Бүгүн Покровскай куоракка «Саргы Түһүлгэтэ» норуот айымньытын Киинин Н.М. Засимов аатынан хартыына галереятыгар «Туостан поэтика» диэн Доруобуйа харыстабылын туйгуна, норуот маастара, Россия худуоһунньуктарын айар Сойууһун чилиэнэ, Бүтүн Россиятааҕы быыстапка киинин – «Лауреат ВВЦ” мэтээл хаһаайына, Туймаада Ыһыаҕын Гран-При «Дархан Уус» үрдүк аатын ылбыт Павел Павлович Гермогенов төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт быыстапката арылынна.

Үтүө киһи үлэлэрин быыстапкатын кэргэнэ Галина Ивановна, оҕолоро Марина Павловна, Харитина Павловна, Петр Павлович уонна хартыына галереятын төрүттээччи, сүрүннээччи СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Александровна Засимова о.д.а. көмөлөөн, сүүрэн-көтөн тэрийдилэр.

Үөрүүлээх, долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Павел Павлович үлэлэрин сэҥээрэр, сүгүрүйэр элбэх киһи тоҕуоруһа мустан сырытта, маастар туһунан ахтан-санаан аастылар, бас-көс киһилэрэ баарын курдук баар кыһалҕаларын этиннилэр. Айылҕаттан айдарыылаах, тарбаҕар уһулуччу талааннаах уус, мындыр өйдөөх үтүөкэн киһилэрин дьон-сэргэ билигин да ахтар, суохтуур эбит.

Павел Гермогенов 1944 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр II Дьөппөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1966 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1972 с үрдүк үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт-үөскээбит улууһугар бастаан фтизиатр-бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Улууска доруобуйа харыстабылыгар 20 сыл устата үлэлээбит кэмигэр оройуоннааҕы тубдиспансеры салайбыта, Орджоникидзевскай оройуон киин балыыһатын кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ. 1996 сыллаахха Хаҥаластааҕы Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагогунан үлэҕэ киирбитэ уонна «Туос» диэн оҕо студиятын тэрийбитэ. Кини үөрэнээччилэрин үлэлэрэ «Просторы Севера» (1977 с.), «Радуга Севера» (2000 с.) Бүтүн Россиятааҕы быыстапкалар каталогтарыгар суруллубута. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа, тас дойдуга Монголияҕа, ону сэргэ Бурятия, Тува өрөспүүбүлүкэлэригэр норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаларга көрдөрүүгэ турбуттара. Хаҥалас улууһугар тимир, мас, көмүс уустарын, иистэнньэҥнэри түмэн «Уран» холбоһугу төрүттээбитэ.


Киһи олоҕун оҥкулун, инники дьылҕатын бэйэтэ оҥостор. Павел Павлович киһи быһыытынан дириҥ өйдөөх, үтүө санаалаах, дьаныардаах үлэһит, эрэллээх бигэ доҕор этэ диэн ахталлар. Бииргэ үлэлээбит үөлээннээх-маастардарыгар, педагогтарга, үөрэнээччилэригэр уонна кинини батыһааччыларга сүдү авторитеттааҕа. Элбэхтик маастар-кылаастары ыытара, айар-уһанар дьоҥҥо анаан, хас да үөрэтэр хомуурунньуктары бэлэмнээн, бэчээттэтэн хаалларбыта күн бүгүнүгэр дылы туһалыы тураллар. Айан-тутан хаалларбыт ураты быһыылаах-көрүҥнээх үлэлэрэ сылаастар, сырдыктар. Ураты кэрэ көстүүлээх сөҕүмэр үлэлэрэ туостан эрэ буолбакка, мастан, кылтан, түүттэн бааллар. Эмчит киһи, эмтээх мастан, хатыҥ туоһуттан оҥорбут иһиттэрэ-маллара эмтии, ыраастыы, арчылыы турарга дылылар. Кини үлэлэрэ көрөөччүлэри абылыыр күүстээхтэр. Уһуйбут, үөрэппит үөрэнээччилэрэ үлэтин утумнаан салгыыллар.

Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.