ уһуллубут, театр сыанатыгар чаҕылхай оруоллары толорбут Спартак Петрович Федотов убайа, сэрии бастакы күнүттэн өстөөхтөрү кыдыйыыга кыттыбыт, билиэҥҥэ түбэһэн Польша сиригэр концентрационнай лааҕырга түбэһэн сылдьыбыт Иван Федотов.
Хаҥаласка бу театральнай студия устудьуоннарын аатын үйэтитиигэ кэлин сылларга балай эмэ үлэ барда. Кыайыы 75 сылын көрсө култуура туйгуна Галина Семенова салайыытынан олохтоох самодеятельнай худуоһунньуктартүрдьэ-уруһуйдарынан саҥа арыллыбыт Набережнайбытыгар, улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ, нэһилиэктэрбитигэр быыстапкалара тэриллибиттэрэ,улууспут хаһыатыгар ахтыылар бэчээттэммиттэрэ, оскуолаларга аһаҕас уруоктар ыытыллыбыттара.
Умнубаппын икки сыллааҕыта ыам ыйын 6 күнүгэр бибилэтиэкэбит саҥа дьиэтигэр буолан ааспыт быыстапкалаах истиҥ биэчэри. Элбэҕи да кэпсиир айымньылар бааллара: «Вечная любовь» Макар Гаврильев уонна Настя Ларионова тапталларыгар, «Сбывшаяся мечта» диэн Иван Федотовка анаммыт, Галина Семенова буойун «Петр Ноговицын» о.д.а. хартыыналары. Бу күн студияҕа үөрэммит, ынырык сэрииттэн кэрэгэй дьылҕаламмыт дьоннорун тустарынан аймахтара харах уулаах хараастан туран кэпсииллэрин, архыыптарга үлэлээн, ахтыылары хомуйан, литератураны хасыһан үөрэтэн-чинчийэн бэйэлэрин үлэлэригэр ытык дьоннорун хоһуйбуттарын, сэдэх хаартыскаларын, суруктарын көрдөрбүттэрин. Маннык түгэннэр өйгө-санааҕа сүппэттии хатаналлар.Улахан Аантан, Нөмүгүттэн, Дьокуускайтан, Покровскайтан о.д.а. сирдэртэн аймахтар кэлэн ахтыылары оҥорбуттара хатыламмат түгэн буоллаҕа.
Онтон бу саҥа тахсыбыт кинигэ итинник тэрээһиннэри ситэрэн-хоторон биэрэр. Георгий Борисов ахтыытыгарМакар Гаврильевы кытары Даркылаахтан ыраах Ленин куоратыгар дойдуларыттан үөрэнэ барар быраһаайдаһар түгэннэрин аааҕан хараххар бу көрөн ылаҕын, эмиэ да дьолунан сыдьаайа үөрбүт, ол быыһыгар саҥа биллибэт олоххо аттанар эдэр уолаттаргын, бараары турдахтарынабүрээт уолаттара көрсөн бу тыа сириттэн сылдьар ыччаттар сорохторо нууччалыы да аанньа билбэт эбиттэрин көрөн хайдах үөрэниэхтэригэр долгуйан саҥарбыттарын… Эчи үчүгэйин, суруйааччы Убайбыт уустаан-ураннаан суруйан хаалларбыта!
Курус тыыннаах эрээри эрэл кыымнаах кинигэ. Анардас биир дойдулаахпыт Сэбиэскэй былаас көмүскэлигэр сырдык тыынын биэрбит кыһыл партизан кыыһа Ксения Васильевна Гаврильева ол күннээҕи дневниктэриттэн суруйуулары, эбэтэр ити «Сибэкки тааска да тыллар» диэн төбөлөөх ахтыыга Настя Старостина Гоша Чусовскойгабэйэтин кыра өлүү килиэбин илдьэ киирбитин, «ол гынан баран Гошаҕа килиэп наадата суох буолбута” диэн кини туһунан үөрэппит педагога Евгения Леповская суруйуутун,араас хаһыаттартан биһиги билиибитин кэҥэтэр ыстатыйалары киллэрбиттэрин. .Анастасия Старостина бэйэтин ахтыыларын — таанканы тохтотор хаһыыларга өстөөх буомбатын аннынан үлэлииллэрин, сөмөлүөттэр аастахтарына куоракка турар баһаардары умуруорууга сылдьалларын, дьон хоргуйан өлүүтүн, эвакуацияны. Таня Монастырева «Сөбүлүүр ырыабын ыллааҥ эрэ, кыргыттар…» диэн тиһэх көрдөһүүтүн уонна студия уолаттара сэриигэ кыттыыларын о.д.а. Хас биирдии суруйууга — хорсун саха ыччаттара ханнык даҕаны ыар кэмҥэ Киһи быһыытынан майгыларын-сигилилэрин сүтэрбэтэхтэрин, норуоппут Кыайыытыгар бигэ эрэллэрин,«Модун студия» диэн ааттанан норуокка хаалбыттарын. Ама да ааспытын иһин… ааҕарга олус ыарахан. Ол эрээри ааҕыахха наада, аны итинниги ыччаттарбыт хаһан даҕаны билбэттэрин туһугар. Бу 34 саха чулуу ыччатыттан 16-та эрэ дойдутугар эргиллибитэ…
Чинчийии үлэтэ салҕанар
Аҕыйах хонуктааҕыта Прокопий Ноговицын олохтоох түмэлбит батсаап бөлөҕөр сонунун үллэһиннэ. Ленинград төгүрүктээһинин 80 сылын көрсө аймахтарыттан саҥа хаартыскалар көстүбүттэрин суруйда. Петр Ноговицын 1941 сыллаахха Ленинград куораттан курдук уонна… билиҥҥээҥҥэ диэри харалла сытар инитэ Романныын сэрии иннигэр түспүт хаартыската баарын. Студиец Петр Ноговицын 1941 сыл балаҕан ыйыгар «Невскэй пятачокка«ополченец быһыытынан, кэлин радиһынан, онтон бааһырыы кэнниттэн эмтэнэн баран пехотаҕа сэриилэспитин. Уонна Прокопий аҕата Роман Прокопьевич, 1911 сыллаах төрүөх, сылгыһыт, сэриигэ снайпердар инструктордарынан сылдьыбыт фронтовик Селекционнайга олорбут суруйааччы Иван Гоголевы кытары бииргэ бултуулларын. Оччолорго Уйбаан оҕолорго саҥа тахсыбыт хоһооннорун көрдөрөрүн, бултуу сылдьан аҕатынаан элбэхтик кэпсэппит буолуохтаахтарын, аҕата быраатын туһунан кэпсээн ити «Кэрэни көмүскэлгэ» сурулларыгар олук буолта да буолуон, драманы илиинэн суруйуутун булан көрүөх баҕа улаханын, бука онно Петр да уобараһа баара буолуон сөбүн суруйда. “Көрбүт, булбут киһи бэчээттииргэ турунуо этибит, библиотекаларбытын кытары, ахмахтарын кыргыттарын кытта кэпсэтэн” диэн ааспыттаах. Хаартыскаттан көрдөххө,кырасыабай да сэбэрэлээх, өйдөөх харахтаах саха дьоһун уола эбит, Петр Ноговицын, элбэҕи эрэннэрэр оччотооҕуга дойдубутун көмүскэспит хорсун киһибит. Бу курдук студиецтарбыт тустарынан кинилэр ыччаттара, чугас дьонноро, кыраайы үөрэтээччилэрбит чинчийиилэрин салгыыллара үөрдэр. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат, ол иһигэр оччотооҕу Ленинград олохтоохторун хорсун суоллара эмиэ.
Людмила Аммосова.