Саха литературатын элбэх биллэр суруйааччытын дьылҕата Хаҥалас улууһун кытта ситимнээх. Оттон саха литературатыгар Хаҥалас улууһун суруйааччыларын үөрэтии историята хайдаҕый?
Ол курдук 1989 с. программаҕа Исай Никифоров «Суор кыланар сиригэр» уонна «Саллааттар» диэн айымньылара кылаас таһынан ааҕыыга бэриллэ сылдьар этэ. 1996 сыллаах литература программатыгар баара суоҕа биир суруйааччы Степан Ефремов «Куорат кыргыттара» айымньыта 8 кылааска үөрэтиллэрэ ыйыллыбыт. Ол кэннэ 2017 сылга тахсыбыт СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ бигэргэппит «Төрөөбүт литература» үөрэх кинигэтигэр 8 кылааска Степан Ефремов «Ини-бии» драмата төннөн үөрэтиллэр буолбут уонна бу кинигэҕэ А.Е.Варламова-Айысхаана «Үргүөрдээх кэм үнүгэстэрэ» (роман I чааһа кылгатыллыбыта бэриллибит). 11 кылааска Павел Харитонов-Ойуку «Олох модьоҕото» сэһэнтэн быһа тардыы уонна Николай Калитин «Билгэ хаара» хоһооно киирбитэ. Хаттаан бэчээттэниигэ уларыйыы суох. Билигин Хаҥаластар Суруйааччы сойууһугар киирбит 14 суруйааччылаахпыт, ол иһигэр биир Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта.
Көрөрбүт курдук, оскуола программатыгар олохтоох суруйааччылар (Хаҥалас улууһун) бэрт аҕыйах айымньыларын быстах-остох, утума суох киирбит. Онон саха тылын, литературатын учууталын иннигэр бары аныгы ньыманы, ол иһигэр литература кыраайы үөрэтэр көрүҥүн туһанан олохтоох суруйааччылар тустарынан билиини хаҥатыыга болҕомто уурарбыт эрэйиллэр. Тиэкиһи кытта үлэҕэ суруйааччы тылын-өһүн уратытын таба көрөн, ырытарга, чинчийэргэ холонор сатабыл төрүттэрин олохтооһун буолар. Манна филологическай наука кандидата,Үөдэйтэн төрүттээх Тамара Петровна Самсонова учууталларга, үөрэнээччилэргэ аналлаах айымньыны ырытыыга көмө босуобуйатыгар тохтуур тоҕоостоох.
Хаҥалас суруйааччыларын айымньыларын ааҕыынытэрийиигэ, суруйааччы туһунан сөптөөх матырыйаалы, тиэкиһи булан тутта үөрэнэргэ көмөлөһүөхтэрэ интернет сайтар, электроннай библиотекалар: Хаҥалас кииннэммит библиотекатын электроннай библиотекатын сайта: http://xang-biblio.ru, Саха өрөспүүбүлүкэтин национальнайбиблиотекатын сайта: http://nlrs.ru
2007 сылтан үөрэнээччи билиитин дириҥэтэр соруктаах “Хаҥалас суруйааччылара” элективнэй куурус программатын оҥорон үлэлиибин. Бу программа чэрчитинэн аһаҕас уруоктары улууска, “Төрүт тыллар” сайтка уһулан укпуттара. Программа биир түһүмэҕэ «Айар ыллык» диэн ааттанан оҕо айарга холоноругар, тылын-өһүн сыаналанарыгар, алҕастарын булан чочуйарыгар, тупсарыгар көмөлөһүү буолар. Оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи араас бырайыактарга кыттан миэстэлэһэн, айымньылара өрөпүүбүлүкэ сурунаалларыгар, кинигэҕэ бэчээттэнэр кыахтаналлар. 2023 сылга «Саха этигэн тыла» сырдатар-чинчийэр бырайыак (ааптар Кузьмина А.А) чэрчитинэн хас да тэрээһиҥҥэ кытынныбыт. Үөрэнээччилэргэ, ыччакка аналлаах сахалыы ыстатыйаны уонна кэпсээни суруйууга «Өбүгэ үөрэҕэ — омук баайа» күрэскэ 6 кылаас оҕолоро «Үөдэй Боотур уонна Хайа иччитэ» диэн остуоруйа айан, 11 кылаас үөрэнээччитэ Кирилл Филиппов эһэтин туһунан ыстатыйа суруйан кыттан кыайыылаах аатын ыллылар. Маны тэҥэ бу күрэскэ үс устудьуон оҕолорбут Сергей Изотов, Айтал Егоров, Иннокентий Филиппов айылҕа харыстабылын, баһаар иэдээнин туһунан ыстатыйалара миэстэлэспитэ. Маны тэҥэ оҕолор улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара ыытар айар үлэ күрэхтэригэр эмиэ кытталлар. 2022 сылга суруналыыс Афанасий Яковлев аатынан бириэмийэ ылбыттара.
2021-2022 үөрэх сылыттан Хаҥалас суруйааччыларын айымньытын киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сыаллаах “Хаҥалас суруйааччылара” аудио-ханаалы оҕолору кытта үлэлэтэн саҕалаабыппыт. Манна олохтоох суруйааччылар айымньыларын оҕолор аахпыттарын уган иһэбит.
Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэнчээри ыччаккыттан ыйыт диэн уос номоҕо баар. Бу этиигэ духуобунай баайбытын ыччакка иҥэрэр иэс туһунан кэс тыл иҥэн сылдьар. Эн, Хаҥалас эдэр киһитэ, төрөөбүт төрүт дойдуҥ буоруттан силистэнэн — мутуктанан, нэлэһийэ устар Өлүөнэ эбэҥ уутун иһэн, очуос таастар дьикти дьайыыларын билэн, эн хаамар суолгунан айаннаан ааспыт айар куттаах дьон, суруйааччылар, тустарынан билэргэ дьулус, айымньыларын аах.
Туйаара Самсонова, Үөдэй орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала.