«Умнуллубат утум. Ааспат ахтылҕан» кинигэ элбэх оҕолоох Борисовтарга ананна

Үлэһит үтүөтэ буолбут, өрөспүүбүлүкэбит  тыатын  хаһаайыстыбатын туйгуна Мария Борисова   бу кинигэтин төрөппүттэригэр  колхоз, совхоз боростуой  үлэһиттэригэр 5-с Малдьаҕар нэһилиэгин  олохтоохторугар Анна Романовна   уонна  Василий Павлович Борисовтарга   сүгүрүйэн, махтанан туран таһаарда.

Бу  саха сэмэй дьоно  алта оҕону атахтарыгар туруоран, үйэлэрин тухары кытаанах үлэҕэ  эриллэн сиргэ кэлбит аналларын толору толорон олохтон барбыттара балачча өр буолла  эрээри, ыччаттарыгар, алтыһан ааспыт дьонноругар умнуллубаттар.  Билигин төрдүнү-ууһу билиигэ дьулуһуу бара турар. Ол курдук Мария Борисова  ийэтэ Горнай улууһун Солоҕонуттан буоларын кэлин билэн, уруутун-аймаҕын билсэн утумун салгыыра хайҕаллаах дьыала.

Оччотооҕу элбэх оҕолоох бу Өрт сэлиэнньэтин Семеновтара баара суоҕа балтараа саастаах кыыстарын Аанчыгы Хаҥаласка Иһит нэһилиэгин оҕо турбат ыалыгар  Андреев Романнаахха ииттэрэ биэрбиттэр, онон Ааныс бииргэ төрөөбүттэрин кытары  олох сааһыран баран билсибитэ биллэр. 18 сааһын туолуута Кытыл Дьура Ньургунутун  31 саастаах огдообо киһиэхэ кэргэн тахсыбыта эрээри,  ол Сакердонов Федот Филиппович,  сэриигэ ыҥырыллан баран эргиллибэтэҕэ. Тоҕус сыл дойдутугар кэлиэ диэн кэтэспитэ туолбатаҕа, сэрии ыар сылларыгар сулумах буолан үлэ бөҕөтүгэр сылдьыбыта — мас кэрдиитэ, бурдук хомуура, дьаам  сүүрдүүтэ буоллун, үлэҕэ эриллибитэ. Ордук ыарахана диэн түүннэри  кэлэр почтаны, дьону сэргэ фронтан кэлэр бааһырбыт дьону өрүһүнэн таһыы буолара диэн ахтара (мин Анна Борисова туһунан хаһыаппар 2014 сыллаахха  Улуу кыайыы 70 сылын көрсө «Ыарахан олоҕу олорон» диэн ыстатыйаны суруйан турабын). Олус да барыга бары көхтөөх киһи этэ дьүөгэм ийэтэ. Бэлиэтиэ этим, олоххо дьулуурдааҕа — ыарахан үлэ, кыһалҕалаах олох түмүгэр өр сылларга хараҕынан ыалдьан көрбөт буолан эрэйдэммитэ даҕаны, оҕолорун көрүүтүгэр сылдьан  80 сааһын  туолан баран олохтон барбыта. Дьикти киһи этэ, Анна Романовна, хаһан да санаатын түһэрбэт, көрбөт да буоллар частушкатын тута сылдьар киһи этэ, норуот киһитэ. Оннооҕор бу күннэргэ үлэҕэ, олоххо холобур буолбут кырдьаҕас настаабынньыктарын Ааныһы санаан Кытыл Дьураттан минньигэр бөрүөгү о.д.а. кини сөбүлүүр  аһын астаан бииргэ алтыспыт дьоно ыыппыттара  барыбытын долгуппута — үтүө  өйдөбүт умнуллубат.  

Кыыһа Мария Васильевна дьонун 100 саастарын махтал тылларын этэн кинигэ таһаарбыта, онон сибээстээн чугас дьонун, ол иһигэр Горнайтан аймахтарын түмпүтэ,  ыччаттарыгар билиһиннэрбитэ, төрүччүтүтүн  таһаарбыта, биир дойдулаахтарын урукку олохторуттан истиҥник быктарбыта олус бэрт. Утум салҕаныа турдаҕа.

Людмила Аммосова.

Читайте дальше