Педагог Прокопий Ноговицын: «Нуоралдьыма чараҥа», «Хара кыталык» сквердэрэ биһиэхэ да баар буолуохтара…»

Прокопий Романович, Ой орто оскуолатыгар бэҕэһээ өссө биир дьоһун тэрээһин буолан ааспыт. Үөрэххит кыһатыгар бииртэн биир кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр салҕана тураллар…

— Кырдьык, сэргэхтик олоробут. Оптуорунньукка  икки көлүөнэ көрүстэ.  Соторутааҕыта 75 сааһын туолбут Норуот суруйааччыта, биһиги оскуолабытыгар 1972-1975 сыллардаахха математика учууталынан үлэлии сылдьыбыт биллиилээх суруйааччы Николай Лугинов, «Таас тумус»  ааптара, бу айымньынан аан дойдуга биллибит «Тойон кыыл» киинэ режиссера Эдуард Новиков, ону сэргэ «Надо мною солнце  не садится« режиссера, оскуолабыт выпускнига Любовь Борисова, өрүү биһиэхэ сылдьар  бу киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Степан Петров, «Не хороните меня без Ивана» киинэ дьоруойа, оскуолабыт технологияҕа уонна үлэ уруогар учуутала Александр Чыычаахап, ону сэргэ  Дьокуускайтан суруналыыстар, Покровскайтан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, бэтэрээнэрбит. Олус истиҥ  киинэ буолбут айымньыларынан  сиэттэрэн көрсүһүүттан бары даҕаны астынныбыт.

Ыалдьыттарбытыгар үөрэнээччилэр  элбэх ыйытыылаах буоллулар, айымньы, киннэ хайдах, туох санааттан айыллан  тахсыбытыттан саҕалаан уһулуу түгэннэригэр тиийэ. Суруйааччы Николай Лугинов, режиссердар, артыыстар  кэпсээтилэр-ипсээтилэр. Николай Алексеевич «Таас тумус» айымньыта  1987 сыллаахха фразцузскай тылынан тылбаастанан 1989, 1999 сыллардаахха аан дойдутааҕы бириэмийэлэри ылан турар,элбэх омук тылыгартылбаастаммыта. Бу айымньы аан дойдуга «Старик и море» диэн Эрнест Хемингуэй эбэтэр  Джеймс Олдридж «Послейдний дюйм» диэн күүстээх суруйууларын тэҥэ суолталаах. Киинэлэрбит үрдүк ситиһиилэммиттэрин билэн-көрөн сылдьабыт. Саха өрөспүүбүлүкэтин Общественнай палаататын чилиэннэрэ «Саха« НКИК  «Аал-Луук мас» устуудьуйатын салайааччыта, Сахабыт сирин  Духуобунаска Академиятын чилиэнэ, Платон Ойуунускайуонна Василий Никифоров-Күлүмнүүр ааттарынан судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара Евдокия Избекова, өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Президенин М.Е. Николаев  бибилэтиэкэ-архыыбын научнай үлэһитэ, блогер Николай Барамыгин, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Валентина Бочонина, «Сахабэчээт» СӨ САТ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана  Стручкова, киинэлэрбит режиссердара, артыыстара киһи кэрэхсиир кэпсээннэрин оҕолорбут, бары даҕаны, сэргии иһиттибит.

«Литературнай Эркээни« диэн бырайыакпытыгар таарыччы  «төгүрүк остуолланныбыт«, ыра санаабытын үллэһиннибит. Эрэнэбит, хайаан даҕаны  хатыҥ чараҥ тулалаах «Нуоралдьыма чараҥа« баар буолуон, биһиги кэрэ дойдубутугар айан-тутан олорбут норуот суруйааччыта Иван Гоголевка «Хара Кыталык» моонньоҕон уктардаах скверэ арыллыан, оҕолорго чулуу айымньылардаахфронтовик-суруйааччыларбыт доҕордуулар Исай Никифоров уонна Тимофей Сметанин   кэрэ чыычаах ырыатынан  арыалланар   ыскаамыйалара баар буолуохтарын…

Эҕэрдэлиибит Николай Алексеевичпытын — Нөмүгүбүт нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо ааттаммытынан! Айа-тута туруҥ, айар куттаах ытык дьоммут. Көрсүөххэ диэри!  

— Махтал, Прокопий Романович! Сэргэх хаартысканан дьүһүйүүлэргин көрөн сылдьыбыт саҕа сананныбыт.Үөрэтэр оҕолоргун тулалыыр кэрэ эйгэҕэр уһуйа тур!

Людмила Мордовская.

Прокопий Ноговицын хаартыскаҕа түһэриилэрэ.