Олунньу 10 күнүгэр Покровскай куоракка «Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ»- Ийэ тыл күнүгэр аналлаах үөрэнээччилэргэ улуустааҕы бэстибээлгэ кытта 4 оҕону саха тылын учуутала Раиса Скрябина илдьэ сырытта. Оҕо элбэҕин көрөн сөхтүм, долгуйдум.
Оһуохай күрэҕэр «Кэскиллээх этээччи» аатын 9 кылаас үөрэнээччитэ Уля Шепелева ылла. «Уус-уран ааҕыы» күрэххэ Артур Софронов (6 кылаас) бастаата, «Хаҥалас номохторо, үһүйээннэрэ…» ойуу күрэҕэр Тося Теренюк (8 кылаас), Сережа Илларионов (7 кылаас), Артур Софронов (6 кылаас), Лена Слепцова (9 кылаас) бастакы миэстэни ыллылар. «Өрүөл кэриэһэ» хоһоон ааҕыытыгар — Артур Софронов бастаата. Мин «Үрдүккэ көтүт, төрөөбүт төрүт тылым»- өркөн өй оонньуутугар биһирэбили ыллым, салайааччым Майа Михайловна Кириллина. Тыйаатырэйгэҕэ «Бэйэм киэнэ» испэктээҕи оонньоотубут — Оля, Дьулус, Артур, Уля (салайааччыбыт Айсена Титова), биһирэбили ыллыбыт. Бу күрэххэ сылдьан элбэх оҕону кытта билсистим, көрдүм, иһиттим, учууталбар махтанабын. Оҕолоор, төрөөбүт тылгытынан саҥарыҥ, саҥаны билиҥ, сахалыы оонньуулары оонньооҥ.
Оля Гоголева, санаторнай оскуола 5 кылааһын үөрэнээччитэ, с. Тиит- Эбэ.