Айыы Уола-Александр Самсоновка Дьокуускайга сквер тутуутугар көмө салҕанар

«Сэргэлээх уоттара» устудьуоннар култуура кииннэрэ  80-с сыллар  ыччаттарын кумирдарын  Айыы Уолун ырыаларын сүгүрүйээччилэри  түмтэ.  Эстрадаҕа сырдык  сулус буолан чаҕылыйан ааспыт Александр Самсонов аатыгар, ону сэргэ кинини ыччаты  Ийэ дойдуга бэрииниилээх буолууга, кэрэҕэ уһуйууга холобур оҥостон итиигэ туһаайыллыбыт сквер тутуутугар   көмө  кэнсиэргэ эдэрдиин-эмэнниин элбэх киһи муһунна.

Биэчэри Таисия Тобохова, Георгий  Белоусов иилээн-саҕалаан ыыттылар.  Бу киэһээ эстрада артыыстара Константин Степанов, Игорь Егоров, Далаана, Алексей Потапов, Кирилл  Матвеев, Синильга  о.д.а.,  Саша Самсонов биир дойдулааҕа  виртуоз-хомусчут Нарыйаана Ренанто, Хоточчуттан биллэн-көстөн эрэр ырыаһыппыт Петр Пестерев, ону сэргэ Улахан Аантан  төрүттээх  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Григорьева салайар Дьокуускайдааҕы Искусство оскуолатын «Сэргэчээн» образцовай үҥкүү кэлэктиибэ   ырыаны-үҥкүүнү бэлэхтээн үөртүлэр. Олус сиэдэрэй уот-күөс, клип  айымньылар ис хоһооннорун толорон биэрдилэр.

Бу  киэһээ  Айыы Уолун хоһоонугар  айыллыбыт  саҥа ырыаны биллиилээх мелодист, ырыаһыт Николай  Андросов бэлэхтээтэ. Кини олунньу 14-гэр Саха телевидениетыгар Айыы Уолугар сквер тутуллуутугар дьону түмэргэ аналлаах биһиги биир дойдулаахтарбыт Олег Колесов, Марина Кононова бэлэмнээн ыытар  «Талбан» биэриилэригэр Покровскайтан өрөспүүбүлүкэбит  култуура  үтүөлээх үлэһиттэрэ Василиса Романованы, Лидия  Харитонованы кытары кыттарбытыгар  бу туһунан иһитиннэрэн турар. Ити биэриигэ кыттыбыт дьон бу сквер Айыы Уолунан сирэйдээн бары кэрэни таптааччыларга ананарын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ, сүүрбэттэн тахса сыл уолчаанын кылгас олоҕун үйэтитиигэ ийэтэ Марфа Иннокентьевна сыратын бэлиэтээбиттэрэ уонна бар дьоннорун үтүө дьыалаҕа кыттыһарга ыҥырбыттара. Саала толору кэриэтэ  киһи кэлбитэ астыннарда, хас нүөмэр аайы ытыс тыаһа хабыллан олордо.

Айыы Уолун ийэтэ —  барыбытыгар үтүө холобур. Кини көҕүлээһининэн биир дойдулаахтара,   уолчаанын доҕотторун өйөбүлүнэн   бу сыллар тухары  эдэр ырыаһыттарга, үҥкүүһүттэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буола турда, Айыы Уолугар Улахан Ааҥҥа пааматынньыктаах сквер, олорбут дьиэтигэр түмэл арылыннылар,  хасдаҕаны кинигэ таҕыста, музыкальнай ыскаамыйа Покровскай Набережнайыгар туруорулунна, оннооҕор уус-уран киинэ тахсыбыта. Марфа Иннокентьевна сүүрэн-көтөн сир булан, докумуоннатан скверин бырайыагын оҥортордо.  Билигин аны бу дьыаланы тиһэҕэр тириэрдэргэ сыралаһа сылдьара ама  киһи сөҕөр дьаһаныыта буолбатдуо?  Туора турбаппыт эрэйиллэр! «Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон баҺылыга Олег Иринеев Айыы Уолугар сквер тутулларыгар 500 тыһыынчанан көмөлөһөбүт  диэн сертификат туттарбыта хайҕаллаах дьыала буолла.

Биэчэри түмүктээри туран Айыы Уолун ийэтэ Марфа Иннокентьевна мустубут дьоҥҥо, кыттыбыт артыыстарга, «Сэргэчээннэргэ», кэнсиэр буоларыгар спонсордаабыт тэрилтэлэргэ, ол иһигэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинин кэлэктиибигэр, биир дойдулаахтарыгар улахан-ааннарга, култуура үлэһиттэригэр махтал тылларын тириэртэ.

Көмөнү ыытыы салҕанар

Реквизиты для отправки денежных средств:

Банк получателя: Якутское отделение № 8603 ПАО Сбербанк

ИНН: 7707083893

КПП: 143502001

БИК: 049805609

Счет получателя: 40817810776000988162

Мобильный банк: 89143005924

Получатель: Марфа Иннокентьевна С. (мать Александра Самсонова-Айыы Уола).

Людмила АММОСОВА.