Мин сахалыы тыллаах, сахалыы толкуйдаах, сахалыы дьарыктаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэбин. Күн сирин көрүөхпүтүттэн төрөөбүт сахабыт тылын биһиги төрөппүттэрбититтэн иһиттэхпит, онтон олус үөрэбит, сыаналыыбыт.
Бииргэ төрөөбүт үспүт, бары сахалыы холкутук саҥарабыт, сахалыы кылааска үөрэнэбит. Төрөппүттэрбит биһигини төгүрүччү сайдыылаах, дойдубутугар бэриниилээх, сахалыы толкуйдаах буола улаатарбытыгар болҕомтолорун уураллар. Иллэҥ кэммитигэр дьарыктаах, бириэмэни халтайга ыыппаппытыгар сүбэлээччилэр. Дьиэ кэргэммитигэр эбэбит, эһэбит сахалыы үгэскэ, итэҕэлгэ куруутун сүбэ-ама буолаллар. Бырааттарбын аҕам, эһэм булт бары кистэлэҥнэригэр үөрэтэллэр, ынах, сылгы сүөһүнү астыырга кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар, бырааттарым дьонум баар суох көмөлөһөөччүлэрэ буолаллар. Үлэттэн куттамматтар, идэһэ күүтүүлээх уонна үөрүүлээх кэрэ кэм буоларын өйдүүллэр.
Аҕалаах ийэбит кыра эрдэхпититтэн улахан болҕомтолорун Ийэ тылбытынан кэпсэтэрбитигэр болҕомтолорун уураллар, сахалыы иитиллэрбит олохпутугар кэлин туһалыа диэн өйдөөх-санаалаах улаатабыт.
Мин бэйэм холкутук сахалыы астары ыарырҕаппакка хайдах баҕар астыыбын, олох кыра эрдэхпиттэн ийэлээх эбэм хайдах астыылларын көрө улааппытым, үтүө сүбэлэрин чугастык ылынааччыбын. Иллэҥ кэммэр бэйэм астыыбын, дьоннорбун астаабыт аспынан күндүлүүбүн. Сахалыы ас саха дьонугар ордук туох иҥэмтиэлээҕин билэ-көрө сатыыбын, ааҕабын, үөрэтэбин.
Бииргэ төрөөбүттэр дьоммутугар көмөлөһө сылдьан билбэт сахалыы тылбытын истэн, кэлин күннээҕи олохпутугар туттарга кыһаллабыт. Ийэ тылбыт саппааһа ити курдук кыралаан эбиллэр.
Дьиэ кэргэнинэн спордунан дьарыктанабыт, ордук сөбүлээн остуол оонньуутун хабылыгы, хаамысканы сөбүлээн оонньуубут, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттааччыбыт. Сахалыы спорт араас көрүҥнэригэр оскуолам чиэһин төһө кыалларынан көмүскээччибин.
Ийэм кыра эрдэхпинэ хомус тардарга үөрэппитэ, хомуспун ханна да сырыттарбын өрүү илдьэ сылдьабын, ыллым да араас көрсүһүүлэргэ, тэрээһиннэргэ тардабын, чугас дьүөгэм курдук саныыбын. Хомуһум өрүү мин аттыбар…
Оскуолабар сахабыт тыла сайдыытыгар бэйэм үлэлэһэрбиттэн үөрэбин, “Күн” оҕо тэрилтэтин уопсастыбатыгар үлэлэһэбин, тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри ыытыһабын, туох саҥа үлэ ыытыллыбытын төрөппүттэрбэр кэпсиибин. Кыра эрдэхпититтэн дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы иитиллибиппититтэн биһиги бииргэ төрөөбүттэр дьоллоохпут.
Сайаана ЕРЕМЕЕВА, “Ыллык”юнкоровскай куруһуок чилиэнэ, Покровскай 1-кы №-дээх орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.