Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» байыаннай таҥас тигиитин кэтэхтэн күрэх муниципальнай түһүмэҕэ түмүктэннэ. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, биһиги улууспутуттан Покровскай куорат, Хачыкаат уонна Нөмүгү нэһилиэгин волонтер дьахталлара бу түөрт күн устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тигинэччи үлэлээтилэр.
Куонкурус балаһыанньатынан 10 араас көрүҥ таҥас киирэр «Эр хоһуун» диэн аатынан биллэр, байыастар сөбүлээн кэтэр кэмпилиэктэрин бэлэмнээтилэр. Ол курдук, биир кэмпилиэккэ х/б көстүүм, чараас көстүүм, флис толстовка, футболка, тактическай ырбаахы, флис бэргэһэ, снуд, куллуку, стеганай куртка уонна сахалыы харысхаллаах рюкзак киирсэр.
Покровскай иистэнньэҥнэрин салайааччылара Альбина Лукина буолар. Кини ааспыт сыл атырдьах ыйыгар Дьокуускайга Технопаркаҕа баар «Илии сылааһа» иис сыаҕар тиийэн маннык байыаннай таҥаһы тигэргэ үөрэнэн кэлбит уонна биир санаалаахтарын түмэн, Покровскайга филиал арыйан, «Союзка» улуус дьаһалта анаабыт кабинетыгар мастарыскыайданан үлэлии олороллор.
— Күрэскэ биэс буолан — бэйэм, уҥа илиим диэн ааттыыр киһим Зоя Семенова, таҥас быһааччы Анисья Фадеева, иистэнньэҥнэр Татьяна Наумова, Наталья Афанасьева кытынныбыт.
Бары биэнсийэлээхпит, ол да буоллар сүрэхпит баҕатынан ыраах сиргэ сылдьар байыастарга көмөлөһөр санааттан бу иистэнэбит. Алтынньы ыйтан номнуо 20-тэн тахса бэйэбит улууспут уолаттарын толору таҥыннардыбыт, ииспит ордугун өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка ыыта турабыт.
Түгэнинэн туһанан, иистэнэр дьоҕурдаах, көмөлөһүөн баҕалаахтары бэйэбит түмсүүбүтүгэр ыҥырабыт. Биллэн турар, волонтерскай хамсааһыҥҥа буор-босхо үлэлиибит. Бу куонкурус кэмигэр улууспут дьаһалтата кулердаах уунан, Покровскай куорат «Эдем», «Апельсин» Атыы дьиэлэрэ сылаас эбиэтинэн хааччыйбыттарыгар улаханнык махтанабыт, — диэн Альбина Петровна санаатын үллэһиннэ.
Оттон «Нөмүгү далбардара» хамаанданы дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Гуляева салайда, таҥас быһааччы Виктория Ноговицына уонна иистэнньэҥнэр — Сардана Ноева, Мария Григорьева, Олеся Реева кытыннылар.
— Нэһилиэкпит дьаһалтатын өйөбүлүнэн куонкуруска кытынныбыт. Баһылыкпыт Наум Устинов сылаас сиргэ үлэлээҥ диэн дьаһалта дьиэтигэр хос анаабыта, олохтоох урбаанньыты кэпсэтэннэр күнүскү аспытын хааччыйдылар. Биһиги сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри иистэннибит, сыралаах үлэ. Бириэмэбитигэр тигиллиэхтээх таҥаспытын бүтэрдибит. Эбээлэр, ийэлэр сылаас илиилэрин иминэн тикпит алгыстаах таҥастара оҕолорбутун арчылыа диэн эрэнэбит.
«Охтоохтон охтума,
Саалаахтан самныма,
Сахаҥ сирэ эрэнэр,
Сахаҥ сирэ кэтэһэр»
диэн хас биирдии таҥаспытын алҕаан тиктибит, — диэн Анастасия Николаевна кэпсээтэ.
Хачыкаат нэһилиэгиттэн Галина Нестерова салалтатынан таҥас быһааччы Туйара Олесова уонна иистэнньэҥнэр Ньургустана Васильева, Надежда Елисеева, Юлия Терентьева эмиэ хаачыстыбалаах сииги түһэрэн, маастарыстыбаларын, сатабылларын ууран туран үлэлээтилэр.
Бүгүн хамаандалар тигиллибит таҥастары Дьокуускайга киллэрэн туттараллар. Онно тэрийээччилэр таҥас кэмпилиэктэрин сыныйан көрүөхтэрэ, сыаналыахтара, хайа хамаанда салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ киирсэрин быһаарыахтара.
Ольга Гермогенова.