Бары билэрбит курдук, бастакы президеммит М.Е.Николаев 1996 сыллаахха олунньу 13 күнүн Ийэ тыл күнүнэн биллэрэргэ Ыйаах таһаарбыта. Ол чэрчитинэн, Хаҥалас улууһугар «Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ» диэн бэстибээл буолар. Бу тэрээһин ааптара — дьиҥ сахалыы тыыннаах, элбэх оҕоҕо география уруогар таптал кыымын сахпыт, билигин тиһигин быспакка учууталларга, үөрэнээччилэргэ анаан кыраайы үөрэтэр араас пособиелары оҥорор, нэһилиэгин историятин туһунан бар дьонугар кинигэ бэчээттээн таһаарар, удьуор утумун үөрэтэр, Тиит-Эбэттэн төрүттээх Капиталина Скрябина.
Быйыл Ийэ тылбытыгар анаммыт үөрүүлээх бырааһынньык Покровскай куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатыгар үрдүк таһымнаахтык ааста. Бэстибээлгэ 256 үөрэнээччи, 41 салайааччы ох курдук оҥостон, сахалыы таҥнан кэлбиттэриттэн сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Тэрээһини Аар Айыылыы алгыһынан педагог-библиотекарь Тамара Лебедева алҕаата, онтон оскуола директора РФ үөрэҕириитин туйгуна Сергей Владимиров үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда, Капиталина Гаврильевна кыттааччылары эҕэрдэлээн барыларыгар ситиһиини баҕарда.
Квиз-оонньууга
Үгэс буолбут бэстибээл уларыйбат түһүмэхтэригэр быйыл түргэн тургутук «Эллэй эһэбит эһиэкэйэ» (“квиз оонньуу”) киирбит.
Бэстибээл үгэс быһыытынан эһиэкэйинэн саҕаланна. Манна 5-11 кылаастартан 14 үөрэнээччи кытынна. Оҕолор куоластара чөллөр көйүнэн, таҥастара маанытынан, этэр этиилэрэ эгэлгэтинэн, оһуокай араас хаамыытын көрдөрөннөр, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдүлэр. Сыл аайы кыттаааччылар өссө тупсан, сайдан иһэллэрин бэлиэтии көрдүлэр. Биһиги оскуолабыт 6 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Уйгулаана Маркова (сал. Лебедева Т.Е) маннык улахан түһүлгэҕэ бастакытын кыттан Кэрэһит (сертификат) тутта.
«Олоҥхоһут оҕолор»
Күрэскэ 10 «а» кылаас үөрэнээччитэ Арчын Гермогенов (сал. Лебедева Т.Е.) үһүс миэстэҕэ таҕыста, онтон 7 кылаас уолаттара (сал. Менкярова Е.Р.) сахалыыттан нууччалыы тылбаастаммыт «Бөртө Боотур” олоҥхону толорон 4 миэстэҕэ тиксэн дьон сэҥээриитин ыллылар.
Түргэн тургутукка
«Төрөөбүт төрүт сахам тыла күдэҥҥэ көппөтүн, тыалга ыһыллыбатын, сүтэн симэлийбэтин» диэн түргэн тургутук күрэһигэр биһиги оскуолабытыттан икки хамаанда кыттан, бастакы хамаанда олус үчүгэйдик оонньоон, иккис миэстэни ылла.
«Уус-уран ааҕыы» күрэскэ
Оскуолабытыттан биирдиилээн ааҕаччыларга Давид Степанов, Артем Семенов, Айгылаан Латышев кытыннылар (сал. Е.Р Менкярова). Бу күрэскэ Артем Биһирэбил бэлиэннэн бэлиэтэннэ, Айгылаан иккис миэстэни орто саастаах ааҕааччылар ортолоругар ылла.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга уолаттар бөлөхтөрө Поисеев Е., Протодьяконов Д., Степанов Д., Семенов А., Суворов Д., Скрябин Э., Архипов Нь., Тобохов Р. Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонун үс тылынан аахтылар (сал. Менкярова Е.Р., Ядрихинская Н.М., Емельянова А.Н.). Кыра кылаастар ортолоругар 5 «а» кылаас уолаттара Дорожкин Д.,Заморщиков В., Яковлев А., Владимиров А., Мигалкин И.«Хомус тыаһа» хоһоонунан кытыннылар (сал. Менкярова Е.Р.).
«Саха тыла – мин төрөөбүт дойдум төрүт тыла»
Нуучча тыллаах оскуолалар үөрэнээччилэригэр өй өрөгөйүн оонньуутугар биһиги оскуолабыт чиэһин 5 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ Дорожкин Д., Заморщиков В., Яковлев А., Владимиров А., Монастырева А. көмүскээн бочуоттаах иккис миэстэҕэ тигистилэр.
3 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ Саша Гоголева уонна Инесса Новгородова «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн остуоруйанан пластилинынан ойуулук оҥорон Биһирэбилинэн бэлиэтэннилэр.
Уопсай түмүккэ бары көрүҥнэргэ кыттаммыт оскуолабыт бочуоттаах иккис миэстэни ыламмыт үөрүүбүт үрдээтэ. Кэлэн кыттыбыт ыалдьыттарбыт оскуола бары үлэһиттэригэр үрдүк таһымнаахтык тэрээһини тэрийбиппит иһин махтаннылар.
«Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ» бэстибээл сылтан сыл кэҥээн, сайдан, тупсан, саха тылын, култууратын билэр, таптыыр оҕолор ахсааннара элбээн истиннэр!
Елена Менкярова, Тамара Лебедева, Покровскай 2 №-дээх оскуолатын учууталлара.